Название | Кырыыстаах таас |
---|---|
Автор произведения | Тумарча |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2007 |
isbn | 978-5-7696-2733-0 |
– Үүтээн туттан кыстаабыттар. Муҥур үрүйэҕэ иин бөҕөнү хаһан тиэрэ сүргэйэн кэбиспиттэр. Кыһыл көмүс көрдүүллэр үһү.
– Ноо, хантан кэлбиттэрий?
– Эн сылгыһытыҥ билэттиир эбит. Былырыыҥҥы Ыспаак атыыһыт ындыыһыттара үһү. Сахалыы билэллэр эбит.
– Ээ, били, татардар буоллахтара. Быһайын манна биир атыыһыты кытта Уолаттан тахса сылдьыбыттара. Оттон былырыын Ыспаагы кытта Дьокуускайтан ити уҥуор ыскылаакка кыстаабыттара дии.
– Дьэ, ону билбэтим. Мин кинилэри саҥа харахтаатым.
– Ол дьону манна ыҥыран кэпсэтиэххэ баар эбит, ээ.
– Ким билэр, кэлиэхтэрэ диэтэҕиг дуу! Сири хаһартан атыны билбэт эрэстииннэр быһыылаах. Холдьохсон көрбүппүн, хата, күлүөх курдуктар.
Кинээс оронуттан туран хаҥас диэки соҕуруокка кэтэҕэр иистэнэ олорор дьахтарыгар ордоотоото.
– Ыл эрэ, бу дьахтар, остуолу тарт. Чэйдии охсон кэлиллиэ-барыллыа этэ.
Кинээскэ эрэл санаа үөскээтэ. Ол татардары кытта сибээстэстэххэ сатаныыһы. Кинилэр Уолаҕа Солобуйуоп диэн киһини билэр буолуохтаахтар. Кини Кушнарев атыыһыт табаарын тутар сурахтааҕа. Былырыын Ыспаак ол татардарынан түүлээҕин Уолаҕа икки төгүл бырахтарбыта уонна таһаҕас таһаарбыта. Арааһа, саас, суол куурдаҕына, ол дьону кэпсэтэн Уолаҕа ындыы түһэттэрииһи. Сиидэр кинээс санаата көтөҕүлүннэ. Сүөгэй үүттээх хойуу чэйи өрүһүспүттүү сыпсырыйа олорор ойуун диэки ньымааттаабыттыы көрдө.
– Кырдьаҕаас, ол нууччалар бу дойдуттан көмүс булаллара биллибэт. Эрэйдэрэ тиллибэтэҕинэ бэйэлэрэ даҕаны тэскилиэхтэрэ. Олус санааҕар тутума, күн-дьыл көрдөрөн иһиэ.
– Итинник мэлийдэллэр, онто суох, баҕар, тохтуо этилэр. Дьэ, бэйи, кэтэһэн да көрүөххэ син.
Аһаан бүтэн, дьиэ иһинээҕи-таһынааҕы сонуну суолтатыгар эрэ ыаспайдаһан баран, оҕонньор сотору дьиэлээтэ.
Бытархан тымныылар намырайан, сааскы ылааҥы кэм буолла. Сафейка тохтоон, тыын ылла. Хайыһарын быатын чиҥэтэ тардан биэрдэ. Сүгэһэрин көннөрүннэ уонна суолу кытыытынан тоҥ хаарга уйдаран икки илиитинэн хардарыта эрчимнээхтик анньынан, тэбэн халыһыта турда. Элбэх үөр таба тоҕута үктээн ааспыт суолун ойоҕолуу, муус курдук чиҥээбит хаарга устурууһунан аспыттыы, наарта суола килэбэчийэр. Бу сарсыарда ааспыттар. Суолтан тэйиччи шурфаларын иһигэр үлэлии сылдьар буоланнар, билбэккэ хаалбыттар. Күнүс дьиэлэригэр чэйдии тахсан иһэн, суолларын көрөн соһуйдулар. Бастаан кыыл таба үөрэ ааспыт буоллаҕа дии санаабыттара. Онтон сирийэн көрбүттэрэ, кэннилэриттэн икки-үс наарта суола барбыт этэ. Үөрэн утарыта көрсөн кэбиспиттэрэ. Бу түгэҥҥэ кинилэр иккиэн биири санаабыттара. Астара баранан быстарар кутталга киирбит кэмнэрэ этэ. Сүбэлэһэн бу күннэргэ Сэйимчээнниэх буола сылдьыбыттара. Бу күһүн Лөкөй Лөгөнтөй бэрсибит этигэр бултаан хаһааммыт-сүүсчэкэ кустарын эбэн баччаҕа тиийдилэр. Үлэлэрин быыһыгар чугастааҕы тыалары кэрийэн сороҕор тииҥ, сороҕор хабдьы киллэрэн эбинэллэр. Бурдуктарын