Кырыыстаах таас. Тумарча

Читать онлайн.
Название Кырыыстаах таас
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-2733-0



Скачать книгу

таайбыттыы салгыы саҥарда. – Быдан былыргыта киһи аймах туттар сэбэ-сэбиргэлэ өссө таас эрдэҕинэ, кинини үрэхтэр кытыыларыттан, таас харгылартан үгүстүк булаллара үһү. Оччолорго сир үрдүгэр ыһылла сытар көмүс дэлэй буолуохтаах. Кинини бастаан сүөһү иитэр көс омуктар булбуттар. Ол өйдөнөр. Мэччирэҥнээх сирдэри батыһан, хочоттон хочоҕо, өрүстэн өрүскэ көһө сылдьан, кинилэр килбэчигэс кэрэ өҥүнэн оонньуур тааһы ылан киэргэлгэ тутталлара. Кэнники харчы оҥостор буолбуттар. Онон былыр үйэҕэ сир үрдүнээҕи кыһыл көмүс хомуллан бүппүт. Кэнники сир анныттан хостуур идэлэммиттэр. Нуучча сиригэр кинини хойут булбуттар. Маҥнайгы балысхан көмүһү биһиги төрөөбүт дойдубутуттан, Уралтан, хостообуттара. Билигин даҕаны хостууллар.

      Бориска тохтоон, сойбут куруускалаах чэйин биир тыынынан түһэрэн кэбистэ. Тыастаахтык өрүтэ тыыммахтаата. Ырбаахытын сиэҕинэн уоһун сотунна. Лөкөй Бориска номохтуҥу кэпсээнин биһирээн иһиттэ. Хамсатыгар табах уурунан мас сыыһын ылан тимир оһохтон уматынна уонна холкутуйдаҕына буоларыныы, оһох иннинээҕи дүлүҥ олоппоско оллоонноон олорунан кэбистэ. Лөкөй истэрдии оҥостуммутун көрөн, Бориска кэпсээнин салҕаан барда.

      – Кыһыл көмүс көстүбүт сиригэр олохтоох дьон көлүөнэттэн көлүөнэ аайы муҥҥа-сорго түбэһэллэр. Кинилэр саастарын тухары хаатырга үлэтиттэн итэҕэһэ суох хабалаҕа сылдьаллар. Ону мин бэйэм эппинэн-хааммынан билбитим. Эһэм, аҕам саастарын тухары абааһы тыына иҥмит араҕас тааһын хостуу сүүһүнэн саһаан дириҥнээх, сиҥнэ турар үрүттээх, киһини тобугунан уулаах, хараҥа ииҥҥэ киирэн хара сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри сыыла сылдьан үлэлииллэрэ. Ол ыарахан үлэттэн сыыстаран сөтөл ыарыы буолан эдэр саастарыгар өлбүттэрэ. Мин аҕыстаахпыттан үлэлээбитим. Оҕолору таһырдьа үлэлэтэллэрэ. Аһаҕас халлаан анныгар силлиэни-ардаҕы аахсыбакка, таачыканан инчэҕэй буору таһарбыт. Таҥаһа суох буолан ордук кыһын иэдэйэрбит. Куруук туос аччык сылдьарбыт. Күннээҕи сорудаххын толорботоххуна таһылларбыт. Хамнаһы адьас дуона суоҕу аахсарбыт. Ыйга улахан дьон балтараа, дьахталлар биирдии солкуобайы, оттон кыра оҕолор биэс уоннуу харчыны ыларбыт. Үлэһит илии тиийбэт буолан, түүннэри-күннэри солбуһа сылдьан үлэлиирбит. Самнархай бараахтарга уончалыы ыал бииргэ симсэн олорорбут. Сыыҥкалаан, ымынах буолан, ис ыарыытынан ыалдьан дьон сылбах курдук охтоллоро. Оччолорго эмп-томп диэн суоҕа. Эгэ, балыыһа диэн кэлиэ дуо?! Ыарыһахтар тымныы бараахха дьахтардыын, эр дьоннуун бииргэ сииктээх муостаҕа сыталлара. Бириискэ үрдүнэн биир эмэ лиэкэр үлэлиирэ. Сорохторго олох да суох буолара. Улаатан баран, ону тулуйумуна төрөөбүт дойдубуттан атахпынан куоппутум. Атын сиргэ ордук олоҕу көрүөм дии саныырым. Онтукам баара, баай ымсыыта икки, дьадаҥы киһи кыһалҕата икки ханна баҕарар биир эбит, – Бориска санаатыттан кыйаханан тура эккирээтэ. Төттөрү-таары хаамыталыы сылдьан, баттаҕын өрүтэ анньымахтаата. Лөкөй киһитэ аймаммытын аралдьытаары тыл көтөхтө.

      – Эһиги билэн эрдэххит дии, сир үрдүгэр төһө улахан сомоҕо көмүстэр көстөллөрүн?

      Бориска