Название | Алыһардаах Аана |
---|---|
Автор произведения | Коллектив авторов |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5781-8 |
Бүлүү ытык кырдьаҕаһа Уоһук Мальцев «Бэрэттимэй Боотур биир аата Баача» диэбитэ сурукка киирбитэ баар.
Баача диэн тылы тылдьыттарга икки суолталаан быһаарбыттар:
түүлээх эбэтэр баата истээх сэлиэччик;
убай (старший брат, дядя). Нууччалыы батя.
Бэрэттимэйи тыл иккис суолтатынан Баача диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп курдук. Кини нуучча төрүттээх уонна, үһүйээн кэпсииринэн, оҕолортон улаханнара.
Оттон Бэрэттимэй диэн кинини кэлин, быһыытыттан-майгытыттан көрөн, ааттаабыттара буолуо диэххэ сөп».
Саҥа көрдөөһүннэр түмүктэринэн Бэрэттимэй сурукка киирбит аата көһүннэ. Кинини биэрэпискэ Дары Дакин диэн киллэрбиттэр. Итинтэн сиэттэрэн манныгы бэлиэтиир оруннаах: бастакынан, кини – Дьолуодай быраата, 1702 сыллаахха төрөөбүт, биллэринэн, М. Жирков оҕолоруттан сүрэхтэммит кини эрэ. Степан Жирков диэн аатынан. С.М. Жирков 1788 сыллаахха кулун тутар 27 күнүгэр өлбүт (НА РС(Я). Ф. 70. Оп. 13. Д. 1. Л. 255 об.). Иккиһинэн, бэйэтэ, үһүйээн кэпсииринэн, II Лүүчүн нэһилиэгин Өкүчү диэн ааттаах күөлүн үрдүгэр олохсуйбут, оҕолорун оттуур ходуһалара, 1776 сыллааҕы биэдэмэскэ суруллубутунан, эмиэ ити нэһилиэккэ бааллар. Үсүһүнэн, Дары Дакин төрүччүтүн оҥорбуппутугар Бэрэттимэй аҕатын ууһун бас-көс дьонунан Павловтар буолан таҕыстылар. Биһиги оҥорбут төрүччүбүтүгэр Бэрэттимэй биэс сиэнэ – Байбаллар. Павловтар итинник төрүттэннэхтэрэ. Бу аймах Петровтар, сорохторо Степановтар, Михайловтар буолбуттар. Төрдүһүнэн, Бэрэттимэй Дардаҕар улахан кыыһын уолун курдук үһүйээннэргэ кэпсэнэр да, бу сыыһа быһыылаах. Оччотугар кини XVII үйэ ортотун диэки төрөөбүт буолуохтаах этэ. Ол табыллыбатын иккис аата Баача диэнэ, нуучча төрүттээҕэ туоһулуур диэххэ сөп. Арай кини уола Арханты Дардаҕар сиэнэ Молуоһунньук кыыһын Асыммыты кэргэн ылбытын булкуйуохтарын сөп. Бэрэттимэй төрөл, улахан киһи эбитэ үһү. Биир эрэ, Бадьайа диэн ааттаах ат кинини уйара үһү. Балтын тоҕус кулун өрөҕөтө сыалдьыйалаах Тумалыкаан Удаҕаны улахана бэрдиттэн дьулайан, ким да кэргэн кэпсэппэтэҕэ үһү. 1782 сыллааҕы биэрэпискэ кини биэс уоллаах: Маргай Дарин (1730 с.т.) – чаччыына, Арханты Дарин (1735 с.т.), Ленкой Дарин (1742 с.т.), Тарлыков Дарин (1744 с.т.), Килекар Дарин (1754 с.т.) уонна үс кыыстаах: Хотун (1727 с.т.), Чогоен (1737 с.т.), Бычылы (1754 с.т.). Онон мөккүөрү күөдьүтүөх туох да суохха дылы.
Үһүйээннэр кэпсииллэринэн, Соҕуруу-Клевинскэй Дакин Нэлчэкэ уонна Михаил Жирков бу түөрт уолаттарыттан кыралара. Итини 1782 сыллааҕы биэрэпис уот харахха ыйан биэрэр. Соҕуруу (Соллохоон) сырыы-айан бөҕөҕө сылдьыбыт, кэлбит-барбыт киһи үһү. Кини ханна сылдьарын, эргинэрин дуу, бултуурун дуу ким да билбэт эбит. Иван Софронович Иванов кэпсииринэн, «уһуу түһэн баран кэлиэм» диэтэҕинэ – үс сыл, «тардыылыктаах буоллахпына» диэтэҕинэ – икки сыл, «соторулуур инибин» диэтэҕинэ – биир сыл буолан баран кэлэрэ үһү. Онон кэргэнэ дьиэтин-уотун, сүөһүтүн-аһын бэйэтэ көрөн-истэн, дьаһанан олорбут. Оннук сылдьан Соҕуруу эдэр сааһыгар суорума суолламмыт. Дорофей Харлампьевич Яковлев аҕатыттан истибитин маннык диэн сэһэргиир: «Соҕуруу