Кырыыстаах таас. Тумарча

Читать онлайн.
Название Кырыыстаах таас
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-2733-0



Скачать книгу

көрүтэлээтэ. Бу дьон урут билсиспиттэрин күүппэтэх быһыылаах.

      – Туох ииннэрин хастыгыт?

      – Бу аата, кырдьаҕаас, биһиги кыһыл көмүс көрдүүбүт.

      – Кыһыл көмүс да?!. – ойуун истибитин итэҕэйбэккэ иккиһин ыйытта. – Ол сээбэс манна үөскээбитин эһиги хантан билэн бачча элбэх иини хастыгыт?

      – Кыһыл көмүс сир үрдүгэр сыппат ээ. Сир анныгар баар. Төһө элбэх иини хаһаҕын да, соччонон элбэх көмүһү булаҕын, – Сафейка бу оҕонньор тойомсуйардыы туттан-хаптан саҥарбытын сөбүлээминэ, хадьар соҕустук хардарда.

      – Таах сири-уоту алдьаппыккыт. Бу дойду кыһыл көмүс үөскүүр-төрүүр сирэ буолбатах.

      – Манна кыһыл көмүһү урут булан тураллар. Ол иһин үлэлиибит, – Бориска көмүскэнэрдии аргыый саҥарда.

      Лөкөй Лөгөнтөй быһаас кыһыл көмүс булан, ханнык эрэ атыыһыкка атыылаабытын оҕонньор истибитэ. Онно сылдьыспыт илэчиискэлэр кэлбит буоллахтара диэн сэрэйдэ.

      – Көмүс буллаххытына, атыттар эмиэ суудайыахтара. Эһиги хантан кэлбиккитий да, эрдэтинэ ол диэки кэбэлийбиккит ордук буолуо.

      Оҕонньор сэмэлэтэлээн, кэнникинэн холдьохсон барбытыгар, дьон симиттэ быһыытыйдылар. Биирдэ санаан көрдөххө, кини этэрэ эмиэ да сөп курдук. Сирдээх-уоттаах дьон көрүүлэригэр төһө да киэҥин, иччитэҕин иһин, дойдуларын буорун туора сиртэн кэлэн талбыттарынан куорҕаллыыллара сүөргү бөҕө буоллаҕа дии. Оттон дьиҥин ыллахха, бу кураанах тоҥ хайалар быыстарыгар үйэлэр тухары туһата суох сытар хаспах сирдэри харыһыйар, эмиэ да оруна суох курдук.

      – Алыс айманыма, кырдьаҕаас, биһиги туох да куһаҕаны оҥоруохпут суоҕа. Уорары, алдьатары бэйэбит сөбүлээбэппит. Бу үрүйэттэн атын сиргэ уларыйарбыт биллибэт. Мэлийдэхпитинэ букатын даҕаны барыахпыт.

      Оҕонньор сөбүлээбэтэхтии чолбоодуччу көрүтэлээтэ. Сиэбиттэн сиэдэрэй оҕуруо ойуулаах сарыы саппыйаны таһааран, хамсатыгар табах уурунна. Уматынаары саппыйатын сиэбиттэн кыа, чокуур таас куһуогун ылла. Онтон хататын көрдөөн, сиэбин ааҕа хастан мэлийдэ. Туй-сиэ, охторугар хаарга эһиллибит буоллаҕа. Көрдөөн да диэн булара биллибэт. Сатаатахха, ата мөхсөн тула холоруктуу сылдьан, суолларын дэлби тоҕута кэһэн кэбистэ. Оҕонньор моһуогурбутун көрөн, Сафейка сиэбиттэн испиискэ ылан биэрдэ. Ону анарааҥҥыта хап-сабар хаба тардан ылла. Хамсатын уматтыбакка испиискэлэри саппыйатыгар симээт, сиэбигэр угунна. Атын төттөрү эргилиннэрдэ. Сиэппитинэн суол устун хааман хоочугуруу турда. Дьон сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр. Миитэрэй кыбыстыбыт көрүҥнэннэ. Дьоҥҥо чугаһаан сибис гынна.

      – Ити оҕонньор улахан хомуһуннаах ойуун ээ. Киниэхэ олус утарыласпаккыт ордук буолара дуу?

      – Ол иһин да алыс үүрбүт-түрүйбүт эбит дии. Кырдьык, киниттэн тэйиччи соҕус сырыттахха сатаныыһы, – Бориска бастаан кыһыйа санаабыта арыый уҕарыйарга дылы буолла. Миитэрэй оҕонньору эккирэтэн, атын миинэн, ойоҕоско тиҥилэхтээтэ.

10

      Сэйимчээн нэһилиэгин кинээһэ Сиидэр Мандыырап кэтэҕэриин ороҥҥо тиэрэ түһэн, быйылгы кытаанах дьыл эндирдэрин эргитэ