Книга «Бессмертные имена» раскрывает тяжелые страницы годов репрессий, повествует о жестоких событиях тех лет. Издание служит напоминанием о героических людях, отдавших свои жизни за торжество справедливости и сумевших, несмотря на горе и лишения, воспитать своих детей настоящими патриотами любимой родины. Скрупулезный труд, основанный на архивных материалах, посвящен патриотическому воспитанию молодого поколения.
Коронавирус – это иллюзия! У большинства болезнь протекает легко! От ОРВИ умирает столько же людей, сколько от коронавируса! Так продолжают думать многие люди, считая, что история с COVID-19 сильно раздута. Но есть те, кто осознал всю силу этого коварного вируса. В книге собраны подлинные истории людей, которые лицом к лицу столкнулись с невидимым врагом человечества. Кому-то из них удалось выкарабкаться из объятий болезни, а кому-то была уготована более тяжкая участь… Коронавирус слишком коварен, чтобы пренебрегать им. Ведь неизвестно, как он проявит себя по отношению к тебе – пройдет мимо или уничтожит изнутри. Эта книга станет инструкцией по выживанию для читателя. Как говорится, предупрежден – значит вооружен.
Саргы биир күн сурук тутар. Биэчэргэ билсиһэн сөбүлүү көрбүт киһитэ «ол сиргэ» түбэспититтэн соһуйар, хомойор. Ол эрээри санаата онтон уларыйбат. Истиҥ сыһыанынан, ыраас тапталынан киниэхэ көмөлөһүөн, тирэх буолуон баҕарар.
Ааптар – профессор, суруйааччы, норуот эмчитэ, саха Аар Айыы итэҕэлин, былыргы медицинатын, этнографиятын, араас сиэри-туому, алгыстары, Доммнору, Аар Айыыларга үҥүүнү-сүгүрүйүүнү, араас биллибэт кистэлэҥнэри уһулуччулаахтык билээччи уонна чинчийээччи Улуу Айыы Ойууна В.А. Кондаков суруйбут киһи күннээҕи олоҕор туттуллар 19 Доммноро күннэтэ алҕанарга, көмүскэл күүһү ыҥырарга дьоҕус кинигэ буолан таҕыста. Дьиэҕитигэр, айаҥҥа, үлэҕитигэр илдьэ сылдьан алҕанаргытыгар ананар. Автор – профессор, писатель, выдающийся народный целитель, исследователь и знаток древней религии Аар Айыы, народной медицины, этнографии якутов, Айыы шаманизма Айыы шаман В.А. Кондаков. В книгу вошли 19 Доммов-Алгысов, предназначенных для каждодневных молений, необходимых в жизни каждого человека. Книга станет вашей надежной защитой, спутником во время поездок и путешествий.
Кыыл диэхтэн киһи курдук эрээри, уҥуоҕунан быдан улахан, бигэ киэптээх, сирэйэ үксэ түү, субурхай уһун баттахтаах күтүр. Тымныыттан харыстанан кыыл таба тириитин сүлэн ылан үрдүгэр быраҕынан иккис тирии оҥостор. Кини куо- лаһын истибит киһи суох эрээри, куттал тирээтэҕинэ сүр улаханнык иһиирэн өстөөҕүн үргүтэрэ биллэр. Оноҕоһу саа-саадах оҥостон бултуур, көмүскэнэр. Саһа үөрүйэх уонна олус түргэнник сүүрэр буолан, дьон хараҕар мээнэ көстүбэт.
Орто дойдуга олорор киһи ардыгар муунтуйар-мунчаарар, курутуйар-санньыйар, кимтэн-туохтан эрэ хомойор-хоргутар күннэрдээх, санааҕа ылларар, санаата оонньуур, түһэр, самнар кэмнэрдээх. Киһи барахсан итинтэн харыстаныахтаах, бэриммэт буоларга дьулуһуохтаах. Бу хомуурунньукка саха поэттарын дьон сүргэтин көтөҕөр, санаатын күүһүрдэр, олоххо умсугутар хоһоонноро талыллан киирдилэр. Саха поэзиятын сүрүн уратыта – олоххо тардыһыыны көҕүлүүр, киһиэхэ тапталы иитэр тосхоло, кэрэҕэ, үтүөҕэ ыҥырар сырдык анала буолар.
