Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

сыл устата бултаабакка ууһатан баран атын сирдэринэн тарҕаталаан кэбистэр, киис ахсаана балай да эбиллиэ этэ. Республика үрдүнэн сылга 25 тыһыынча киис бултанар, хас түөртүү киистэн биирин ылар буоллахпытына, ол аата сүүс тыһыынчаттан эрэ кыра чорбойор киис саппааһа баар. Ону икки төгүл элбэттэр, дэлэ барыс буолуо этэ дуо?

      Андаатары муҥутаан 600 тыһыынчаны бултанара, он-тукпут билигин 200 тыһыынчаҕа түстэ, дьиҥинэн 500 ты-һыынчаны таах бултуур кыахтаахпыт. Ол инниттэн билиҥҥи андаатар ахсаанын икки-үс төгүл улаатыннарыахха наада. Онон хоту элбэх күөллэрдээх сиргэ эмиэ питомниктары тэрийтэлээтэххэ сатанар. Бэйэни салайыныыга киирдэххэ, маннык дьаһаныы суолтата улаатыа, көдьүүһэ күүһүрүө.

      Былыт халҕаһата эмиэ хойдон, сөмөлүөт туох да көстүбэт үүт туман быыһынан биир күдьүс көтөн ньирилиир. Михаил Ефимович эргиллэн салон иһин кэриччи көрбүтэ, дьон үксэ налыйан, кириэһилэлэригэр тиэрэ түһэн нухарыйбыттар, бэрт аҕыйахтара хаһыат, сурунаал ааҕа олороллор…

      …Оҕо саас көрдөөх-нардаах кэмнэрэ, киэҥ Эркээни Эбэ хотун эҥсиллэр иэнигэр, Өктөм сиригэр-уотугар, сэдэх да буоллар, сүүрэн-көтөн, оонньоон-көрүлээн ааспыт хаһан да умнуллубат чаҕылхай түгэннэрэ хараҕын иннигэр бу баардыы элэҥнээн ааһарга дылы гыннылар. Төһө да сэрии, сут-кураан мэҥэһиктээх аас-туор сыллар бүрүүкээтэллэр, оччотооҕу кэм олус ыраас, сырдык өйдөбүлүнэн ураты күндү буолар эбит.

      Сэрии сылларыгар, ол кэнниттэн даҕаны олус кыһалҕалаахтык олорбуттара. Ордук иитэр-аһатар аҕата суох аҥаардас ийэлэр эрэйдэнээхтээбиттэрэ. Ийэлэрэ нэһилиэк маҕаһыыныгар остуорастаан, дьиэ сууйан, оһох оттон оҕолорун ииппитэ. Сельпо хонтуоратын муннугар быыкаа хоско бэһиэ кыбыллан олорбуттара. Билигин оҕо эрдэҕинээҕи кэмин өйдөөтөҕүнэ, биир түмүк санааҕа кэлэр: өскөтүн оччотооҕу аас-туор олох кинилэр эрэ дьиэ кэргэннэрин кыпчыйбыта эбитэ буоллар, билигин кини тус бэйэтин эрэ олоҕун тупсарынарга дьулуһуо этэ. Ол эрээри, кини көрөрүгэр, оччолорго ыал барыта дьадаҥытык олороро. Онон сиэттэрэн дьон-сэргэ барытын туһугар олох тупсарыгар баҕа санаа эрдэттэн үөскээбитигэр сөп. Онуоха ийэтэ кыһалҕалаахтарга туох баарынан, тугу кыайарынан-сатыырынан барытынан көмөлөһө сатыыр үтүө холобура үчүгэй өттүнэн дьайбыта чахчы.

      «Кыһыл сулус» холкуос оҕолоро Өктөмҥө үөрэнэллэрэ. Ол эрэйдээхтэр, таҥас-сап мөлтөх дьоно, аара кэлэ-бара кинилэргэ киирэн иттэн ааһаллара. Онно ийэтэ оҕолору сылаас чэйинэн, тугунан эмэ күндүлээн ыытара. Ол иһин кини эмиэ доҕотторуттан тугу да кистээбэккэ, тиһэх өлүүтүттэн бэрсэ, үллэстэ үөрэммитэ.

      Сир аайы ханна баҕарар буоларыныы, кыра сааһыттан үлэҕэ миккиллибитэ. Ийэтэ тэрилтэ оһоҕун отторугар көмөлөһөн мас кыстыыра, уу баһара, тэлгэһэ хаарын күрдьэрэ. Сайынын холкуоска окко үлэлэһэрэ.

      Үөрэҕин ыарырҕаппат этэ. Ийэтигэр көмөлөһөр буолан, дьиэҕэ дьарыктанарыгар төһө да солото суоҕун иһин, истибитин тута ылынымтыа, ыһыктыбат өйдөөҕө. Кини ол хаачыстыбатын ыаллыы олорор дириэктэрэ Г.Ф.Саввин хайгыыра, куруук үлэлээн хачыгырайа сылдьар