Название | Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ |
---|---|
Автор произведения | Л. В. Иванова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6863-0 |
У.А. Винокурова,
социологическай наука доктора, профессор
Сүдү киһи – Багдарыын Сүлбэ
Багдарыын Сүлбэни кытта биһиги Тыл, литература уонна история институтугар биир кэмҥэ үлэлээбиппит. Кини миигиттэн сааһынан ыраах аҕа, тыл салаатыгар үлэлиир уонна институт партийнай тэрилтэтин секретара, кэлин дириэктэрэ В.Н. Иванову кытта хоччорхойдук сыһыаннаһарыттан мин салларым, өр кэмҥэ тэйиэс сылдьыбытым. Багдарыын Сүлбэ дьылҕатын, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа хайдах таһаарыылаахтык дириэктэрдээбитин, олоххо сыһыанын туһунан убайым, Бүлүүгэ методическай киин салайааччыта Николай Спиридонович Бандеров кэрэхсэбиллээхтик ахтара. Ол иһин мин ыраахтан Багдарыыны биһирии көрөрүм. Кини сир ааттарын хомуйарыгар Орто Халыманы эмиэ хаппыта, биһиги аҕабытын кытта суруйсар этэ. 1975 сыллаахха: «Орто Халыма Эбээҕэр Н.М. Винокуровы кытта кэпсэтэн баран, саллыбытым. Хас да чаас тохтоло суох I Хаҥалас сирдэрин суруйдубут да бүтэрбэтибит (мин самолетум кэлэр буолан хаалла). Николай Михайлович өссө Эбээх уонна Өлөөкө Күөл сирдэрин, инньэ Аллайыаха быыһыттан Үөһээ Халыма быыһыгар тиийэ: «Билэбин, суруйтарар кыахтаахпын диэн чаҕыппыта», – диэн ахтара.
Уларыта тутуу саҕаланыыта мин республика хаһыаттарыгар, түмсүүлэригэр социологическай чинчийиилэрбит түмүктэринэн араас суруйууларбын, этиниилэрбин Багдарыын Сүлбэ сэҥээрбит эбит быһыылаах, аны санаатахха. Бастакы бэлэхтээбит кинигэтэ «Ис иһигэр киирдэххэ» диэн 1988 сыл этэ. Онтон «Биһиги, сахалар…» (1991), «Сказ о народе саха» (1992) кинигэлэрим тахсыбыттарыгар сыһыанын чиҥэппитэ. 1993 сыллаахха от ыйын 30 күнүгэр икки кинигэтин бэлэх туттарбыта, бииригэр: «Ылдьаанаҕа бэлэхтиибин. Маладьыас да киһигин», – диэн суруйбут.
Багдарыын Сүлбэни кытта биир санааланыыбыт 1998 сыллаахха «Ил» гражданскай сомоҕолоһуу партиятын тэрийииттэн саҕаламмыта. Ол иннинэ «Саха омук» хамсааһыҥҥа эмиэ көхтөөхтүк кыттар этибит. Мин партия Үрдүк сэбиэтин чилиэнэ, Багдарыын Сүлбэ партия активнай чилиэнэ буолан үс сыл туруулаахтык араас политическай уонна общественнай суолталаах хайысхаларга дьайбыппыт.
Билигин анааран көрдөххө, Багдарыын Сүлбэ биһиги хамсааһыммыт ис дьиҥнээх суолтатын өйдүүр-билэр уонна саха омук бэйэтин дьоһунун ситиһэргэ дьулуурун туһун салайан тутуһуннарар эбит.
«Ил» партия устаабыгар сүрүн сыалынан Саха республикатыгар президентскэй-парламентскай, социальнай хайысхалаах, правовой сувереннай государствоны Российскай федеративнай принциптэргэ олоҕуран сайыннарыы, төрөөбүт төрүт дойдуга хаһаайын, норуот дьылҕатын бэйэтэ салайынар кыаҕын сайыннарыы этэ. «Кредо партии ИЛ – добрая воля, сознательный выбор гражданами достойной жизни хозяев республики!» (15 января 1999 г.)
Үс сыл балачча таһаарыылаахтык үлэлээбиппит кэннэ, 2001 сыллаахха Госдума партиялар тустарынан анал сокуону ылынан, региональнай партиялар