сурукка-бичиккэ киирбит кыргыттара – Эйээкчин (1710 с.т.), Орина (1722 с.т.), уолаттара – Иван (1726 с.т.), Беппе (1733 с.т.), Ефрем (1738 с.) Орто Бүлүү улууһугар олохсуйбуттар. Улахан кыыһа Эйээкчин Лүүчүҥҥэ Дьуона аҕатын төрүттээбит Асхарыма холоонноох доҕоро буолбут. Нэһилиэккэ 1782 с. ыытыллыбыт ревизскэй сказкаҕа суруллубутунан, Эйээкчини Хаҥаластан саха саарына Софрон Сыраанап кинээстиир буолаһыттан Нээтийэ Күчэнэхэп кыыһа диэбиттэрэ интэриэһи үөскэтэр. Уон уолуттан биирдэстэрэ Кучуняк диэн ааттааҕа историяҕа бигэтик киирэн турар (Элерт А.Х. Народы сибири в трудах Г.Ф. Миллера. – Новосибирск, 1999. С. 175). Күүстээх Күчүнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун) оччолорго улахан ойууннартан биирдэстэринэн ааҕыллара (Серошевский В.Л. Якуты. М., 1993. С. 606). Кинини хайдах өлөрбүттэрин туһунан үһүйээни Багдарыын Сүлбэ 1988 с. Дьокуускайга тахсыбыт «Ис иһигэр киирдэххэ» кинигэтигэр киллэрбит: «Күүстээх Күчэнэх (Хара Бытык, Кылыыһыт ойуун); Дьөҥкүүдэни баһылаан баран, өрүһү таҥнары батан, өссө атын үтүө дойдулары сабардыыр санааламмыт. Кини, сэһэн быһыытынан, түөрт уонча киһилээх Үөһээ Бүлүү диэки айаннаабыт. Ол иһэн, илин диэкиттэн, Нам сириттэн, Мымак кинээс сиэнэ дуу, быраатын уола дуу Быыгынас ойуун диэн киһи дьоннорун кытары иһэллэрин истибит. Ол кэннэ кинилэри сэриилээн кыргар биитэр төттөрү кыйдыыр санаалаах утары айаннаабыт. Быыгынастаах ону билбиттэр уонна Быракаан үрдүгэр тоһуур тэрийбиттэр. Быыгынас мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө, Халан Тулааһын, Тор Маҕайылык диэн уолаттардаах уонна Куоҕай Моҥус диэн атастаах эбит. Сарсыарда күн тахсан эрдэҕинэ хаҥаластар элбэх буолан, куйахтара килбэҥнээн, тиийэн кэлэн, үрэх оломугар кэстэрэн киирэн, аттарын уулата турбуттар. Намнар, аҕыйахтара бэрт буолан, дьулайбыттар. Ытыһыа суох курдук буолбуттар. Ол түгэҥҥэ уолаттар аҕалара Быыгынас ойуун саҥа аллайбыт: «Мүөгү уолум, толоон уҥуор олорор куруппааскыны моонньоох баһын быһа ытан кэбиһэбин диэн кэпсэнэриҥ дии. Көр эрэ. Кылыыһыт ойуун көмөгөйө күөрэйэн көстөрүн. Дьэ бэрт буоллаххына, түүлээх охто уолугун үүтүнэн харахалаа эрэ!» – диэбит. Мүөгү, эттэ дуу, эппэтэ дуу диэбит курдук, кулгаах тааһыгар диэри саатын аҥаабыллаат, ытан саайбыт. Уолугун оҥойор үүтүгэр түһэрбит. Кылыыһыт ойуун өлөр кыланыытын кыламмыт: «Бу хайдах, хараҕым сабыллан, оноҕос кэлэрин көрбөккө хаалбыт сорбунуй! Мүөлүтэр охтоох Мүөгү Бөҕө диэн баар сурахтааҕа. Ол сиэтэ быһыылаах!..» – диэбит. Ити кэнниттэн намнар, харса суох ытыалаан кыырайдатан, хаҥаластар уонтан тахса киһилэрин былдьаабыттар. Хаҥаластар, тэриллиилээхтик кыайан утарсыбакка, куотар айдааныгар барбыттар. Намнар, атынан эккирэтэ сылдьан, охтортообуттар. Кэлиэхситтэр үүрэн аҕалбыт сылгыларын (сиир сылгыларын оччотооҕуга үүрэ сылдьаллара үһү) быһа охсон ылбыттар. Онуоха Кылыыһыт ойуун быраата дуу, туга дуу Эрэһэ ойуун диэн баара, бөрө буолан тула сүүрэ-сүүрэ, иччилээхтик улуйбута үһү. Ол иһин, ойуунтан дьиксинэннэр, ылбыт сылгыларын аҥаарын хаҥаластар кэннилэриттэн кыйдаабыттар. Ол Эрэһэ ойуун, фольклортан сылыктаатахха, убайа өлбүт сиригэр, суурт туттан, олорбут, убайын харайбыт чинчилээх. Ол иһин билиҥҥэ диэри Эрэһэ Суурда диэн ааттаах, үрэх ээйэ, дулҕалаах, бадарааннаах кэҥэс маара баар. Хаҥалас ааттаах киһитэ, Тыгын сиэнэ Күчэнэх-Кылыыһыт ойуун быстыбыт сирэ