Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

эрэ сиир дуо?.. – дьүөгэм күлэр.

      Далаһа устун тыыбын тутааҕыттан сыһан тирилэтэн тахсан кырыс сиргэ үктэнээппин, оҕолор бары саба түһэн биттэҕиттэн ылсан көмөлөстүлэр. Тууга күөнэх киирбитин көрөн, үөрэн-көтөн өрүтэ өндөҥкөлөһөн дьэргэҥнэстилэр.

      – Настаа хайдаҕый, ама дуо?

      – Кэминэн, – диир Маарыйа. – Таһырдьа таһаартаран уһун күнү быһа олорор.

      – Иистэнэр ини, си-дьүгээр, синньэ олорботоҕо буолуо.

      – Иистэнэр… Эйигин сылдьыбатаҕа ыраатта, тоҕо кэлбэт диир.

      – Бара сылдьыам этэ…

      – Эн бу, бүтэн таҕыстыҥ?

      – Бүтэн.

      – Илимнэргин көрбөтүҥ дуо?

      – Баарыын Баһылай тардыбыта.

      Мин испэр Хаһырыа балтын Настааны саныыбын, үлэҕэ үтүрүйтэрэн, кырдьыга да, билсибэтэҕим ыраатта, кэтэстэҕэ. Ханна да барбат-кэлбэт босхоҥ киһиэхэ тастан киһи киирэрэ, көх-нэм, саҥа-иҥэ буолан санаатын аралдьытара, бэйи, улахан суол. Настаа муҥнаах илиитинэн анньынан тобугунан «хааман» дуомнанар.

      – Лэкээрэй эмээхсиннээх ынахтара оту сиэн өлбүт, истибитиҥ?

      – Һуох… Хаһан?..

      – Бэҕэһээ… Мундулуҥда диэки барыыга, итиннээҕи дүбдүргэнэҕэ охтон иһэ сараччы үллэн баран, өлөн өҥүргэһинэн көрөн тыыллыы тэбэн сытарын булан Сэксэкэ сүлэн, этин тиэйэн аҕалбыт. Этэ үчүгэй үһү. Лэкээрэй сүөһүтэ куһаҕан буола сылдьыа дуо, хотуй.

      – Ол иһин да, Чарапчы Маарпа: «Сүөһүм сүттэ, көрбүккүт дуо…», – диэн бэҕэһээ киэһэ биһиэхэ киирэн оҕолортон ыйыталаһан ааспыта. Бэлиэ сүөһү: сүүһүгэр туруору ый туоһахталаах, хара саадьаҕай Айдаҥҥа кини эрэ ини…

      – Лэкээрэй эмээхсин эттэ ыллыннар диэн илдьиттээбит этэ. Эһигиннэн таарыйан кэллим да, эбэҥ дьиэҕэ суох, ханна эрэ хаампыт быһыылаах.

      – Оччоҕо онно тиэтэйдэхпит дии.

      – Иккиэн аргыстаһыах. Аҕам үөскэ икки илимнээх, киирэн эр-биир көрүөххэ уонна бииргэ барыахпыт.

      – Чэ, оччоҕо инньэ гыныахха.

      Мин арыый обургу киһиэхэ Чоойуҥҥа тымтайдаах балыгы сүктэрэн, оҕолору дьиэлэригэр утаардым…

      Халлаан бырдаҕын сүүллээн түһэрээри харааннаан турар, күнүстэри чуумпу. Эбэ үөһэ эрэ биллэр-биллибэт үрүмэтийэ кыынньар. Кытыыга, уу үрдүнэн халтарыыстар, тыас иһиллэнэрдии тохтоон тура түһэ-түһэ, уҥа-хаҥас сүүрэкэлэһэллэр. Тыаллаах-куустаах күн кинилэри көрбөккүн. Күөл иэнэ балык сэмсиириттэн кыракый иилэринэн ирбинньиктэнэ оонньуур. Тэмэлдьигэттэр хара чуумпу ууга кэлэн түһэ-түһэ, эрчимнээхтик сардьыгынаһан ыла-ыла, өрө көтөн тахсаллар. От саҕатыгар, дулҕа үөһэ салгылыы олорор кустар суунан чомпооттонон ууну талаанырдаллар…

      Былыттаах, ип-ичигэс луҥку күннэр, түүннэр тураннар балык илимҥэ хото тутар. Онно-манна хоптолор кылбаҥнаһаллар. Кыптыый тыыраахылар күөл саҕатыгар «тыкаах-тыкаах» саҥарса-саҥарса, салгыҥҥа уйдаран сытыы тумустаах төбөлөрүн умса нөрүтэн биир сиргэ тэлибирэһэ-тэлибирэһэ харса суох супту түһэн балык ыаматын бултаһаллар. Ардыгар кынаттарын хомунан хойуостанан түһэн иһэн, эгдэс гынан өрүһүнэ охсоот, эмиэ