Айар

Все книги издательства Айар


    Сааскы кэм

    Амма Аччыгыйа

    Микиитэ уол ийэтэ ыарытар. Сыҥаһа ыксатыгар сиргэ тэлгэммит окко үҥкүрүйэ сытан иэйэр-туойар. Микиитэ ийэтигэр дьулуһа сатыырын биир элэстэммит хатыҥыр эмээхсин ыыппат.

    Хотун Куо

    Ойуур Уйбаан

    Билиҥҥи кэмҥэ эдэр учуонай, кэрэ кыыс Күннэй иннигэр олох икки суолу аһар – айылҕа маанылаабыт сытыы өйүнэн, абылыыр дьүһүнүнэн, умсугутар быһыытынан-таһаатынан саталлаахтык туһанан карьера кирилиэһин өрө дабайан үөһэ былааска тахсыы биитэр тапталлааҕыныын сирдээҕи дьолу билэн дьоһун ыал аатын ылан, удьуору салҕааһын. Бу икки суолтан аныгы тэтимнээх үйэ кэрэ куота ханныгын талыай?

    Хараҥа сискэ

    Урсун

    Кинигэҕэ саха биллиилээх поэта, кириитигэ, тылбаасчыта Н.Е. Винокуров-Урсун урут бэчээттэммит, ону тэҥэ саҥа сонун кэпсээннэрэ оҕо сааһын умнуллубат түгэннэрин, олоххо киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн көстөр моһоллору, булт дьикти түбэлтэлэрин ааҕааччыны долгутар гына кэрэхсэбиллээхтик, сэргэхтик сэһэргииллэр. Умсугутуулаах айымньылар суруйааччыны туспа суоллаах-иистээх прозаик быһыытынан билиһиннэриэхтэрэ.

    Буолар да эбит

    Огдо

    Олох оонньуута, оттомо, оҥкула, охсуута, оломо, оҥоһуута, олоруута, ойуута, оһуора, омуна… оо, олуһун! Биир тылынан буолбакка, быһалыы эттэххэ: буолар да эбит!

    Баай барыылаах Байанайдан

    Андрей Яковлев

    Кинигэҕэ ааптар чуолаан эдэр булчукка туһалаах сүбэлэрэ, Ийэ Айылҕаҕа тус сыһыана, булчут ыырыгар көрсөр араас быһылааннара, түүл-бит, сиэр-майгы тиэмэлэригэр суруйбут кэпсээннэрэ уус-ураннык ойууланан киирдилэр.

    Арыгыһыт кэргэннээх сор

    Галина Нельбисова

    Арыгыга ылларан, олоҕун үтүө күннэрин халтайга ыыппыт, ол эрээри өрө биэрэн, күүстээх санааны ылынан көнөр суолга тахсыбыт Захар олоҕун кэпсээнэ, ис сүрэҕиттэн сүбэлиир амалыыр тыллара бу куһаҕан дьаллыктан арахсыан санаалаах дьоҥҥо туһалыа, ханан эрэ көнөр суолга тахсарга көмөлөһүө.

    Айылҕаттан аналлаах Чугдаара Хотун

    Галина Нельбисова

    Кинигэҕэ Амма Алтаныгар олорор айылҕаттан анаммыт дьикти дьоҕурдаах Матрена Ивановна Григорьева-Чугдаара Хотун ураты дьылҕата, дьону-сэргэни хайдах эмтээн саҕалаабыта, аһыллыбыта кини истиҥ кэпсээнинэн, этитиилээх хоһооннорунан уонна суруммут бэлиэтээһиннэрин быһа тардыыларынан сырдатыллар. Бар дьонугар сырдыгынан сыдьаайар Чугдаара Хотун күннээҕи олохпутугар туһалаах сүбэлэрин билсиҥ, алгыстаах чуораанын аргыс оҥостуҥ.

    Анджелина Джоли живет в Якутии

    Алексей Амбросьев-Сиэн Мунду

    В новой книге известного писателя, сценариста и переводчика Алексея Амбросьева-Сиэн Мунду, вошли как уже знакомые читателям повести и рассказы «Разговор с матерью», «Каблук», «Старая гирлянда» и другие, так ещё и не опубликованные ранее произведения. Книга приурочена к 55-летию писателя.

    Лики духовности

    Ксенофонт Уткин

    В эссе-монологе профессора К.Д. Уткина-Нүһүлгэн прослеживаются авторские размышления о научно-педагогической и общественной деятельности Куннэй Егоровны Гагариной, кандидата педагогических наук, докторанта, лауреата Государственной премии Республики Саха (Якутия) в области науки и техники, отличника образования Республики Саха (Якутия), отличника культуры Республики Саха (Якутия), отличника молодежной политики Республики Саха (Якутия), обладателя Гранта Президента Республики Саха (Якутия). Повествование идет от лица Учителя и Наставника как неутихающее слово благодарности и признательности своей ученице и последовательнице положительных устремлений духовного подъема общества.

    Писатели Якутии

    Валентина Павлова

    Справочник содержит краткие сведения о жизни и творчестве писателей Якутии и тех авторов, произведения которых имеют значение для истории якутской литературы.