Название | Алыһардаах Аана |
---|---|
Автор произведения | Коллектив авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5781-8 |
Дьэ, мантан көстөрүнэн, бу Дуоҕа Боотуртан төрүттээх Ытык Хаҥалас дьоно былыргы төрүттэригэр, Хаҥалас дьонугар, Софрон Сыранов нэһилиэгин дьонугар кыргыттарын кэргэн биэрэн, салгыы уруурҕаһа турарга кыһаналлар эбит. Хааннарын күүһүрдэн Нам Үөдэйиттэн Н. Жирков-Жолодоев Ыгыры Тэбийин кыыһын Бэдэрдээҕи кэргэн ылбыт эбит.
Саамай интэриэһинэйэ, Ааттаммат уола Атлас Жолодоев иккис кэргэнэ Саатыыр – Эмэй Сыранов кыыһа эбит. Оттон Эмэй Сыранов Софрон Сыранов бииргэ төрөөбүт убайа этэ. Бу дьон иккиэн Дыгын сиэнэ Маһары хос сиэттэрэ буолаллар. Өссө биир интэриэһинэй кэргэннэнии – Ааттаммат бииргэ төрөөбүт быраата Клевинскэй Дакин Дыгын сиэнэ Маһары иккис уола Мохсой кыыһын Мысаҕайы кэргэн ылбыт эбит. Клевинскэй диэн аат бу М. Жирков Дуоҕа кыыһа Нэлчэкэттэн биир уолугар иҥмитэ, кырдьык, М. Жирков Польшаттан сыылкаҕа кэлбит шляхтич Александр Хлевинской уола буолуон сөп дииргэ улахан олугу биэрэр диэн өссө төгүл этиэххэ сөп.
1854 сыллаахха Р. Маак Түөк күөлгэ турар Нэлчэкэ араҥаһын үрэйэн, удаҕан төбөтүн уҥуоҕун Санкт-Петербург куоракка илпитэ. Оттон ити араҥаһы үрэйии улахан научнай суолталаах буолуо дии санаабаппын. Маны баламаттааһын уонна инники чинчийиилэргэ улахан мэһэйи оҥоруу быһыытынан сыаналыыбын. Онон Р. Маак Саха сиригэр иккистээн кыайан кэлбэтэҕэ өйдөнөр суол эбит.
Ааттаммат 1684–1774 сылларга олорбут, 90 сааһыгар өлбүт эбит. Кэргэнэ Муксугур Чыкеина диэн Тоҕус нэһилиэгин дьахтара этэ. Кини 1692–1783 сылларга олорбута, 91 сааһыгар өлбүтэ. Онон улуу кырдьаҕас төрдүн-ууһун, кини кимин барытын ырыттыбыт. Дьэ билигин Ааттаммат уонна атын да саха дьоно, ойууттара соҕуруу ыраахтааҕыга ыҥырылла сылдьыбыттара дуо диэн боппуруоһу ырытан, чуолкайдаан көрүөҕүҥ. Ордук ханнык ыраахтааҕы саҕана ыҥырылла сылдьыбыттарай, ол хайдах тэриллибитэй? Бу ыҥырыыны куруутун Петр I ыраахтааҕыны кытта сибээстии сатааһын элбэх буолан баран, чопчу ыҥырыы докумуон көстө илик. Г.Е. Федоровка ыытыллыбыт архыып докумуонугар Петр I ыйааҕын Өлүөхүмэ комиссара Н. Шангин бойобуода И.И. Полуэктовка ахсынньы 21 күнүгэр 1730 сыллаахха тириэрдибит курдук этии, суруйуу баар курдук эрээри, ол хайдах ыйаах биэс сыл айаннаан, Өлүөхүмэнэн эргийэн бойобуодаҕа тиийиэҕэй? 1725 сыллаахха Петр I ыалдьа сытан саха ойууннарын ыҥыртарыан сөп. Ол гынан баран, ол түргэнник кэлиэн сөп этэ. Эбиитин император улаханнык ыалдьа сытан, тигиилээх сирэйдээх дьону ыҥыртарыан табыллыбат. В.Д. Стрелов «Акты архивов Якутской области (с 1650 г. до 1800 г.)» диэн үлэтигэр тигиилээх сирэйдээх дьону уонна ойууннары Петербурга ыҥырыы туһунан бастакы докумуону 1730 сыл бэс ыйын 25 күнүгэр ыйан суруйар. Ыйаахха «Ея императорского величества» диэн суруллар. Ол аата былааска дьахтар, Петр I сиэн балта Анна Иоановна олорор кэмэ этэ. Бу бириэмэҕэ Петр II диэн ааттаах 15 саастаах уол өлбүт кэмэ. Дьэ итэҕэйэр туһугар докумуону ааҕан көрүҥ. Оттон Г.Е. Федоровка кэлбит докумуон быһыытынан сыл аҥаара хойутаан, 1730 сыл, ахсынньы 21 күнүттэн тигиилээх сирэйдээхтэри