Кинигэҕэ өрө-таҥнары ытыллар үргүөрдээх үйэҕэ күннээҕи кыһалҕаттан, судургу да түгэннэртэн кэрэни булан кэрэхсиир, үтүөҕэ тардыһар дьон олохторун лоскуйдара ойууланар. Ааптар дьиэ кэргэн, оҕо, төрөппүт, эһээ, эбээ сыһыаннарын бэрт истиҥник сэһэргиир.
Даана Сард «Сүлүһүннээх таптал» айымньытынан таптал киһини аҥаардас кынаттыыр эрэ буолбакка, самнарар, хара санаатын уһугуннарар дьайыылааҕын сэһэргиир. Айымньыга тус кыһалҕалаах, араас дьылҕалаах, уйулҕалаах, санаалаах дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ырылхайдык ойууланар. Уус-уран сценарий киинэ сценарийыттан кыра уратылардаах. Сериал салгыыта сотору күөх экраҥҥа тахсара күүтүллэр.
Хайа да сааска таптал – таайыллыбат таабырын. Кинигэ дьоруойдара – куорат мааны хотуна Виктория уонна тайҕа хаһаайына Борокуоп – эмискэ быһыы-майгы уопсуһуутугар үүтээҥҥэ көрсүһэллэр. Аан айылҕа ортотугар эр киһи уонна дьахтар икки ардыгар сылаас, истиҥ иэйии үөскүүр. Сүрэх барахсан соһуччу кэлбит тапталга бүүс-бүтүннүү бэриниэн баҕарбытын үрдүнэн, олох укулаата, дьиэ кэргэн, дуоһунас – барыта кинилэр утары курдук…
Булт абылаҥар ылларбыт, сонор суолун олоҕун усталаах-туоратыгар үгүстүк тэлбит, Баай Байанай мааны бэлэҕэр элбэхтэ тиксибит, үөрүүтүн-хомолтотун этинэн-хаанынан билбит ааптар булчут араас мучумаанын, мүччүргэннээх сырыыларын уустаан-ураннаан ааҕааччыга бэлэх уунар.
Кинигэҕэ Саха сирин араас улууһун чулуу булчуттара уонна биллиилээх тустууктар Герман Контоев, Петр Бурцев, Владимир Кириллин уо.д.а. өбүгэлэрбититтэн хаалбыт үтүө үгэһи, сиэри-туому тутуһан, тулалыыр эйгэни харыстаан, айылҕа таайыллыбатах кистэлэҥин, дьиктитин да көрсөн, быһылааннаах, мүччүргэннээх түбэлтэлэр, ойуур адьырҕаларын кытта тыҥааһыннаах күөн көрсүүлэрэ, кии эбэтэр киһи буолар кыл түгэннэрэ, тыын былдьаһыга сытыытык, арылхайдык ойууланна.
Ааптар норуот тылынан айымньытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, уус-уран сэһэн-кэпсээн суруйан хаалларбыт. Айымньыларга былыргы сахалар кус быһый, ат бөҕө, сорсуннаах булчут эрэ буолбакка, имэҥнээхтик таптыыр уйан сүрэхтээхтэрэ, кэрэни кэрэхсиир куттаахтара, ырааҕы ыраҥалыыр мындыр өйдөөхтөрө хоһуйуллар.
Кинигэҕэ ааптар эн биһикки билиҥҥи олохпут-дьаһахпыт эйгэтин, дьиэ-кэргэн дьолун, тапталын, үөрүүтүн-хомолтотун, киһи олоҕор күн аайы көстөн ааһар түгэннэри итэҕэтиилээхтик ойуулуур кэпсээннэрэ киирдилэр.
Ааҕааччы тапталын, билиниитин ылбыт ааптар бу кинигэтигэр дьон сыһыанын, тапталы, тулхадыйбат эрэли, ахтылҕаны иэйиилээхтик суруйар. Олох дьахтарынан салҕанар, кини айылгытын быһыытынан үчүгэйи үтүктэр, сыыһаны киэр анньар, саҥаҕа кыттыһар күүстээх санаалаах. Бу туһунан «Өтөх иинэ оспот», «Таптал кыыма сөҕүрүйбэт», «Хаан аймах» кэпсээннэргэ ааҕыаххыт.
Кинигэҕэ үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин, кинилэр учууталларын күннээҕи үлэлэрэ-хамнастара, түбүктэрэ-садьыктара иһирэхтик кэпсэнэр. Олох киэҥ аартыгар саҥа үктэнэн эрэр оҕолор утарынан көрүүгэ төһө да дьорҕоот, сытыы курдук буоллаллар, ис иһигэр киирдэххэ, сүрдээх өс киирбэхтэр, уйаннар, чараастар. Кинилэр кэрэҕэ, үтүөҕэ тардыһаллар, күннээҕи олох хас биирдии түгэниттэн үөрэллэр-көтөллөр.
Дорогие ребята и их родители! В этом сборнике публикуются произведения Галины Ивановны Варламовой-Кэптукэ, написанные для маленьких читателей и слушателей – самой важной аудитории литературного жанра. Вашему вниманию представлены литературные тексты по мотивам эвенкийского фольклора, написанные Галиной Кэптукэ в разные годы ее творчества. Часть произведений публикуется на родном эвенкийском языке. Вы познакомитесь с волшебными духами, смелыми богатырями, храбрыми и мудрыми героями. Добро пожаловать в удивительный мир эвенкийского творчества – мир Галины Кэптукэ!