Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

арааһа. Сорохтор буорса дииллэр. Кыра быччыкыны, куллукуну хатырыктаан баран, үчэһэҕэ, мундулуу туора үөлүллэр. Үчүгэйдик буспутун кэннэ сулбурутан сибиэҕэ кутуллар. Хачымаастааһын барчалааһынтан атына диэн – балыгыҥ уҥуоҕун, иһин араарбаккын. Онон, истээх-үөстээх быччыкыны хохту курдук элбэхтик үлэлэһэн, сурдьугунуу сылдьыар диэри хатарыллар. Дьон астанан аһыыллара араас, сорохтор, тииһэ-уоһа суох өттүлэрэ, хачымаастаабыт балыктарын бурдук курдук үлтү сынньаллар. Уҥуоҕун кытта бытарытан, мэлийэн кэбиһэллэр. Иһэ-үөһэ ылыллыбакка барыта хатан ас буолбут балык тотоойу. Ол эрэн, уһун кэмҥэ, аҥаардас хачымааһынан аһылыктаммыт киһи, тахсан киирэригэр хойуута хатан, тааһыран тумнаҕыран эрэйдэниэн сөп. Хачымааһы, хаппыт балыгы кытары бииргэ хайаан да үрүҥ аһы булкуйа аһаныллыахтаах.

      Дьалтах – кыра быччыкы сиикэйдии хатарыллыбыта. Хачымаастан уратыта диэн: баһын, иһин араарыллар, хатырыктаммат. Эмиэ хохтулуу хатарыллар. Үчэһэҕэ үөлэн халаҕытан сиэниллэр.

      Эбэм биһикки собобутун, мундубутун сайыҥҥы дьиэбитигэр, туруорбах балаҕаммыт сирэй оһоҕор үөлэбит. Хахха сир буолан, аһаҕас халлааҥҥа кулуһун уотугар үөлэр курдук тыал-куус мэһэйдээбэт. Собо үөлэ үөрэнэммин, нэмин табан, эмээхсинтэн хаалсыбаппын. Элбэх истэхтээх, өллөөх балык түргэнник буһа охсубатын иһин, сотору-сотору көрөн-истэн эргитэн бэриллэр. Инньэ гымматыҥ да, аны уот суоһаан собо хоруорар кутталлаах. Оччоҕо амтана алдьанар, аһа хатар, хара хоруонан бүрүллэр. Ыыс-араҕас буола саһарчы буспут собону сойутабыт, онтон биирдэ үчэһэтиттэн арааран остуолга сулбурутабыт. Киһи илиитин сиир итии балыгы бэйэ-бэйэтигэр баттаһыннарбакка тэлгэтэн сойутуллар. Сүмэһинин иһигэр иҥэринэн, сыатыгар саһарчы буспут собо, сыттыын-сымардыын астык аҕай ас.

      Собо үөлэр тиит үчэһэлэрбит бобо баайыллан кирээдэ үөһэ чөкө хараллаллар. Улахан Баһылай кыспыт үчэһэлэрэ балык сулбуруйан түспэтин диэн анал туорайдаахтар. Балыгы үчэһэҕэ сатаан нэмин табан үөлүү, бэйэтэ туспа үөрүйэхтээх. Бөдөҥ собону – туруору, быччыкыны, мундуну – туора үөлүллэр.

      Балык хоргунун, илимҥэ, тууга эрэ киирбит балыктан астаан ылан мунньунартан ураты, өссө биир дьикти ньыма баар. Ол хайдах дьыл буолбутуттан быһаччы тутулуктаах. Сорох сыл кыһына бытарыттан түһэн олус тымныы буолар, оччоҕо дьара күөл, көлүйэ уута дөйө тоҥон балык «атан өлөр». Саас «атан өлбүт» балык кытыыга тиксэн туох да баһаан мунньуллар. Дьон ону көрө сылдьан хомуйан ылаллар уонна улахан күөскэ лыглыгыраччы оргутан аҥаардас дьэҥкир хоргунун эрэ баһан ылан мунньуналлар. Этин сиэбэттэр.

      Дьэ онон сааскы, сайыҥҥы балыгы астааһын, хаһааныы туһугар эмиэ бэрт элбэх, эгэлгэ эридьиэстээх, түбүктээх үлэ.

* * *

      Киэһэ өттүгэр мин иллэҥсийэбин, доҕотторбор, дьүөгэ кыргыттарбар барабын-кэлэбин. Кинилэр да биһиги ааммытын саппаттар.

      Эбэм хаһан да таах, си-дьүгээр олорбот, наар тугу эмэни иистэнэ, туппахтыы-убахтыы сырыттаҕына эрэ сатанар.

      Мытыйыс оҕонньор сарсыарда бэрт эрдэ биһиэхэ тымтай тиктэрээри: