Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

хотоҕоһо, бэл тыы, ураһа буолар; чэриитэ, үөһэ – чэй; уута, сэбирдэҕэ – эмп; кунааҕа – түөн кыата; удьурҕайа – хамса, быһах уга; умнаһыттан – туттар тэрил, дьиэ тээбиринин эгэлгэтин оҥороллор, эмэҕирдэҕинэ куопчахаана (хоҥоллойо) – бэртээхэй күөдьүтүү, аны «ытын муннунан» – саары этэрбэһи ыас хара өҥнүүллэр. Быһатын эттэххэ хатыҥтан тугун да ордорбокко бүтүннүүтүн туһаҕа таһаараллар. Онно барытыгар киһиттэн мындыр өй эрэйиллэр. Хатыҥтан оҥоһуллубут сэп-сэбиргэл бөҕөтүнэн-таҕатынан тэҥнээҕэ суох.

      Туос тымтайы, маҥнай киһи тигэрин көрдөххө, бырыынчык үлэ курдук эрээри, бэйэҥ илиигинэн ылсан иистэнэн бардаххына, үөрэннэххинэ туох да уустуга суох. Төһө улахан тымтай оҥоһулларыттан көрөн, икки хос утарыта саастарынан тиийэр туос бэлэмнэниллэр. Өрүс, үрэх тардыылаах чараҥ ыраас эттээх бөдөҥ хатыҥын туоһа иэннээх уонна халыҥ буолан ордук бөҕө. Сонно хастаммытынан туос тигэргэ дөбөҥ, сымнаҕас, үлэтэ чэпчиир, дөбөҥсүйэр. Хастаабыт туоскун хойут туһаныам дии санаатаххына, субатын таска, сааһын уһаты гына түрдьэлээн баран, сииктээх, хахха сиргэ, эбэтэр уҥучахха ууруллар. Оччоҕо туос туора бүүрүктэрэ түрдэстибэттэр. Хатыҥ туоһун түмэдьитин (таманын) алдьаппакка хастаатахха туох да буолбат, син биир үүммүтүн курдук үүнэ, чэчирээбитин курдук чэчирии турар…

      Туос тымтай мээрэйигэр татымсыйдаҕына, атын тэҥ халыҥнаах лоскуйу кырыйан самыы тутан «хаамтара анньыы» сиигинэн тигэн салҕаныллар. Тымтай көҥдөйө икки хос хардары-таары саастаах туостарынан тигиллэр. Субалара бэйэ-бэйэлэригэр утарыта тутуллан ис-истэригэр киллэриллэр. Иһити сиигинэн тэстибэтин диэн сиэл ситиинэн эрэ тигиллэр. Сиэл ситии көнтөс иннэтин хайаҕаһын бүөлээн кэбиһэр. Оттон өскөтүн кыл ситиинэн тиктэххинэ, ситии хайаҕаһы кэҥэтэн иһит тэстимтиэ буолар. Тымтай ис көҥдөйүн уһаты сааһынан өҥүн тас гына эрийэ тутан, кыратык хардаран, «оҕус иигэ» сиигинэн холбуу тигиллэр, онтон тас туоһун өҥүн искэ гына ис көҥдөйүн таһынан эрийэ тутан мээрэйдээн ылан баран, эмиэ холбонуллар, ол кэннэ бэйэ-бэйэлэригэр кэтэрдиллэр. «Суор холотун» кэриҥэ кэтиттээх гына туос уста сааһынан үрүт уонна алын курдара оҥоһуллаллар. Тымтай үрдүгүттэн тутум курдугунан, кылгас тиит мастан тыыран, икки илии кэтиттээх уонча, чараас сарды икки бастарын, тэҥҥэ тимирдэ, курдар истэринэн туруору анньыталыыгын. Сонос үөл талаҕы ортотунан хайытан, икки өттүттэн чарааһата дэхсилээн баран, тымтай тас өттүнэн тутан иэҕиллэр. Талах бэттибэтин туһуттан, тиискинэн дэлби ыстаан, ытырбахтаан, сэрэнэн тутан-хабан, тобуккар ньиккэрийэ-ньиккэрийэ дэлби имиллэҥнэтэҕин, онтон хатаран кээһэҕин. Ии тымтай ньолбуһах моһуонун ыла хаппытын кэннэ, үөһээ бүүрүгүттэн, тойон эрбэх кэтитин курдугунан тутан, «хабарҕалыы» сиигинэн анньан тымтайы курдуу туттараҕын.

      Тымтай сүгэр быатын тириини тэлэн икки уһугун түмүктүү баайталаан, ии иһинэн уган, үргүлдьү иини кытта бииргэ туттара хам тигэн таһаараҕын. Көҥдөйүн алын бүүрүгүн кыратык итии ууга уган сымната түһэн баран, таска иэҕэ эргиччи ытырыллар. Түгэҕэр