Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

барытын аттаан бүтэн, аны Балаҕаччыга ыҥырбыттарыгар онно ааһаары, биһиэхэ хоно кэллэ.

      Мэрдьэннээх, өрө ытыйан кэбиспиттии кыырыктыйбыт кылгас баттахтаах, арыы-сыа иҥмиккэ дылы килэбэчийбит хара бараан сирэйдээх, сахаҕа саар тэгил орто уҥуохтаах Дьабараах оҕонньор сэһэн-сэппэл хаата киһи буолан биэрдэ. Үрэҥтэн кэлэригэр, бүгүн аттаабыт борооскуларын сымыытын тымтакаҕа уган аҕалбыт. Ону эбэм чөкө тутан балаҕаҥҥа таһааран буһара уурда. Онон оҕус сымыытын аһылыктанан баран утуйар дьон буоллубут. Оҕус тээһэҥкэһэ сүрдээх тотоойу ас…

      Бырдах түһэн, оҕолор дьиэҕэ мээнэ киирбэттэр-тахсыбаттар, ньаалаҕай хаатыйаланнаҕына түүн сүгүн утуппат, онон ыамайдар бэйэлэрэ да ону өйдөөн, кэһэй буолан солуута суох төттөрү-таары сыбыытаспаттар. Дьиэ аанын чанчыгар, таска, чугууҥҥа кур кии тохтоло суох буруолуур…

      Билигин оскуола оҕолоро сайыҥҥы сынньалаҥнара. Баһыычааннаах уһун күнү быһа бөдөҥ уолаттары кытары бурҕаа икки дьирики икки соноруттан орпоттор. Эргэ өтөхтөрүнэн, сонуоктарынан, бэл киһи уҥуохтаах халдьаайыларынан, кырдалларынан кытта, куттамакка, тэлэкэчийэ сүүрэллэр. Кэлин бырдах сииригэр үөрэнэн хаалан соччо кыһаллыбат да курдуктар, тиритэн-хорутан ньалҕарайданыы, буһан-хатан бурулуһуу. Бултаабыт бултарын: моҕотойдорун, маттаҥааларын тириитин, кутуйахтарын кутуругун барытын эргэ хотоҥҥо, чөкө мунньаллар. Ардыгар биир эмит кутурук сүтэн хаалан айдаарсан да ылаллар. Итээбит кутуруктарын сороҕор Биэрэ сыттыгын анныттан булан ылаллар… Кыра кыыс убайдарын дьээбэлиир. Онон сүтүк таҕыста да маҥнай Биэрэ уорбаланар… Киһи дьиибэргиирэ диэн, кыыс сойбоппут кутуругун бэйэтин сыттыгын анныгар эрэ угар, атын сиргэ кистээбэт. Убайдара кэлэн, балтыларын сыттыгын өндөтөн сүтүктэрэ сытарын көрдөхтөрүнэ, Биэрэ туораттан хараҕын кырыытынан сыныйа батыһан атын аҕайдык дьэргэйэн туран, өрө ыстаҥхалыы-ыстаҥхалыы, ытыһын охсуна-охсуна хатан үлүгэрдик күлэн чачыгырыы түһэр, үөрэн-көтөн өндөҥкөлөөн, күлэн-салан бөҕө буолар, итинник быһыыламмытыттан олус диэн астынар, оһох тула таҥалайын тыаһата-тыаһата дьиэрэҥкэйдиир. Биэрэ кутуругу «уорбут» буолла да, убайдахтара дьиэҕэ киирдэхтэринэ оһох кэннигэр ойор, онон тугу гыммыта тута биллэр. Уолаттар балтылара сытар оронугар чугаһыылларын Биэрэ оһох кэннитэн сэмээр, быры-былтаҕар сирэйин былыт быыһыттан ый тахсарын кэриэтэ былтатан бэрт үөннээҕинэн батыһа көрөр, күлээри кып-кыракый уоһа үмүрүҥнүүр, буспут моонньоҕон курдук хараҕын харалара кылапачыйа умайаллар, онтон эмискэ тэһэ ыстанан чачыгырыырыттан киһи эрэ күлүөх курдук…

      Уолаттар да иэс хаалбаттар балтыларын дьээбэлииллэр. Ардыгар, дьыл оҕуһун муоһа тоһунна дэһии буолбутун кэннэ: саас да, сайын да хантан эрэ булан сүөһү муоһун тутан киирэн кыра кыыска туттараллар: «Ити – кыһын түспүт дьыл оҕуһун муоһа…» – дэһэллэр. Биэрэ сирэйин сөллөччү тутта-тутта сүрдээҕин оттомуран муоһу эргим-ургум тутан көрөр, кыҥнаҥныыр-иҥнэҥниир онтон сүүрэн тибигирээн тиийэн ааны аһан баран таска быраҕан кыыратар: «О-ус үс муоттаах