Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии сылларынааҕы өрөспүүбүлүкэ тыатын сирин ыар балаһыанньатын сырдатар хомуурунньук үһүс чааһыгар архыып докумуоннара, оччотооҕу кэм тыыннаах туоһуларын ахтыылара, билим уонна суруналыыстыка анал идэлээхтэрин чинчийиилэрэ, ырытыылара, хаһыат матырыйааллара, о.д.а. түмүллэн киирдилэр. Кинигэҕэ Ийэ дойдуну көмүскүүр туһугар дьоҕус ахсааннаах саха норуота хайдах курдук улахан сүтүктэммитин, кыайыыга сүҥкэн кылааты киллэрбитин итэҕэтиилээхтик арыйар чахчылар ааҕааччы болҕомтотун тардыахтара. В III часть сборника «Никто не забыт, ничто не забыто» включены архивные данные, документы, воспоминания детей войны, новые исследования историков, журналистов, публицистические статьи и др. свидетельствующие о тяжелом положении тружеников тыла – женщин, стариков и детей. Внимание широкого круга читателей привлекут факты, данные военных лет, раскрывающие героизм, самоотверженный труд сельчан, внесших неоценимый вклад в Великую Победу несмотря на лишения, нечеловеческие условия.
Талааннаах суруйааччы Николай Босиков айымньыларын хомуурунньугар хайа да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт уопсастыба күннээҕи кыһалҕата, сиэрэ-майгыта, уоллаах кыыс туҥуй маҥнайгы тапталлара, киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин кэрэ айылҕата олус бэргэнник, судургу тылынан сэһэргэнэр. В сборнике повестей известного писателя Якутии Николая Босикова описываются житейские проблемы общества, первая искренняя любовь, чарующая красота природы необъятной Якутии. Автор пишет простым, понятным языком, который способен дотронуться до сердца каждого читателя.
Сэһэҥҥэ оскуоланы саҥа бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэммит, олоҕун оҥостунар эдэркээн кыыс туһунан кэпсэнэр. Бары өттүнэн кэскиллээх диэн быраас идэтиттэн саҕалаан, араас идэҕэ холонон көрөр да, бэйэтэ да соһуйуон иһин, улуус киинигэр улааппыт оҕо үйэлээх үгэс түстэммит тыа сирин нус-хас олоҕор дьиҥ дьолун булан, киһи буолан кэскиллэнэр.
Бу ураты сюжеттаах айымньытыгар суруйааччы Галина Нельбисова аҕас-балыстыылар дьылҕаларын, билиҥҥи тэтимнээх олохпут сиэр-майгы өттүгэр соһуччу туруорар уһуктаах боппуруостарын, тыгыалас кыһалҕаларын тэҥҥэ тутан, сэһэргиир. Бу икки – бэйэ-бэйэлэригэр дьүһүннүүн-бодолуун, майгылыын-сигилилиин майгыннаспат – бииргэ төрөөбүттэр олохторун суолугар араас уустуктары көрсөн, бу сиргэ кэлбит дьахтар дьолун билэргэ дьулуһаллар. Айымньыга дьылҕа бэлэҕэ – сырдык, ыраас, үйэлээх таптал таайыллыбат таабырына сэһэн ис хоһоонун биир тыынныыр бэлиэ түгэнинэн буолар. В повести – перипетия женских судеб, двух родных сестер. Каждая из них стремится создать свое женское счастье, встречая и решая проблемы, которые ставят реалии современной жизни, и испытания судьбы. В сюжет органично вплетена нить, повествующая о разных судьбах жителей социального приюта. Затрагивается и вечная тема светлого чувства – любви.
Кинигэҕэ ааптар олоҕун сүрүн хайысхатынан буолбут милииссийэ уустук үлэтин түгэннэрин, ону тэҥэ саха киһитин кутун-сүрүн туппут булт абылаҥнаах сырыыларын уустаан-ураннаан сэһэргиир. Киһи олоҕо дьикти-дьиибэ көстүү, таайыллыбатах араас абылаҥ таҥылларын итэҕэтэр.
Кини оҕо сааһа – дьоллоох, эдэр сааһа – инникилээх, таптала – истиҥ… этэ. Ол эрээри олоххо араас буолар. Ким эрэ олох очуругар оҕустарар, ким эрэ бигэтик атаҕар турар. Оттон Дьоҕур дьылҕата хайдах салаллыай? Ааптар биир дэриэбинэҕэ олорор дьон ис дьиҥин, кыаҕын, киччим санаатын, дьоҥҥо, олоххо сыһыанын долгутуулаахтык ойуулуур.
Поэт хоһоонноругар Кэрэни уруйдуур, дойдутугар, сиригэр-буоругар, бар дьонугар сүгүрүйэр истиҥ-иһирэх тыллара ардыгар уу долгун нууралы, ардыгар Өлбөт полк тимир хаамыытын санаталлар. Кини бэйэтин төрөөбүт дойдутун кынатын биир куорсунун курдук сыаналаан, чахчы да ааҕааччыны үрдүк мэҥэ халлааҥҥа талаһарга ыҥырар, сырдыкка угуйар, умсугутар. В искренних словах поэта, славящего Прекрасное, поклоняющегося своей земле, народу, великой Матери-природе, слышны и тихое журчание волны, и железная поступь Бессмертного полка. Автор, ощущая себя одним пером в могучих крыльях родины, будто зовет читателя стремиться к высокому, светлому, прекрасному, воодушевляет и вдохновляет.
Үчүгэй кинигэни ааҕыы диэн хайа да кэм уһулуччу дьонун кытта сэһэргэһии, онуоха даҕатан кинилэр бастыҥ санааларын истии. Маннык санааны кытта ситимниэххэ сөп Иосиф Кобяков саҥа кинигэтин. Мындыр өй-санаа хомоҕой тылынан уустаан-ураннаан этиллэр хоһоонноро ааҕааччы сүрэҕэр кэрэ, истиҥ иэйиини уһугуннарыахтара. Общение с хорошей литературой сродни душевной беседе с самим автором. Поэтический мир Иосифа Кобякова разносторонний и самобытный, стихи заставляют задуматься о вечном, поговорить по душам с поэтом о жизни, мимолетности времени. Предназначена для широкого круга читателей.
Ааптар номоҕон хоһоонноругар Ийэ дойдутугар, төрөөбүт сиригэр-уотугар тапталын хоһуйар, бу олоххо киһи буолан үөскээбит аналын ырыҥалыыр. Бэйиэт чочуллубут тыла-өһө, сааһыламмыт санаалара ааҕааччыны умсугуталлар, кэрэҕэ, сырдыкка угуйаллар. В выверенной поэзии автора описывается бережное отношение к жизни, к чувствам, любовь к родной земле.
Ааптар саҥа кинигэтигэр уларыта тутуу сылларыттан саҕалаан суруйбут хоһоонноругар гражданскай общество сайдыытыгар, ааспыт уонна билиҥҥи историябытыгар санааларын аһаҕастык билинэр. Тус олоҕор, тапталыгар, биир идэлээх доҕотторугар, айар үлэтигэр саҥа кэм ирдэбилин итэҕэтиилээхтик суруйар. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.