Айар

Все книги издательства Айар


    Легенды и сказки Севера

    Сборник

    Край северный… Изумительный и загадочный, величественный и сказочный… В книгу вошли легенды и сказки народов Севера России: якутов, эвенов, эвенков, юкагиров, долган, чукчей, эскимосов, саамов, нивхов и других народов, которые удивляют не только разнообразием своих сюжетов, но и поражают своей поэтичностью, музыкальностью изложения, глубокой духовностью повествования. Читая их, можно окунуться в таинственный и далёкий Север, почувствовать суровую и манящую красоту снежного края. Издание предназначено для массового читателя. В формате PDF A4 сохранен издательский макет книги.

    Кухня Севера. Кулинарные шедевры с суровым характером

    Сборник

    В сборник включены традиционные рецепты народов Якутии. Книга составлена и переведена из различных источников, книг, брошюр, журналов и газет. Для широкого круга читателей. В формате PDF A4 сохранен издательский макет книги.

    Дьокуускай харах уутун итэҕэйбэт

    Иван Тарабукин

    Кыраттан да тэмтэрийэн олох дьэбэрэтигэр түспүттэр биһиги уопсастыбабытыгар аҕыйаҕа суохтар. Киһи тоҕо куһаҕаҥҥа убанарый? Арыгы хайа эмэ киһиэхэ үтүөнү аҕалла дуо? Убайдыы-бырааттыы ааптардар тэттик кэпсээннэрэ ааҕааччыны толкуйдатыахтара.

    Тыа кэһиитэ

    Аким Татаринов

    Кинигэҕэ тыа дьонун олоҕо-дьаһаҕа кыра оҕо сонургуу көрбүт хараҕынан ойууланар. Булт, балыктааһын, дьиэтээҕи түбүктэр, айылҕа көстүүлэрэ – барыта бииртэн биир дьикти буолан арыллаллар. Орто уонна улахан саастаах оҕолорго ананар.

    У всякой охоты свои заботы

    Степан Сивцев-Хамалга

    В сборник вошли рассказы об охоте на северных просторах Якутии. Автор увлекательно раскрывает тонкости охоты, при чем иногда процесс добычи зверя, птицы как бы отступает на второй план. Вовсе не удачный выстрел является для охотника главным в охоте, а главное – переживания человека, находящегося на природе. В центре внимания – описание целой гаммы чувств, которые обуревают охотника: радость, грусть, отчаяние, надежда, восторг…

    Лаглайбыт күөх харыйачаан

    Группа авторов

    Кинигэҕэ Саҥа дьылга аналлаах хоһооннор, ырыалар, сценарийдар киирдилэр. Төрөппүт, иитээччи, учуутал оҕону ыллыыр-туойар, кэрэни кэрэхсиир дьоҕурун сайыннарарыгар аналлаах.

    Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ

    Группа авторов

    Кинигэҕэ Саха сирин араас муннуктарыгар тахсыбыт дьулаан түбэлтэлэр таҥыллан киирдилэр. Хомуурунньук норуот тылынан уус-уран айымньытын кытта ыкса сибээстээх "Түгэх түөлбэ түбэлтэлэрэ" уонна куорат олохтоохторугар киэҥник тарҕаммыт араас кэпсээннэргэ олоҕурбут "Куорат сир кэпсээннэриттэн" диэн икки түһүмэхтэн турар. Ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.

    Саамай күндү бэлэх

    Группа авторов

    Хомуурунньукка узбек уонна таджик норуоттарын остуоруйаларын сахалыы тылбаастара түмүллэн киирдилэр. Остуоруйаларга Орто Азия норуоттарын муудараһа, үйэлээх үгэстэрэ көстөр, куһаҕан күүстэн үтүө санаа көмүскүүрүн, булугас өй, мындыр толкуй, хорсун быһыы быыһыырын туһунан кэпсэнэр. Кинигэ Саха АССР норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, учуутал, суруналыыс София Матвеевна Охлопкова төрөөбүтэ 100 сылын көрсө тахсар, кыра уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар ананар.

    Великий шаман Никон

    Группа авторов

    «Великий шаман Никон» – это не этнографическая книга, а сборник воспоминаний очевидцев и земляков, ученых и писателей об известном целителе Н.А. Поскачине-Васильеве, который был действительно одаренным лекарем и практикующим шаманом. В своих воспоминаниях авторы рассказывают о традиционных шаманистских практиках Великого Старца Никона. По сути это стройная система саморазвития, развития уникальных его возможностей, заложенных в гене. Книгу переполняет любовь и доброта, внимание и тепло – к людям и к миру вокруг нас. И в этой книге, и в своей практике составитель книги, племянник Старца, Н.Е. Васильев определяет шамана Никона как целителя взаимоотношений: взаимоотношений ума и тела, взаимоотношений между людьми, между человеком и обстоятельствами, между людьми и природой, между материей и духовностью. Книга предназначена для широкого круга читателей.

    Саллаат уонна таптал

    Сомоҕо

    Эдэркээн учуутал Эрчим Быгаанап Ньукуолун саҕана аармыйаҕа ыҥырыллан, сулууспалыыр чааһыгар – Чукоткаҕа силлиэлээх-буурҕалаах муус-хаар дойдуга биирдэ баар буола түһэр. Бу дойду хаардаах хомолорун, чымаан хайаларын сүдү көстүүлэрэ, чукчалар муора аарыма харамайа киити бултууллара – барыта саха киһитин хараҕынан ойууланара ааҕааччы болҕомтотун тардыаҕа. Ааптар бу уруһуйдуур дьоҕурдаах, сайаҕас майгылаах уолунан уонна кини доҕотторунан сирэйдээн, саха ыччата ханна да тиийдэҕинэ, араас омук бэртэрин кытта тэҥҥэ, үксүгэр ордук даҕаны, сулууспалыырын, эҥин моһоллору этэҥҥэ туоруурун итэҕэтиилээхтик, киэн тутта сэһэргиир. Маҥнайгы долгутуулаах нарын таптал, санаа хоту табыллыбатаҕын да иһин, инникигэ эрэли саҕарын манна көрөбүт. Кинигэ иккис аҥаарыгар суруйааччы уонна уопсастыбаннай диэйэтэл айар үлэтин дьүһүйэр анаарыылар киирдилэр. Главный герой повести Эрчим Быганов, молодой учитель рисования и черчения, призывается в ряды Советской Армии и попадает в сложнейшие условия службы – на Чукотку. Суровые снежные сопки, величественные виды бухты Чукотского моря и Берингова пролива, необычные будни аборигенов – охотников, китобоев – читатель воспринимает глазами паренька из якутской глубинки. В произведении правдиво показывается, как армейская жизнь закаливает характер героя: благодаря своему дару рисовать он быстро адаптируется к военной среде, развивается как личность, становятся четче его нравственные ориентиры. Прекрасное чувство трепетной первой любви вдохновляет его на преодоление любых испытаний. Книга приурочена к 70-летию писателя и общественного деятеля.