Хомуурунньукка «Бичик» национальнай кинигэ кыһата 2010 с. ыыппыт «Сонун сүүрээн» литературнай куонкуруска биһирэммит үлэлэр түмүллэн киирдилэр. Киһи бу олоххо туох аналлаах кэлэрий? Тапталы билэ, дьиэ-уот тэринэ, оҕо төрөтө диэхтэрэ сорохтор. Ол эрэн бу сирдээҕи дьол сороххо чэпчэкитик кэлбэтин, быстах санааттан, сыыһа туттунууттан барыта түөрэ эргийиэн сөбүн сэһэн да, кэпсээннэр да геройдарын олохторо итэҕэтиилээхтик көрдөрөр.
Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан күн-дьыл туругун кэтээн көрөрө, айылҕа туругунан инникитин хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын сылыктыыра, билгэлиирэ. Норуот ити билгэлэрин туһунан суруйааччы Иннокентий Сосин сиһилии кэпсиир.
В седьмой том «Избранных трудов» зачинателя ономастических исследований в Республике Саха М.С. Иванова-Багдарыын Сюлбэ включен «Словарь топонимной лексики Республики Саха: местные географические термины и понятия», подготовленный с рукописи научного отчета «Словарь местных географических терминов Якутии». Словарь содержит 1800 географических терминов и понятий, зафиксированных в топонимии республики. Материал собран автором в поисково-исследовательской работе в полевых условиях. Использованы архивные материалы и научная литература. Словарь предназначается учащимся и преподавателям учебных заведений, филологам, историкам и всем кто интересуется краеведением республики.
Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан өбүгэ үөрэҕин туһанан бэйэтин тургутан үтүө түмүк оҥостубут көрүүлэрин, билиилэрин үллэстэр. Кини мындыр сүбэлэрэ бэйэ кыаҕын арынан, ис туругу, доруобуйаны тупсаран астына-дуоһуйа олорорго төһүү күүс буолуохтара. В книгу включены советы и наставления шамана, алгысчыта, философа Кулан хан, основанные на вере, традициях, философии, культуре мышления, особенностей менталитета народа саха, по оздоровлению души и тела, укреплению силы духа.
Хомуурунньукка күлүүлээх кэпсээннэр, дэриэбинэ олоҕуттан көрүдьүөстэр, оҕолорбут саҥалара, анекдоттар киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан итэҕэл уонна ыраастаныы туһунан мындыр көрүүлэрин үллэстэр. Кини дириҥ ис хоһоонноох сүбэлэрэ куту-сүрү бөҕөргөтөргө, ыраастанарга төһүү күүс буолуохтара, дьиҥ дьол туругун билэргэ көмөлөһүөхтэрэ. В книгу вошли рассуждения белого шамана, алгысчыта, философа Кулан хаан о вере саха и об очищении. Его советы содержат глубокую жизненную мудрость. Они станут подспорьем в укреплении духа и очищении души, помогут обрести истинное счастье.
Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан оҕону иитиигэ мындыр көрүүлэрин үллэстэр. Кини дириҥ ис хоһоонноох сүбэлэрэ күүстээх санаалаах, чөл куттаах- сүрдээх оҕону иитэн-улаатыннаран таһаарарга төһүү күүс буолуохтара. В книгу вошли советы белого шамана, алгысчыта, философа Кулан хаан о том, как вырастить успешного ребенка с крепким внутренним стержнем. Книга станет подспорьем в воспитании здоровых как физически, так и духовно детей.
Дьоҕус кинигэҕэ киирбит айымньылар бары итэҕэли, көстүбэт күүһү, чараас эйгэни кытта ыкса ситимнээхтэр. Эдэр дьон олоҕо сиэри-туому кэһииттэн алдьанарын, айылҕа киһини куттуур сөҕүмэр күүһүн, аньыы-хара тиһэҕэр тиийэн иэстэбиллээх буоларын туһунан кэпсээннэр ааҕааччыны толкуйдаталлар, тулалыыр эйгэҕэ, төрүт үгэскэ харыстабыллаах сыһыаннаах буоларга уһуйаллар. Кэпсээннэр тэтимнэрэ болҕомтону тутар, ойуулана турары бу баардыы көрдөрөр. В книгу вошли произведения, так или иначе затрагивающие потусторонний мир, вопросы веры и исконных традиций народа саха. Рассказы заставляют задуматься об отношении к окружающему миру, традиционным устоям, к природе. Динамичный сюжет удерживает интерес читателя с начала до конца каждого произведения.
Биллиилээх учуонай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл У.А. Винокурова отут сыллааҕыта тахсыбыт «Биһиги, сахалар…» диэн кинигэтин салгыытыгар тургутуулаах кэрдиис кэмнэри тэҥниир, ханнык хайысхаҕа ситиһиилэр уонна алҕастар тахсыбыттарын ырытар. Саха омук олоҕун дьылҕатын уон икки оҥкулларга арааран, сайдыыны салҕыыр суоллары торумнуур. Ааптар ааҕааччыны кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэһэн, санаа атастаһан, инникини барыллааһын тускулларын ырытар. Саха ыраланар кэскилигэр бигэ эрэл араас өрүттээх туруулаһыынан ситиһиллэрин арыйар уонна онно бэлэмнээх ыччаты иитэргэ ыҥырар. Известный научный и общественный деятель, доктор социологических наук, профессор У.А. Винокурова в продолжении своей книги «Биһиги, сахалар…» (Мы, саха… ) сравнивает исторические вехи в судьбе народа саха, в особенности, выявляет достижения и неудачи постсоветского периода. Она выделяет 12 судьбоносных аспектов в национальном самосознании народа саха и возможности их саморазвития. Автор выступает в качестве собеседника с читателем, вдумчиво и обстоятельно делится своими размышлениями по актуальным проблемам повестки дня. Предлагает свое видение места народа саха в глобальном мире и модернизации воспитания молодежи.
Эта книга откроет русскоязычному читателю богатейшую культуру и литературные традиции, позволит приобщиться к духовному богатству народа саха и станет истинной находкой для ценителей художественного слова. В издании представлены произведения классического наследия и современных авторов якутской художественной литературы. В литературный сборник вошли переводы автора разных лет, с 90-х годов по настоящее время. Некоторые из них публиковались в республиканских журналах и газетах, выходили отдельными книгами. Большая часть выходит в свет впервые. Книга предназначена для широкого круга читателей.