Айар

Все книги издательства Айар


    Бүтэһик ботуруон

    Май Емельянов

    «Үүтээн үһүйээннэрэ» серия Май Емельянов «Соһуччу көрсүһүү» диэн кинигэтинэн саҕаламмыта, дьон сэҥээриитин ылыан ылбыта. Бу «Бүтэһик ботуруон» кинигэҕэ ааптар доҕотторо, аймахтара, ааҕааччылара бултуу сылдьан араас быһылааҥҥа, түбэлтэҕэ түбэспиттэрин туһунан уус-ураннык ойуулуур. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

    Тыллыы

    Мария Андреева

    Эдэр ааптар дьоҕус хоһоонноругар олоҕу дириҥник анаарыыта, таайыллыбат таабырыны – тапталы хоһуйуута, аар айылҕа көстүүлэрин тыыннааҕымсытан дьүһүйүүтэ, олох бүппэт мөккүөрүгэр хоруйдары көрдөөһүнэ хомоҕой тылынан сонуннук ойууланар. В коротких стихотворениях молодого автора явственно прослеживается глубокая духовная связь с природой. Это отражается и в чрезвычайно тонких, одухотворенных описаниях природных явлений, и в гармоничном сопоставлении состоянии души поэта с ними.

    Былдьаама, дьылҕам, тапталбын

    Айталина Никифорова

    Дьиҥ таптал үйэлээх дииллэр, хаһан да умнуллубат. Сэһэҥҥэ эр киһи олоххо биирдэ бэриллэр истиҥ иэйиитин туһугар туруулаһыыта арыллар. Олох очурдарын, дьон уодаһыннаах санаатын, арахсыыны, кэм-кэрдии харгыһын кытаанах санаалаах, инникигэ эрэллээх, истиҥник таптыыр эрэ киһи тулуйар, сирдээҕи дьолун булар.

    Барыта алҕас этэ…

    Огдо

    Омуннаах-төлөннөөх тапталынан талымастана сөхтөрөр, очурдаах-чочурдаах олоххо орох тэбэр оҕо киһи оннун булар омоон суола, ардыгар, оннук оҕуруктаах, ураты уустук…

    Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан

    Группа авторов

    Бу кинигэҕэ саха норуотун улуу уолун П.А. Ойуунускайы (1893–1939) киһи быһыытынан арыйар уонна хайдах олоҕу олорон ааспытын көрдөрөр ахтыылар киирдилэр. Бу ахтыыларга билиҥҥи ааҕааччы П.А. Ойуунускай кэрэ сэбэрэтин, майгытын-сигилитин уратытын уонна хайдахтаах үтүөкэннээх киһи буоларын илэ-бааччы билиэ, сэргиэ. В книгу вошли воспоминания о великом сыне якутского народа П.А. Ойунском (1893–1939), раскрывающие его личность как человека, рассказывающие, как он прожил свою непростую жизнь. В этих мемуарах современный читатель увидит в Ойунском человека с прекрасной душой, характером, большим сердцем.

    Баҕар өлүөм, баҕар тиллиэм…

    Группа авторов

    Хомуурунньукка саха буойуннарын уоттаах сэрии толоонуттан ыыппыт суруктара киирдилэр. Ийэ дойдубут көмүскэлин, кэнэҕэски ыччат кэскилин туһугар геройдуу охсуспут хорсун саллааттар суруктара хас биирдии киһи уйан сүрэҕин таарыйыа, ол кэм чахчытын көрдөрүө.

    Дьолго баҕаран

    Айталина Никифорова

    Олох тутула уларыйар быыһык кэмигэр аныгы дьахталлар обществоҕа бэйэлэрин миэстэлэрин булунуулара, араас быһыыга-майгыга түбэһиилэрэ бу кинигэҕэ кэпсэнэр. Геройдар араас дьарыктаахтар: коммерсант, учуутал, дьиэ хаһаайката… Кинилэр олоҕу араастык өйдүүллэр, тус-туһунан суолу тэлэллэр. Ол гынан баран, кинилэри биир холбуур. Ол – дьолго баҕарыы. Ким эрэ дьол – харчыга дии саныыр, ким эрэ – дьиэ кэргэҥҥэ, тапталга, оттон сорох – былааска диир. В книгу вошли рассказы о разных судьбах наших современниц. Одна когда-то успешно занималась предпринимательством, другая – скромная учительница, третья – служащая, а четвертая – домохозяйка… Но их всех объединяет одно – это жажда жизни, любви и простого человеческого счастья. Но где оно, это счастье? Как его поймать?..

    Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)

    Семен Маисов

    Роман төрдүс чааһыгар ааптар уус-уран хомоҕо тылынан тыа сирин дьонун сэрии кэннинээҕ олохторун ымпыгын-чымпыгын ойуулаан көдөрөр.

    Даайыһым, эрэлим

    Степан Марков

    Төгүрүк тулаайах хаалбыт Даайыһы оҕо дьиэтиттэн эдэр ыал иитэ ылар. Дьылҕа тыйыс ыйааҕынан эдэр дьон бэйэлэриттэн икки кыра оҕолорун хаалларан олохтон соһуччу бараллар. Иккистээн тулаайах хаалбыт, сокуоннай сааһын саҥа сиппит кыыс олоххо, кэрэҕэ тардыһар күүһүн, дьулуурун тутуһан, ону булгуруппакка олоххо сыалын ситиһэр, бэйэтэ үөрэхтэнэр, оҕолорун иитэн-улаатыннаран үөрэх аартыгын тутуһуннарар.

    Дьолло бэлэхтээ, Сэргэлээх

    Аркадий Дорофеев

    Эдэркээн Сима Унаарап, университекка киирэн, бүтэриэр диэри устудьуоннуур олоҕо – маҥнайгы туҥуй таптала, кэскиллээх сырдык ыралара, оччотооҕу ыччат араас кыһалҕата киэргэтиитэ суох көстөр. Биир сокуонунан салайтарар, биир тэҥ быраабы тутан олорор улуу дойдуга кырдьыктаах сыһыан туһугар туруулаһарга тиийиллэр. Бэйэни сайыннарарга кыһаллыбатаххына, ким даҕаны ытыскар аҕалан ууран биэрбэт. Ити туһунан ааптар уус-ураннык, өйдөнүмтүө судургу тылларынан суруйбутун ааҕыаххыт.