Кырыыстаах таас. Тумарча

Читать онлайн.
Название Кырыыстаах таас
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-2733-0



Скачать книгу

хааман баһыахтаата. Онтуката эбии ыараан олус сыралаах буолла. Санаатыгар наһаа уһуннук айаннаата. Хаатыҥкатын курдат уу өтөн тымныынан хаарыйталаата. Уҥуоргу биэрэк чугаһаата. Күүһүн мунньунан эбии нэмийэн хамсанна. Төһө да ыксаатар тиһэх хардыыларын бэркэ сэрэнэн оҥортоото. Дьолго, охтубакка кытыыны булла. Тахсан хайыһарын уһулла. Хаарга үктэнэрин кытта хаатыҥкалара соҕох курдук мууһуран хааллылар. Омуна суох биирдии бэйэлэрэ боппууда ыйааһыннаннылар быһыылаах. Сафейка куругар иилинэ сылдьар быһаҕын таһааран бэрт тиэтэлинэн хаатыҥкаларын мууһун кыһыйда. Хайыһарын ыраастанна. Атаҕын устубута, куллуката, хата, улаханнык сытыйбатах быһыылаах, көннөрү сиик эрэ билиннэ. Хайыһарын үрдүгэр туран хааман көрбүтэ халтарыйбат. Иккистээн уһулан алын өттө бүтүннүү муус быдьына буолтун быһаҕынан кыһыйан, хаарынан сууралаан кылаадьылыы сатаата. Бу сырыыга арыый ордук халтарыйарга дылы буолла. Ити икки ардыгар күн хайа кэтэҕэр киирэн, хараҥа күлүк сабардаата. Халлаан эмискэ тымныйбыт курдук буолла. Сафейка тиэтэйдэ. Хараҥарыан иннинэ аналлаах сиригэр тиийдэҕинэ сатанар. Хаатыҥката кыһайбыттыы улам хам ылан истэ. Кини ирээри эрчимнээхтик тирэнэн хаамар. Айаннаары туран, төрүт даҕаны кырыымчык астарыттан, тиэтэйэн аанньа аһаабатаҕа, куртаҕа кураанахтанна. Сылайбытын сыыйа билинэн истэ.

      Сотору икки салаа арахсыытынааҕы тумус хайа тэллэҕэр кэллэ. Табалар суоллара хаҥас салааны тутуспут. Санаа хоту буоллар, эбээннэргэ диэри үс-түөрт эрэ биэрэстэ хаалбыт буолуон сөп. Сафейка кыратык тохтуу түһэн, тыын ылла, сүгэһэрин көннөрүннэ. Төһө кыалларынан харса суох хамсанан кэнникинэн ирэн, өссө тиритиэх курдук буолла. Сүүһүн көлөһүнэ бычыгыраан тахсыбытын сиэҕинэн дьукку сотунна. Бэргэһэтин сэгэччи өрө анньынна. Айанын салҕаан хаампытынан барда. Маһа суох сырыынньа хотоол сири өрө дабайда. Хобочооҥҥо түһэр дабаан саҕаланна. Быһаас Уолаҕа киирэн иһэн, эмиэ бу аартыгынан ааспыттара. Манна элбэх таба аһылыктаах сир буолан, саас аайы эбээннэр кэлэн тохтоон, табаларын уотан ааһар сурахтаахтара.

      Ыраах туман будулуйан көһүннэ. Сотору ыттар үрэн моргустулар. Сафейка чэпчээбиттии иһин түгэҕиттэн дириҥник өрө тыынна.

12

      Бориска түөрт ортолуу хаһыллыбыт шурфаларга толору уот отунна. Бэлэмнэммит чөмөх мастарыттан кыра тобох орпутун мыыммыттыы көрдө. Эбии мас булуннаҕына сатаныыһы. Чөҥөчөк үрдүгэр олоро түһэн, улахан санааҕа ыллардаҕына буоларыныы, киһи төбөтө ойуулаах таас хамсаҕа табах уурунна. Санаата наар Сафейка туһунан. Этэҥҥэ сылдьан, тугу эмэ булан кэллэҕинэ дьон буолаллар. Быйыл кыһын сүүрбэччэ иини хастылар. Сайын сууйуута уһуура буолуо. Онон хайдах эмэ гынан аһылыктарын хааччыннахтарына сатанар. Сааларын сэбэ аҕыйаата. Көтөрү дэлэйдик бултууллара аҕыйыыр.

      Табахтаан бүтэн, хамсатын күлүн дүлүҥ маска тэбээмэхтээт, саппыйатыгар суулаан сиэбигэр уктан кэбистэ. Күһүн Лөкөйтөн бэлэхтэппит хататын ылан сүгэтин биитин көннөрдө. Туран үрэх төрдүгэр үүммүт куруҥах мастар диэки хаамта.