«Мэлдьи эн аттыгар буолуом…» Таптыыр сүрэхтэр силбэһэр ыралара итинник эбээт. Ол эрээри өрүкүйбүт иэйии иититтэн тахсыбатах эдэр дьон Дьылҕа Хаан кинилэргэ тугу ирээттээбитин хантан сэрэйиэхтэрэй? Дьоллоох олохторун соҕотохто аймаабыт биир түүн… Эбэтэр сыл-хонук устата дьапталлыбыт хом санаа, курутуйуу, өһүргэс хааһаҕын тиһэҕэр тэһэ аспыт бүргэстии, тапталтан кэлэйии… Дашалаах Сүнньүөх кылгас эрээри чаҕылхай, истиҥ тапталлара… Женялаах Рома кэлэйии кэннинэн чугуруппут, ол эрээри чымаан өй саҥалыы күөдьүппүт тапталлара… Этиҥ эрэ, бу дуо, табыллыбыт таптал эбэтэр табыллыбатах таптал?
Төбөтүн толкуйунан салайтара сатыыр, сиэрдээх санаалаах, кырдьыгы тутуһар, сымыйаны саралыыр баҕалаах сабыс-саҥа идэтийбит киһиэхэ туох харгыс баарый? Кини – учуутал. Кырата суох кыһалҕалаах кырачаан дьоҥҥо билиини иҥэрэр үөрэхтээх эдэр учуутал кыыс барахсан тус бэйэтин олоҕор болҕомтото тиийбэтэ баар суол. Ол эрээри, үтэн-анньан уйуһутан көрөр салалта киниэхэ туттарбыт “уустук” кылааһын хайдах урууллуурун, бэйэтин тус көрүүтүн хайдах сааһыланарын ким сэрэйиэй, арай учуутал күннүгэ эрэ билэн эрдэҕэ. Оттон ол күннүк күннэтэ кэпсиир кистэлэҥин арыйдахха – дьиҥнээх олох. Түбүк. Дьарык. Таптал. Кэлэйии. Киэптэтии. Мунуу. Быһаарыныы. Дьылҕаҕа бэринии…
Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэр киһи тус дьылҕатын эрдэттэн өҥөйөн көрбөт. Иннигэр туох күүтэрин хантан билээхтиэй? Оттон ырыанан эрэ үйэтин моҥообут эмиэ суох. Ол иһин КИҺИ дьылҕата уонна олоҕо куруук сүрүн болҕомтону эрэйэр… Бу сырыыга иэдээннээх тургутуулары ааһан, биир да түгэҥҥэ сынтарыйбакка, сыччах үтүөҕэ эрэ эрэлинэн сирдэтэн, олоҕун оһуорун бэйэтэ ойуулаабыт эр киһи киилин, тулуурун, күүстээх санаатын туһунан сэһэн дууһаны долгутар, сүрэҕи ытатар… Киһи тыыннааҕын тухары эрэлин сүтэрбэтэ тиһэҕэр булгуччу сырдык тардыылаах, дьол кыымын ыспахтыыр күүстээх буоларын ааҕааччы бу кинигэттэн итэҕэйиэ. Распутать клубок интриг, раскрыть завесы семейных тайн, выяснить, что случилось с сыном, и главное, не сломаться и выжить, поставить всех детей на ноги – непростая задача для одинокого мужчины. Но он обязательно справится. Необычный сюжет данной повести потому и притягивает внимание читателя. А рассказы, казалось бы, о буднях обычной жизни, заставят его посмотреть на себя и на окружающий мир другими глазами. Осталось лишь понять, что жизнь – это любовь, верность, преданность и светлая вера в будущее.
Эрэй-муҥ киһини батыһар… Бэйэ бодотун сүтэрэн, ааты алдьатан, суолу сотторон, кии буолар сор кимиэхэ баҕарар, хаһан баҕарар суоһуур… Ону ойоҕостон сиилиир-сиргэнэр судургу, көрбөтөх-билбэтэх буолан таҥнары хайыһар, сапсыйан кэбиһэр саха киһитигэр олуона. Тыын тыыҥҥа харбас… Олох уонна өлүү тыҥааһыннаах түөрэккэй кирбиитигэр тиийбит муҥнаах, туохтан тутуһан, тугу далаһаланан өрүһүммүтүн туһунан, дьиҥнээх олоххо буолбут биир холобурга олоҕуран, бу сэһэҥҥэ кэпсэннэ. Кэнэҕэскитин дьону-сэргэни маннык иэдээн тумнарын туһугар.