Название | Алыһардаах Аана |
---|---|
Автор произведения | Коллектив авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5781-8 |
Аны өлбүттэр испииһэктэрин ылабыт. Онно киирбиттэр: Иван Михайлов Жирков 52 сааһыгар 1795 сыллаахха олунньу ый 13 күнүгэр өлбүтэ бэлиэтэммит (НА РС(Я). Ф. 226-и. Оп. 13. Д. 6. Л. 31об). 1795 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр биир күн иһигэр 85-тээх Савва (Чускуона сэтээтэл аҕата, Бөҕө Байбал эһэтэ), 95-тээх Григорий Михайлов Жирковтар орто дойдуттан күрэннилэр диэн суруйбуттар (эмиэ онно). 1794 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Николай Михайлов Жирков өллө диэн ыйбыттар. Ити да кэннэ хас да оҕолоохторун сэрэйиэххэ сөп. Онон буолас үс аҕатын ууһун төрүттээбит Дьолуодай Дакин-Хараҕа Суох, Бэрэттимэй-Степан Жирков, Соҕуруу-Клевинскэй – Нелчака уонна Михаил Жирков оҕолоро буолаллара саҥа көстүбүт докумуоннарга олоҕуран бигэргэтилиннэ.
Михаил Жирков аҕата кимий? Уолун Соҕурууну тоҕо Клевинскэй диэн ааттаата? Манна оруннаах соҕус сабаҕалааһыны киллэрэбит. Ф.Г. Сафронов «Ссылка в Восточную Сибирь в XVII веке» диэн 1967 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт кинигэтигэр 1656 сыл от ыйыгар Дьокуускай тойотторо Москубаттан 10 поляк-литовец хаайыылаахтары ыытар буолбуттарын туһунан суругу («Грамота«) туппуттар (С. 84). Бу хаайыылаахтары үрдүк хамнастаах улахан («дети боярские«) үлэҕэ ылыҥ диэн дьаһайбыттар. «Сын боярский» диэн Саха сирин хаһаахтарын хамаандалыыр дьон биир үрдүк чыыннара буолар. Байаар уолун аннынан атамаан, сотник, пятидесятник, десятник диэн чыыннар бааллара. Бастаан бу чыыны Сибиир бирикээһэ бойубуодалар, дьяктар түһэриилэринэн иҥэрэрэ. 1710 сылтан ыла байаар уолун чыынын бойобуодалар, оттон 1746 сыллаахтан Сенат иҥэрэр буолбута.
1686 сылтан Саха сирэ уезд ааттанар кэмигэр 774 сулууспалаах баара, ол иһигэр 22 байаар уолаттара, 5 сотник, 1 атамаан, 20 пятидесятник, 29 десятник уо.д.а. Хаһаактар ахсааннара – 667 киһи этэ (Якутия. Хроника. Факты. События. 1632–1917 гг./ Сост. А.А. Калашников. 2000. – С. 56). Билиэҥҥэ кэлбит Александр Хлевинской, атын 9 табаарыстарын кытта, бука, үөрэхтээх, аристократ төрүттээх, хоһуун киһи буолан, байаар уола диэн үрдүк солоҕо быһа таһаарыллыбыта буолуо.
Хаайыылаахтар испииһэктэригэр Александр Хлевинской баар. Ол эрэн, бу киһи 1662 сыллаахха диэри кэлбэтэх. 1667 сыллаахха 37 хаайыылаахха (дьиэ кэргэниниин 54 киһи) Москубаҕа төннөллөрүгэр ыраахтааҕы көҥүл биэрбит. Барар дьон испииһэгэр А. Хлевинской кэргэниниин уонна икки оҕотунуун бааллар. Сорохтор дойдуларыгар төннүөхтэрин баҕарбатахтар, Саха сиригэр салгыы үлэлии хаалбыттар («помня крестное целованье и великого Государя милость, били челом великому Государю в вечное холопство служить по якутскому«). Кинилэр истэригэр А. Хлевинской баар, 1673 сыллаахха сулууспаҕа киирбит («поверстан»). Өссө улахан солоҕо тиксибит – «выимный голова», ол аата наймыламмыт кулуба диэн. Ити туһунан докумуон баарын ГЧИ үлэһитэ, историк, наука кандидата П.П. Петров ыйан биэрдэ (Дополнения к актам историческим. Т. 12. С. 306–307). Онно суруллубутунан, 1686 сыллаахха ыам ыйыгар Саха сирин бойобуодата М. Кровков А. Клевинскэйгэ Дьокуускай куоракка түүнүгэр бэрээдэги олохтоо диэн дьаһал биэрбит. Өссө 1701 сыллаахха