Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

чэчириир. Ол суох буолла да, олох чөл туруга кэһиллэр, үүнүү-сайдыы бохсуллар. Ордук туруктаах сыһыан кэһиллэр, сиэр-майгы күөмчүлэнэр буоллаҕына.

      Бу үлэм демократия ситиһиилэрэ бохсулла быһыытыйбыт, быһыы-майгы уустугуран турар кэмигэр сурулунна. Күммүт көрбүт, күөнэхпит күөрэйэ сылдьыбыт кэмигэр уон сыллаах күүрээннээх олох үөһүгэр сиэтэн киллэрбит сүдү киһибит олоҕун, өйүн-санаатын, үлэтин-хамнаһын туһунан кыах тиийэринэн, кэм көҥүллүүрүнэн докумуоннарга, Саха Республикатын бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев бэйэтин этиилэригэр, кинигэлэригэр уонна кинини кытары үлэнэн-хамнаһынан алтыспыт араас дьон-сэргэ ахтыытыгар олоҕуран уус-уран аҥаардаах сиһилээһиммин ааҕааччылар болҕомтолоругар тиэрдэбин. Кини кэмигэр олорон үлэ-хамнас, өй-санаа күүрээнин, үөрүү-көтүү өрөгөйүн билбит-көрбүт дьолбунан киэн туттабын. Үксүбүт даҕаны кэм-кэрдии ааспытын кэннэ ол күннэр-дьыллар үтүө өрүттээх өттүлэрин эргитэ сыымайдаан көрдөҕүнэ, оннук бүөмчү өйгө-санааҕа кэлэр буолуохтаах.

      Михаил Ефимович ааспыт олох өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэннэригэр, республика Үрдүкү Сэбиэтин салайар, президенниир кэмнэригэр, дойдутун, норуотун урукку систиэмэ саамай хаалыылаах 76-с миэстэлээх субъегыттан баара-суоҕа уон сыл иһигэр Россия Федерациятын биир бастыҥ регионугар кубулуппута. Хорсун быһыытынан, сатабыллаах салалтатынан эстии-быстыы айаҕын өҥөйөр мүччүрүйбэт дьылҕаланыыттан быыһаабыта. Ол үрдүнэн бэйэтин аатыгар онно олоҕуран хомуруйар, бэл үөҕэр-холуннарар даҕаны сэти-сэлээни билиммэт элбэх бас-баттах тылы-өһү истибитэ, сиэри таһынан хаҕыс сыһыаны, түһэн биэриини, таҥнарыыны даҕаны билбитэ. Уһулуччу тулуурун, дьиҥ сахалыы киэҥ көҕүстээҕин, дьиппиэн, кытаанах майгытын көрдөрөн кимиэхэ да хом санаатын биллэрбэккэ, кимтэн даҕаны өс-саас ситиспэккэ барыбыт уопсай дьыалабыт айгыраабатын, салгыы сайдарын туһугар ону барытын эрдээхтик аһарыммыта. Бу буолар дьиҥ киһилии сиэр-майгы ыраас көстүүтүн чаҕылхай холобура диэн! Маны сиэрдээхтик ылыныаҕыҥ, өйбүтүгэр-санаабытыгар бигэтик иҥэриниэҕиҥ. Ол буолуо кини барыбыт туспутугар аан дойду таһымынан инникибитин түстүүр, кэскилбитин туруулаһар бүгүҥҥү сыралаах үлэтин-хамнаһын иһин махталбыт, билиниибит, киһилии сыһыаммыт!

      Михаил Николаев сахаттан киэҥ көрүүлээх, аан дойду таһымынан анаарар, үлэлиир далааһыннаах сытыы өйдөөх-санаалаах, үлэлээх-хамнастаах Россия салалтатын ортотугар биир биллэр, кыахтаах, баай уопуттаах идэтийбит политик буола үүннэ. Кини билигин өйүн-санаатын күүһэ, мындыр толкуйа, муудараһа муҥутаан сайдыбыт, сиппит-хоппут кэмигэр сылдьар. Дойдубут, кэскилбит туһугар кини үлэтин-хамнаһын өрөгөйө, ситиһиилэрэ өссө даҕаны иннигэр. Ону биир дойдулаахтара, биһиги, сэмээр көрө-истэ, кэтэһэ сылдьабыт.

      Күндү ааҕааччылар! Саха саарына, урааҥхай уһулуччута, Дьиҥнээх Киһи, киэҥ эҥсиилээх салайааччы диэн кимин-тугун, олох охсуһуутун уһуга-кылаана сынтарыйар укулаат куйаҕа хайдах уһаарыллан, хатарыллан тахсарын туһунан санаа көнөтүнэн,