Название | Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ |
---|---|
Автор произведения | Л. В. Иванова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6863-0 |
Ол кэмҥэ «Баһаарын дьыалата» диэн күөртээн, айдаан бөҕөнү тарда олорор кэмнэрэ этэ.
Сэбиэскэй террор кэмин хаайыыта, ГУЛАГ диэн туох эбитин Далан суруйан турар.
Мин аҕыйах ый Уус Маайа Бриндакитыгар кыһыл көмүһү хостуур шахтаҕа үлэлээбитим. Онон өссө киэн да туттуохпун сөп. Орто дойдуга кэлэн ааһар кылгас үйэбэр ону-маны көрбөлөстүм. Баай опыттаахпын да диэххэ сөп.
Сэбиэскэй кэм үчүгэйэ, сырдыга аҕыйах этэ. Мин – тыыннаах туоһубун.
Хаайыыттан тахсан, Дьокуускайга кэлэн, Марха оскуолатыгар, Бүлүүгэ бииргэ үөрэммит табаарыспын Баһылайап Дьарааһыны көрсүбүтүм. Киһим комсомол райкомугар үлэһит буолбут эбит. Ол эрэн, үчүгэйдик көрсүбүтэ, өссө остолобуойга илдьэн аһаппыта.
Ити дойду бастыҥ ыччата Сэбиэскэй былаас норуоту утары кырыктаах политиканы ыытарын өйдүүр эбэтэр көхсүтүнэн сэрэйэр эбитин көрдөрөр.
Норуот аа-дьуо уһуктан барбыта.
Үөрэх министерствота икки сыл тухары үлэҕэ ылбатаҕа. Оҕону иитэри-үөрэтэри итэҕэйбэппит дииллэр этэ.
Онтон партия ХХ съеһин тыына биллэн барбыта. Уонна 1956 с. директордаах завуһа иккиэн уһуллубут Кэбээйи орто оскуолатыгар дириэктэринэн анаабыттара. Онно икки сыл үлэлээбитим. Куһаҕана суохтук. Онтон 1958 с. Бүлүү педучилищетыгар директордата ыыппыттара. Дьолбор.
Кэбээйигэ үлэлиир иккис сылбар начальнай кылаас учуутала, Чурапчы Мугудайын кыыһа Варвара Пермякованы кытта ыал буолбуппут. Ийэтэ суох, кырдьаҕас аҕатын илдьэ сылдьар эбит этэ. Мин кыратык ыарытыйа сылдьыбытым. Уонна бары да өттүнэн кыах суох. Онон сыбаайбалаабатахпыт. Малыыда уҥуортан, Бараһыылап диэн сиртэн (урукку холкуос олоҕо) биир иһит кыһыл арыгыны аҕалтарбытым. Егор Эверстов диэн устудьуон эрдэхпиттэн билэр учуутал табаарыһым туоһу буолта.
Ыал буоларбытын оҕурдук бэлиэтээбиппит.
1958 сыл сайын Бүлүүгэ тиийбиппит. Эмиэ дириэктэрэ уһуллубут училищеҕа. Сол күһүнүгэр, балаҕан ыйыгар маҥнайгы уолбут Ньургун төрөөбүтэ. Билигин кини наука кандидата. «Монголизмы в топонимии Якутии» (Якутск, 2001) диэн кинигэлээх. Диссертациятын үчүгэй диэн сыана быспыттара. Билигин топонимикаҕа бытаара сылдьар. Быһаарыылаах тылдьыты оҥорууга көлүйэ сылдьаллар. Институт дьиэ биэрбэтэҕэ, онон картотекаттан 4,5 көстөөх сиргэ олорор. Икки оҕолоох. Кыыһа быйыл СГУ саха-турецкай отделениетын 3-с курсугар киирэр, уола – Тыа хаһаайыстыбатын Академиятын экономическай факультетын 2-с курсугар.
1959 с. күһүнүгэр иккис уолбут Айдаар төрөөбүтэ. Петербурга журналистика факультетын бүтэрбитэ. Идэтинэн үлэлээн иһэн, эргиэн үлэтигэр көспүтэ. Үс кыыстаах, улахана быйыл СГУ историческай факультетын бүтэриэҕэ. Күннэй – сиэннэнэр дьол диэн тугун бастакынан биллэрбит сиэммит. Иккис кыыс Айыына быйыл СГУ омук тылын факультетын французскай салаатын 2-с курсугар үөрэнэр.