Айылҕа барахсан оҥорботоҕо диэн суох… Ол биир дьикти көстүүтүнэн үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах Күннэй Кардашевская буолар. Кинигэҕэ кини удаҕаҥҥа уһуйуллуу олуктарын хайдах ааспытын туһунан ийэтин сиһилии суруйуута, ону сэргэ эдэркээн кыысчаан абынан-хомуһунунан эмтиир кыаҕын билбит, дьүһүн кубулуйарын, куолаһын уларытарын, салгыҥҥа уйдарарын, о.д.а. илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон ахтыылара таҥыллан киирдэ. Таһаарыы чараас эйгэ илэ-чахчы баарыгар, айылҕа күүһүгэр итэҕэтиэҕэ. Природа – великий творец. Одним из ее удивительных созданий является Кюннэй Кардашевская, которая обладала уникальным даром. В книге приводятся воспоминания ее матери, родных, друзей и знакомых, которые стали свидетелями того, как она проходила стадии посвящения в шаманы, как лечила с помощью своей божественной способности, как меняла облик и голос, парила в воздухе и т.д. Издание, несомненно, заставит поверить читателя в существование потустороннего мира и силу природы.
Хомуурунньукка Алын, Орто, Үөһээ Бүлүү улуустарын суоннук сураҕырбыт айылҕаттан айдарыылаах, ураты дьоҕурдаах дьонун туһунан научнай төрүккэ олоҕурбут кэпсээннэр, архыып матырыйааллара, илэ бэйэлэрин кытта алтыспыт дьон ахтыылара, үһүйээннэр, номохтор таҥыллан киирдилэр. Кинигэттэн ураты дьоҕурдаах ытык дьоммут хайдах эттэниини ааспыттарын, уһуйуллубуттарын, ону тэҥэ өтө көрүүлэрин, эмтиир ньымаларын туһунан сиһилии билиэххит. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланар. В сборник включены архивные материалы, рассказы, основанные на научных заключениях, воспоминания очевидцев, легенды и предания о почитаемых людях Нижнего, Среднего и Верхнего Вилюйска, наделенных удивительными паранормальными способностями. В книге подробно описывается, как шаманы проходили страшное и подчас смертельно опасное испытание – «шаманскую болезнь», как обучались этому «ремеслу», об их методах лечения и многое другое. Для широкого круга читателей.
Бу аан бастаан тахсар кинигэҕэ уһулуччу дьоҕурдаах, норуотун туһугар олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт улуу удаҕан, эмчит Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана туһунан архыып матырыйаалларыгар, сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕуран сурулунна. Айылҕаттан айдарыылаах улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылын көрсө кини түҥ былыргылыы эмтиир ньымаларын, сүппүт дьону булар дьоҕурун, инники олоҕу өтө көрөр ийэ айылгытын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар. Всегда интересны истории и легенды о загадочных сверхвозможностях человека. Одной из самых феноменальных личностей народа саха является знаменитая удаганка, целительница Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Анна Алысардах. В книге впервые публикуются интересные факты, основанные на архивных материалах, воспоминаниях людей, лично знавших ее, и рассказы очевидцев об уникальном даре этой удивительной женщины. Для широкого круга читателей.
Ааптар, Саха сиригэр сүрэх-тымыр ыарыыларын хирургиятын төрүттээбит, элбэх дьону өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт, сүҥкэн үтүөлээх кардиохирург Захаров Петр Иванович, өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр, уопутугар олоҕуран, сүрэх ыарыыларын, тымыр эчэйиилэрин араастарын, үөскүүр сүрүн төрүөттэрин, сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр көрүҥнэрин, бэрт сиһилии быһаарар, ааҕааччыга сүбэ-ама биэрэр.
Көҥүл тустууга саха уолаттарыттан бастакы ССРС чемпиона, Д.П. Коркин биир чаҕылхай талааннаах үөрэнээччитэ Вячеслав Карпов бэйэтин очурдаах, өрө тахсыылаах олоҕун, улуу тренерин, бииргэ алтыспыт доҕотторун туһунан сэһэнэ.
Автор Татьяна Находкина сэһэнигэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, таптал баар буолан киһи олоххо тардыһыыта күүстээҕин, таптал сырдык иэйиитин алта дьиэ кэргэн олоҕунан ойууланар. Ону тэҥинэн улахан саастаах оскуола оҕолоро маҥнайгы ыраас, симик тапталлара, бэйэлэрин икки ардыларыгар уонна төрөппүттэрин, учууталларын кытта истиҥ сыһыаннара, төрөппүттэрин тапталларыгар сыһыаннара көрдөрүллэр.
Повесть-катастрофа, основанная на реальных событиях. В 1943 году в далекой Якутии, известной своими суровыми холодами, терпит крушение самолет. Оба пилота погибают. Остальные члены экипажа и случайные пассажиры – среди них две молоденькие девушки – получают травмы разной степени тяжести. Без пищи, лишенные средств связи и передвижения, люди оказываются всецело во власти зимней тайги. Каждый день они сражаются за жизнь, терпя непереносимую боль, суровый холод и дикий голод. Кто бы мог знать, что спасение придет только на 12-й день…
Орто дойду олоҕун тыынныыр, киһи дьылөатыгар араастаан көстөн ааһар дьикти, нарын иэйии – таптал ардыгар муҥура суох дьоллуур, ардыгар олустук хомотон, ытатар-ыллатар, хаһан да умнуллубакка сүрэх түгэҕэр кистэнэн, кэрэҕэ сирдиир, угуйар сулус буолан тырымныыр. Журналист Галина Нельбисова кэпсээннэригэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, күүтүллүбэтэх өттүттэн саҥа баар буолбут иэйиигэ ылларыы, таҥнарыы кэргэнниилэр сыһыаннарыгар үөскүүр араас уустук быһыы-майгы нөҥүө ойууланар.
Таабырын – саха норуотун өркөн өйө, тылын дэгэтэ, ууһа-урана. Бу кинигэҕэ киирбит айылҕа, саха норуотун олоҕун-дьаһаҕын туһунан, о.д.а. таабырыннар тулалыыр эйгэни билэргэ-көрөргө, толкуйдуур дьоҕуру, болҕомтону сайыннарарга, төрөөбүт тылга интэриэһи үөскэтэргэ, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарарга көмөлөһүөхтэрэ. Загадка – это кладезь народной мудрости. В книге подобраны интересные загадки о природе, жизни и быте народа саха. Загадки развивают внимание и воображение, логику и мышление ребенка, пробуждают интерес к родному языку, помогают интересно, весело и с пользой провести свободное время.
Билиҥҥи кэмҥэ оҕо – төрөппүт, үөрэнээччи – учуутал, оҕо – оҕо, учуутал – төрөппүт, уопсастыба – оҕо икки ардыгар болҕомтото суох сы һыан сорох ардыгар тыалынан киирэн баран холоругунан тахсара баар суол. Онтон ким да харысхаллаах айыллыбат. Ааптар тэтимнээхтик сайдар олоххо киһи киһиэхэ кыра да болҕомтоҕо наадыйарын мүччү тутан, кэхтии суолугар үктэниэн сөбүн итэҕэтиилээхтик суруйар. Олох саҥа кэрдиис кэмигэр атыллаары сылдьар улахан кылаас оҕолоругар ананар.