Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ. Л. В. Иванова

Читать онлайн.
Название Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ
Автор произведения Л. В. Иванова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6863-0



Скачать книгу

албан аатырбыт биир дойдулаахпыт уҥуоҕа көстөөрөй даҕаны диэммин Венгрияҕа сурук ыыппытым. Бүдүмүккэ. Сурукпун, көмүллүбүт станциятын Нэмэшкэрэстур аатын ыйан туран, аны хас да оскуолалаах сир буолуо диэммин, 1-кы нүөмэрдээх оскуола дириэктэригэр диэн аадырыстаабытым. Дьиҥэр, таах олоруохтааҕар кэриэтэ суруйбутум, эппиэт кэлиэ эрэ дии санаабатаҕым. Онтум баара, хата, кимнээҕэр сотору бэрт эйэҕэс, ситэри харда тигинээн тиийэн кэлбитэ». Сурук сылын өйдөөн көрүҥ эрэ, А.А. Мироновка Герой аатын 1990 с. биэрбит эбит буоллахтарына, Михаил Спиридонович, кини албан аатырыа өссө отут сыл иннинэ өтө көрбүт курдук, суруйсан уҥуоҕун булан, сибээһи олохтоон, нөҥүө сылыгар Марк Михайлов диэн училище преподавателин кытта иккиэ буолан Венгрияҕа айанныыллар. Омук дьоно барахсаттар, үрдүк култууралаах буолан, уһуну-киэҥи санаан, биһиги саллааппытыгар мыраамар пааматынньык туппуттар. Сылын аайы онно оскуола оҕолоро муус устар 4 уонна сэтинньи 7 күнүгэр сибэкки уураллар, көрөллөр-харайаллар эбит.

      «Биһиги киһибит пааматынньыга кылабыыһа бэтэрээ кырыытыгар, таҥара дьиэтин адьас аттыгар турар.

      Кыра миитин оҥордубут. Биһиги ким-ханнык буоларбытын, тоҕо кэлэ сылдьарбытын өссө төгүл кэпсээтибит. Онтон чорооҥҥо илдьибит Өлөксөйбүт төрөөбүт буорун, Бүлүүтүн буорун, пааматынньык иннигэр чобуччу туруоран кэбистибит. Чороон диэн тугун, төрөөбүт буору саха аймах олус күндүтүк тутарын быһаардыбыт». Кэлин Бүлүү ол чороонноох буоругар оскуола оҕолоро сыл аайы сибэкки үүннэрэр буолбуттар.

      Хайдахтаах курдук махталлаах, үтүө дьыаланый?! Михаил Спиридонович ким да ыйыыта-кэрдиитэ, көмөтө-өйөбүлэ суох, бэйэтин үтүө санаатынан, баҕатынан салайтаран, бүтүн республика суолталаах миссияны, А.А. Мироновка герой үрдүк аатын иҥэриэхтэрэ отут үс сыл иннинэ тиийэн толорон кэлбитин оччотооҕу да, бүгүҥҥү да үрдүк салалта билэрэ дуу, суоҕа дуу. Кини ордук хомойоро баар, А.А. Миронов герой буолбутун кэннэ Бүлүү улууһун салалтата геройу чиэстиир сыаллаах Венгрияҕа иккистээн анал делегация тэрийэн ыыппатаҕыттан.

      Айаҕалыы сатаан, ол санаатын кинигэтигэр маннык суруйар: «Билиҥҥи кэмҥэ омукка тахса сылдьыы, күүлэйдээһин улахан уустуга суох буолла. Венгрия – суол-иис өттүнэн олус сайдыылаах дойду. Нэмэшкэрэстурга хантан баҕарар дөбөҥнүк тиийиэххэ сөп. Онон Венгрияҕа сылдьар саха дьоно, Өлөксөйбүт уҥуоҕар сүгүрүйэн, Миклоштаахха уонна оннооҕу пионердарга махтанан ааһар буоллаллар диэн баҕатыйабын. Ол көрөөччүлэргэ-харайааччыларга да өйөбүл курдук сыаналаныах этэ. Иккис өттүнэн ылар эбит буоллахха, кэриэстэбиллээх өссө ордук кичэллэн хараллыахтаах. Үтүөттэн үтүгэн буора төрүүр».

      Дьэ, итигирдик. Салалтабыт, республикабыт болҕомтоҕо ылбатах дьыалатын, баҕар, ол дойдуга туристыы, сынньана тиийэр биир эмэ үтүө санаалаах киһи ылынан, албан ааттаах геройбут уҥуоҕар сүгүрүйэн, олохтоохторго махталын биллэрэн, Михаил Спиридонович баҕатын толоруо буолаарай диэн бу кыбытык тылбын тиэрдэбин.

      «Бүлүүгэ баар эрдэхпинэ Нэмэшкэрэстур дэриэбинэ начальнай оскуолатын дириэктэрэ Дь. Миклош дьиэ кэргэттэрин кытта суруйсан сибээһи тута олорбутум. 1974 сыллаахха райком