Айар

Все книги издательства Айар


    Куйаартан кутуллар тыыннаах тыллар

    Айылла

    Икки үйэни алтыһыннаран дьикти олоҕу олорорго анаммыт дьон – бүгүҥҥү күн туоһулара, эн, кини уонна биһиги. Айылҕа сэдэх дьоҕурунан хатаҕалаан, дэбигис өйдөммөт көстүбэт күүһүнэн сэбилээн, анаан айан ыыппыт оҕоккото Күннэй Кардашевская кыыс кылгас олоҕун кэпсээнэ өссө да өр кэмҥэ, бука, уостан түспэт дьылҕаланыа буолуо. Оттон кини ийэтэ Любовь Львовна Васильева, сүтүктээх киһи аһыытын-кутурҕанын кистии анньан, күннээҕи түбүгү дьарык оҥостон Күн киһитин олоҕунан салайтарар. Любовь Васильева алгыс кэриэтэ анабыллара, үлэх кэриэтэ сүбэлэрэ ааҕааччы тус бэйэтигэр туһалыахтара; кини ымыылаах санааҕа куустарарыгар, тус бэйэтин толкуйун анаарарыгар, олоҕун сүнньүн таба көрүнэригэр, сатаан ырытарыгар көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.

    Килиим

    Огдо

    Түҥ былыргыттан кыаҕын-сатабылын түмэн норуотугар көмө-өйөбүл буолбут үгүс чулуу дьон олорон аастахтара. Бүгүҥҥү күммүт биир ураты киһитэ – аһыныгас сүрэхтээх, көмүскэс күөннээх, уйан куттаах, көрүнэн-нарынан дьону үөрдэр идэлээх, санаа түһүн күүһүрдэр аналлаах эстрада артыыһа Клим Федоров. Кини соҕотох бэйэтэ сүүһүнэн киһиэхэ сөҕүмэр күүһү, күүстээх иэйиини, тирэхтээх эрэли уһугуннарар кистэлэҥэ туохханый? Ол туһунан ааҕыах, анаарыах уонна… түмсүөх, үтүөнү түстүөх.

    Эһиэхэ, эдэр ыалга

    Татьяна Куприянова

    Бу тэттик кинигэ ыал буоларга санаммыт эдэр ыччакка ананар. Манна суруллубут тыллар саҥа олох аартыгын арыйааччыларга бастакы истиҥ сүбэһит буолуохтара, санааҕытыгар санаа, күүскүтүгэр күүс эбиэхтэрэ.

    Ньоҕой эрэл

    Татьяна Находкина

    Ааҕааччыга биллэр прозаик Татьяна Находкина саҥа кинигэтин дьоруойдара – тыллара-өстөрө, санаалара-оноолоро, быһыылара-туттуулара киһини итэҕэтэр, ааптар бэйэтин оҕо сааһыттан уонна субу бүгүҥҥү олохпутуттан түһэн кэлбит тыа сирин олохтоохторун тыыннаах мөссүөннэрэ. Ааҕааччы киһи үтүө санаата, амарах быһыыта өрөгөйдүүрүттэн үөрүө, сыал-сорук, күүстээх санаа барыны кыайарыгар итэҕэйиэ уонна тус олоҕор туһалааҕы иҥэриниэ.

    Эн миэхэ соҕотоххун

    Галина Нельбисова

    Үс эдьиийдии-балыстыылар үһүөн туһунан ыал буолан олороллор. Үһүөн бу орто дойдуга дьахтар киһиэхэ ананар дьолу билиэхтэрин баҕараллар. Ол эрээри, дьылҕа кимиэхэ тугу биэрэрин бэйэтэ билэргэ дылы. Кинилэр үөрэр-хомойор, ыллыыр-ытыыр да түгэннэригэр өрүү бииргэлэр.

    Эргиллиэм мохсоҕол буолан

    А. К. Никифорова

    Репрессия сиэртибэтин о±олорун ыар дьыл±ата, ата±астабыл аґыы амтана, сирэй кірбіх буолуу, олох ханнык да батталыгар бэриммэт улахан таптал, кырдьык ірігійі, удьуор тыыннаах утума кэпсэнэр бу сэґэІІэ. Ааптар олоххо буолан ааспыт быґыы-майгы аныгы кэм ыччатыгар дьайыытын, суолтатын итэ±этиилээхтик кірдірір. Хас биирдии киґи олоххо дьолу кірдµµр, ол эрээри дьол туґунан ійдібµлэ тус-туґунан. Дьолу ситэ сатаан сымыйаны кууспаппыт буолуо дуо? ДьиІ аналы булунуу дьол буолаарай? Бу ыйытыыларга хоруйу кинигэ±э киирбит кэпсээннэр биэрэллэр.

