Название | Ийэм кэпсиир… (4 чааһа) |
---|---|
Автор произведения | Семен Маисов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-7696-4 |
Ыаллар кыралара, сирэйин сибилигин тоҕо баран ытыах киһилии ап-аһыытык туттубут, атах сыгынньах, биэстээх Маайа кыыс убайа Суубуй муҥнаах ыксатыгар талах олоппос үөһэ ыттан туран, дьиэҕэ киирэн баран хааттаран, сырдык эрэ диэн таска тахса сатаан, туоска үүйүллүбүт таас эмтэкэлэрэ түннүккэ сарыкынаһар лыахтары тута сатыыр… Халҕан тыаһа лип гыммытыгар эргиллэн, улахан киһилии оттомноох харахтарынан эмиэ миигин одуулаһар…
Мин, Тыккаайдарга, туох эмит сорукка, илдьиккэ, эбэтэр бэйэм көннөрү да сылдьарбар, эрдэттэн санаабын бөҕөргөтүнэн баран биирдэ эрэ кэлэбин. Итэҕэс-быһаҕас айыллан төрөөбүт оҕолору көрдөхпүнэ, кинилэри аһынарым бэрдиттэн, уйадыйан хайдах да буолуохпун булбаппын. Оҕолор барахсаттар бэйэлэрэ да, киһи эрэ аһына көрүөх сирэйдээхтэр-харахтаахтар. Кинилэр – ааттаһа, эрэнэ көрбүт ып-ыраас сырдык харахтарын, киһи хайдах да уһуннук утары одуулаһыа суох курдук…
Эбэм, мин кинилэргэ иитиллэ кэлиэм иннинэ өлбүт кыыһын Сөдүөччүйэ эрэйдээҕи, уу кыһыл иринньэх оҕолуу ыарыылаабыта, бүөбэйдээбитэ эбитэ. Баара-суоҕа уон сэттэлээх кыыс сиһин уҥуоҕун сиэтэн, бэрт кылгас кэм иһигэр, киһи билбэт киһитэ буолан, куура хатан хаалбыта үһү. Биирдэ эмит эбээ эмээхсин кыыһын аҕыннаҕына онно даҕатан: «Киһи – ордук куһаҕан оҕотугар ылларар, убанар…», – диэччи. Кырдьыга да оннук, өй-санаа, эбэтэр эт-хаан өттүнэн итэҕэс айыллан күн сирин көрбүтү – кимнээҕэр да ордук аһына, уйадыйа көрөҕүн: кыаҕыҥ тиийэринэн, күүһүҥ баарынан киниэхэ көмөлөһө сатыаххын баҕараҕын…
Тыккаайдаах Аана кыыстара Маайа, кэбис, убайдарын курдук буолбатах, өйө-санаата чоҥ курдук. Арай, өссө да ситэ илик кыра киһи буолан уонна наар убайдарын кытта биир дьиэ иһиттэн тахсыбакка алтыһарыттан, арыт-арыт «түҥ-таҥ» тыллаһар…
– Оо, аны Аанабыт тиийэн кэллэ, – Тыккаай кэргэнэ үөрэн саҥа аллайа түстэ. – Хайа, сөрүөҕүтүн бүтэрбиккит дуу, били киһи букатын солото суох, чэҥкир туохха эмит соруйан иһэллэр, инньэ баарыын сарсыарда барбытынан, өтөр кэлиэм диэбитэ да, биллибэтэ.
– Ханна барбытай?
– Ээ, били, Тартаайа хара сүптүр, сирэйэ уула сытыйыах, аны аныаха диэри саатар атын да сатаан бэрийбэт. Оҕонньортон ат уларсан мииннэҕим буолан баран, өртүккэ ыытарыгар холуоккатын кыайан кэтэрдибэтэх… Ата устан баран, бүтэйин көтөн, ити Мундулуҥдаҕа барар аан үөһээ сүрдьүгэһин тосту түһэн куотан хаалбыт.
– Па… Төлөнү уларса сырыттаҕа дии? – мин тута, хайа атын сэрэйэ охсобун.
– Ол-ол сүөһү, туома кыната эрэ суох быһыылаах. Мин ити оҕонньорго этэ, ньаҥсыйа сатыыбын ээ, ат итэйэн ити айылаах күрүөһүт сылгыны миҥэ оҥостоҕут дуо диэн. Сайын көлүммэккэ уотан баран, күһүн туттан кээһиэ этилэр буо. Саас аайы сылгы айааһаан айгыстан, ачыаһыран ахан биэрэллэр. Мин көрдөхпүнэ соноҕос саастаах сылгылара барыта