Название | Кырыыстаах таас |
---|---|
Автор произведения | Тумарча |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2007 |
isbn | 978-5-7696-2733-0 |
Соҕотохто аттыгар аймалҕан буолла. Миитэрэй санаатыгар аралдьыйан тугу да билиминэ иһэн, көрө түспүтэ, үрэх тумус кумаҕар үөр хаас түһэн олорор эбит. Чугас баҕайылар. Сүүрбэччэ саһаан иһинэн быһыылаахтар. Миитэрэй аһара хаамтаран тумус күлүгэр киирдэ. Атыттан түһэн саатын илиитигэр ылла. Атын ойоҕоһугар сөрүөстэн кытыылыы соҕус эргийэ хаамтарда. Тохтоон көрдө. Сылаас кумахха сыламнаан, отучча хоҥор кураанах ыҥыырдаах акка кыһаллыбакка сорохторо утуйа, сорохторо түүлэрин-өҥнөрүн ыраастана олороллор. Дөрүн-дөрүн кэпсэтэн эрэрдии холкутук халыкынаһан ылаллар. Миитэрэй ханан киирэн ытарын сылыктыы олордо. Хойуу өттө кытылы батыһа олороллор эбит. Ону өйдөөмүнэ аһара хаамтаран кэбиспит. Билигин төттөрү эргиллэр кыаҕа суох. Көрүүһүктэр. Арай атын кэннинэн чугуттаҕына эрэ сатаныыһы. Биэс-алта хаамыыны чугуйдар сөптөөх туһаайыыны ылыа эбит. Балачча эрэйинэн туһааннаах сиригэр тиийдэ. Эмиэ тохтоото. Арыый тэйиччи буолла быһыылаах. Өссө кыратык киирэ түспүт киһи. Сэрэнэн иһирдьэ диэки хаамтарда. Дьэ, сөп буолара дуу. Үчүгэйдик олороллор. Аҕыс-сэттэ хаас хоһулаһан көстөр. Миитэрэй саатын өйөбүл атахтарыгар туруоран ыксаабакка холкутук маҥнайгы хааһы моонньун төрдүнэн кыҥаан элбэрээгин сыыйа төлө тарта. Сүллэр этиҥ сааллыбытыныы, саа күтүр үлүгэрдик төлө сөтөлүннэ. Ат хаһыҥырыы түһээт, туора ойдо да, тэһииниттэн иҥнэн тохтоото. Миитэрэй туран бүгү күннээххэ аны туһата бүппүт доруобун төргүүтүгэр баанна. Көппүт хаастар аймалаһан ырааттылар. Миитэрэй кытыл диэки көрбүтэ, хас да хаас хаптайбыт. Тиийбитэ биэстэр эбит. Бары тыла суох барбыттар. Хайдах баҕайыный, хоһо элбэххэ дылы этэ дии. Миитэрэй мыыммыт курдук бултарын ылан ыараҥнаппахтаан көрдө. Хата, эмис баҕайылар эбит. Хаастарын төргүүлэнэн түөртүүр ынах саҕана Муҥур үрүйэҕэ кэллэ. Дьиэ аана баттатыылаах. Дьонун үлэлии сырыттахтара диэн сэрэйдэ. Түһэн хаастарын сүөрэн дьиэҕэ киллэрдэ. Атын сыгынньахтаан баайан кэбистэ. Ыллыгы батыһан үрүйэни өрө өксөйдө. Арай ол иһэн өйдөөн көрбүтэ, үрүйэтэ буордаах уунан будулуйа уста сытар эбит. Хайа бу хайдаҕый? Миитэрэй олус дьиктиргээн, саҥа аллайда. Таайа сатыырдыы ол-бу диэки көрбөхтөөтө. Хантан бу буордаах уу кэлэрий? Халаан уута ааспыта быданнаата. Ардах эмиэ түһэ илик. Оннооҕор улахан үрэхтэр уулара билигин ыраас, уу түгэҕэ курдаттыы дьэрэлийэн көстөр буолбут кэмэ. Миитэрэй мунааран турбахтыы түһээт, суолун салгыы батыста. Сотору, били, бу кыһын ойууннуун көрбүт ииннэригэр кэллэ. Сорохторо, намыһах сиргэ хаһыллыбыт өттүлэрэ, уунан туолбуттар. Атыттара син кураанах эрээри айахтара сиҥнэн түһүтэлээн эрэллэр. Миитэрэй биири атыҥырыы көрдө. Били, бугул-бугул саҕа хаарынан сабыллан сытар чөмөх буордара суох буолбуттар. Ханна гыммыттара буолуой? Соһуччу таабырынныы, саарбахтыыр санаан кини өйүгэр кылам гынна. Арба, былырыын кэпсээтилэр этэ дуу, көмүс сууйуутугар үлэлээбиппит, манна көмүс сууйсан көрүөхпүтүн баҕарабыт диэн. Ол аата били ииннэртэн хостоммут буордары сууйар эбит буоллахтара. Тууй-сиэ, хайдах мааҕыҥҥыттан таайбатаҕай?