Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

кэчигириир, дьээбэрдэҕинэ буолар үгэһинэн сирэйин сөллөччү туттан уҥа-хаҥас турулус-ирилис көрбөхтүүр. Мин сонньуйабын…

      – Дьэ-дьэ… киһи истэрин курдук ыллаа эрэ, бэттэх кэлэҥҥин. Тылыҥ тамаҕын кыайан, сатаан истибэтим ээ… – дии-дии Хаһырыа аҥаар кулгааҕын сөмүйэтинэн тардан таллата-таллата үөнүрэн саҥарар. Дьүөгэм барахсан иһигэр аһы туппат эҥээрэ суох киһи. Санаабыта барыта таска. Оннооҕор тыҥалааҕы тыыннарбат уот айах тыллаах Хаалаан Кэтириини уун утары көрөн олорон: «Киэҥ Хаалаан, айыы таанаан быстан, ойдон түспүт…» – диэн айахтатыа дуо. Анараа киһи хос аатыттан өлөрдүү өһүргэнэр, кыра да тэппини көрбөт хадьар дьахтар бэйэтэ Хаһырыаны кытары букатын аахса барбат. Кыыс эҕэтин истибэтэх курдук туттар…

      Сэрэйбитим курдук Хаһырыа тарпыт илимин хараҕа ортоһуор быччыкыга, чэркэҕэ аналлаах эбит, бэрт элбэх туппут. Илимэ соччо уһуна суох буолан өссө кэм түргэнник көрөн бүппүт. Аргыый устан, күө-дьаа сээкэйи кэпсэтэ-кэпсэтэ, өтөхпүт аннынан кытылга тиксэн, тыыларбытын түҥнэртээн, бэйэ-бэйэлэригэр өйөннөртөөн кэбистибит.

      – Иһит эрэ Маарыйа… – иккиэн таалан турабыт… Бырдах дыыгыныыра биир кэм күйгүөрэн иһиллэр. Мутукча-итикчэ быыһа, тыа иһэ түөрэтэ ньаалаҕай тойуга… – Ити аата үөнүҥ-көйүүрүҥ түспүт, сарсыҥҥаттан, өйүүҥҥэттэн хара былыт курдук устуоҕа…

      – Соччо элбэҕэ суохтар да, ханна көтө сылдьан ити айылаах дыыгынаһаллара буолуой?.. Дьоҕойон халлаантан хара тыаҕа түһэр «саҥалара» дуу, туох дуу?..

      Ыллык суолу ойоҕолуу кыымаайы (көйүк) үөрэ кыынньар. Саба оҕустахха ыһылла түһэллэр онтон эмиэ хат холбоһон, оннуларын булан эймэҥнэспитинэн бараллар…

      …Эбэм дьиэтигэр кэлбит, оҕолор таһаарбыт мундуларын буһара сылдьар. Уолаттар сонно тута, үргүлдьү бааһынаҕа, күтэрдэрин чааркаанын көрө ааспыттар. Мин туос ыаҕайа ылан, Хаһырыалааҕынан эргийэн, Быркылаахха эт бэриһиннэрэ бардым…

      Аара суолбутугар Кылаччы Өлөксөөнү көрүстүбүт, үүдэһиннээх эргэ тымтайга күөх окко суулаан эт сүгэн иһэр. Кылаччы иһэрэ ыраахтан биллэр, соҕотоҕун да сырыттаҕына, тугун дьикти кэмэлдьитэ эбитэ буолла, баһын иһэ барыта саҥа. Бэйэтэ-бэйэтин кытта кэпсэтэн биир кэм баллыгырыы, ботугуруу сылдьар үгэстээх. Тугу эрэ ыйытан баран, онтутугар бэйэтэ хоруйдуур. Өссө сороҕор, отой да «күлүгүн» кытта этиһэн бурҕайан айдаан-куйдаан бөҕөтө буолан турар.

      Оол курдук сэндэҥэ тыа быыһынан Кылаччы Өлөксөөн утары иһэрин көрө охсон:

      – Маарыйа, көр, Кылаччы илэ бэйэтинэн… – диибин.

      Дьүөгэм Хаһырыа – сылгы, ынах тэпсэн түөрэтэ силис буолбут ыллык устун кэннибиттэн саппай уопсан тэлэмээттэнэн иһэн, эмискэ чугурус гынан тохтуу биэрэр, миигин окумалбыттан тардан суол таһыгар таһаарар:

      – Хотууй, Кылаччы туох диэн баллыгырыырын истиэх эрэ, – диир, мутук үүтүн курдугунан, үөннээҕинэн көрөр.

      – Тугу-тугу диигин?

      – Чэ, манна сынньаммыта буолан олоро түһүөх, – Хаһырыа, орук курдук элбэх лабаалаах аргынньахтыы түһэн суулла сытар хаппыт тиит кэннигэр чөкө олорор. Мин кини ыксатыгар сэргэстэһэбин…

      Кылаччы чугаһыыр, сэрэйбиппит курдук саҥата-иҥэтэ киэр-инньэ, өрө мылайан алаа харахтарынан элээр-мэлээр көрүтэлиир…

      Биһиги куобах