    Саха аныгы ыалын сандалыта

    Валентина Семенова

    Кинигэҕэ билиҥҥи саха ыала күн аайы тото-хана сиир араас аһын эрэсиэбэ киирдэ. Бу сүбэлэри туһанан дьиэ хаһаайкалара чугас дьоннорун минньигэс аһынан күндүлүөхтэрэ. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Учуутал

    Аайа

    Төрүөҕүттэн көрбөт оҕо бу күн сирин, тулалыыр эйгэтин, күндү ийэтин хайдах «хараҕар» ойуулууруй? Таптыыр идэтин баһылаары дьиэтин-уотун умнан туран, түүннэри-күнүстэри үлэлиир эдэр учуутал кыыс атын киһи алҕаһын толуйа «ол дойдуга» аттанара диэн бу тугуй? Тыла суох соҕотох дьахтар киниэхэ Айыыһыта анаабыт оҕотун хайдах иитэн киһи-хара гынарый? Ааптар кэпсээннэрин дьоруойдара олох ухханыгар түбэһэн, кинилэри харгыстаабыт эрэйи-кыһалҕаны, тургутуулары эт хааннарынан хорсуннук ааһан, олохторун отуорун көннөрүөхтэрэ дуо? Биитэр Дьылҕа Хаан кинилэргэ өлүүлээбит чэпчэкитэ суох дьылҕаларыгар бэринэн, түҥнэри төлкөлөнөллөр дуу? Жизнь всегда проверяет человека на прочность. Проблемы, трудности, препятствия, возникающие с каждым разом, оставляют ощущение того, что целая жизнь – это ряд испытаний, требующий преодоления. С подобными тяготами сталкиваются и герои рассказов: незрячий с рождения мальчик, у которого нет понятия «видеть», уже подозревает о своей неполноценности; психологическая драма молодой учительницы, которая окажется за чужие грехи в местах лишения свободы, затронет за живое любого или то, как тихую радость одинокой глухонемой женщины, которая вот-вот станет мамой, воспринимает сельская гавань… Как им быть, как дальше жить? Поддаться обстоятельствам или, несмотря ни на что, бороться за свое место под солнцем? Об этом данное издание.

    Сүдү киһи Багдарыын Сүлбэ

    Л. В. Иванова

    Кинигэҕэ саха омук тумус туттар киһитэ М.С. Иванов-Багдарыын Сүлбэ норуотун туһугар үлэлээбит үлэтин, хорсун олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан сонун суруйуулар, олук тыллара, араас кэмҥэ суруйбут ыстатыйалара, алтыспыт дьонун ахтыылара түмүллэн киирдилэр. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. В издание вошли статьи и мемуары, касающиеся жизни и деятельности выдающегося сына якутского народа, внесшего неоценимый вклад в развитие Якутии, ее истории и топонимики М.С. Иванова-Багдарыына Сюлбэ. Книга предназначена для широкого круга читателя.

    Арсен Томскай. Үрдүккэ дьулус, санаабыккын ситис

    О. Н. Манчурина

    Оҕоҥ ситиһиилээх, булугас толкуйдаах, байылыат олохтоох киһи буолуон баҕараҕын? Оннук сатабылы оҕоҕо хайдах иҥэриэххэ? Ол кистэлэҥэ туохха сытарый? IT эйгэтигэр сахалартан бастакы урбаанньыт Арсен Томскай бары даҕаны холобур туттар киһибит. Бу кинигэҕэ кини кэнчээри ыччакка анаан аан дойду таһымнаах «inDriver» уонна «Синет» хампаанньалары хайдах төрүттээбитин, баар кыһалҕалары быһааран сайдар суолга үктэммитин туһунан кэпсиир. Олоххо көрүүлэрэ, үтүө санаалара, сүбэлэрэ оҕону үрдүккэ сирдиэхтэрэ, саҥа саҕахтары арыйарга көмөлөһүөхтэрэ. Желаете, чтобы ваш ребенок нашел призвание в жизни, обрел свою дорогу, которая приведет к заветным целям, и осуществил самые смелые идеи? Увлекательная и вдохновляющая история для детей первого технологического предпринимателя из Якутии, основоположника глобальных компаний «inDriver» и «Синет» Арсена Томского даст вам ответы на многие вопросы. Его жизненный опыт, мудрые советы, образ мыслей и приоритетные направления будущего помогут найти свой путь к успеху.