Биһиги Аан Дархаммыт. Тумарча

Читать онлайн.
Название Биһиги Аан Дархаммыт
Автор произведения Тумарча
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2007
isbn 978-5-7696-3554-0



Скачать книгу

Яковлевна Дьокуускайга иккис оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр интэринээт оҕолоро бары формалаах буолалларын, уолаттар хара сукунаттан тигиллибит киитэллээх, оттон кыргыттар баартыктаах сылдьалларын туһунан кэпсээбитигэр барыларыгар оннук форма тиктэртээбитэ. Сиэрин ситэрэн өссө эмиэ сукунанан сааскы сон уонна муоданы үтүктэн молниялаах бэлбиэт куурка тиктэрэн, быһата, маанытык таҥыннартаабыта.

      Анастасия Яковлевна институт кэнниттэн биология уонна география учуутала идэлээх бу дойдуга быйыл саҥа кэлэн үлэлээн эрэр. Эмиэ кини курдук үөрэҕин саҥа бүтэрэн Воронежтан кэлбит Смирнов Борис Иванович диэн кыра уҥуохтаах эдэркээн физрук уол, Анастасия Яковлевна хайыһардыыр сураҕын истэн, үҥсэргээн эрэрдии муҥатыйбыт куолаһынан барыларын диэки кылап-халап көрүтэлии-көрүтэлии:

      – А ребята у меня не хотят лыжами заниматься, никто меня не слушается. Уеду отсюда, – диэтэ.

      – Ок, киһибит кэллэ-кэлээт куотардыы оҥостон эрэр дуу? – математика учуутала Иннокентий Афанасьевич Герасимов, элэктээбиттии, күлэ түстэ.

      Ону сөбүлээбэтэх курдук, кэргэнэ Марфа Дмитриевна, саха тылын учуутала, эрин диэки хатыылаахтык көрбөхтөөт, уолу алы гынардыы, ньуолбардык саҥа аллайда:

      – Да ты что-о, Боря, не надо… Вот Анастасия Яковлевна поможет тебе.

      – В самом деле, Борис Иванович, мы все поможем тебе, – оскуола завуһа Матрена Петровна тыл кыбытта.

      Онуоха элбэҕи аахпыт-билбит, уопуттаах салайааччытын ыллыктаах тылын-өһүн өйөөн, Анастасия Яковлевна барыларыгар туһаайан этии киллэрдэ:

      – Точно, давайте отныне каждое воскресенье все кататься на лыжах. Боря будет руководить нами.

      – Кырдьык даҕаны!

      – Я поддерживаю Настю.

      – Да, покажем пример детям.

      – Сөп этэ.

      Уруокка киириэхтэрин иннинэ кылгас мунньах аҥаардаах кэпсэтии түмүгэр учууталлар өрөбүл күн сарсыарда уонтан биир чаас устата хайаан да бары хайыһардыы тахсар туһунан бигэтик кэпсэтиһэн, кылаастарынан тарҕастылар.

* * *

      Бүгүҥҥүттэн ыла уһуннук ыалдьыбыт интэринээт иитээччитин оннугар үлэлиэхтээх Анастасия Яковлевна, улахан кылаас уолаттарын хоһугар киирэн, кэккэлэһэ турар ороннор иннилэринэн хаамыталыы сылдьан, муннук ороннорго чөмөхтөһөн олорор оҕолортон, кэпсэтии таһааран, сүбэлэһэр быһыынан интэринээт олоҕор-дьаһаҕар туох итэҕэс-быһаҕас баарын, инники өттүгэр хайдах дьаһанар баҕалаахтарын үтэн-анньан ыйыталаһа сатыыр.

      Маҥан саҕалаах хараҥатыҥы от күөҕэ былаачыйалаах, ханан да кир-хох сыстыбатах кылбаа маҥан түөсэҥкэлээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах, киэҥ арылхай харахтаах эдэркээн учуутал кыыс сэрии кэмигэр хойутаан үөрэммит үрдүкү кылаас сорох сиппит-хоппут уолаттарын кытта аҕыйах сылынан быысаһар, эгил-тэгил тэҥ саастыылаахтара этэ.

      – Оҕолоор, воспитательгыт ыалдьар кэмигэр мантан инньэ кинини мин солбуйуохтаахпын. Директорбыт Марианна Евгеньевна сарсыарда аайы эһигини көрөн