Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Читать онлайн.
Название Үс Бүлүү айдарыылаахтара
Автор произведения Сборник
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5529-6



Скачать книгу

Улуу Удаҕаны кыыһырдыбыт түбэлтэлэрэ эмиэ баар. Сэрии бүтүүтэ Дьокуускайтан ханнык эрэ археологтар дэнэр дьон Улуу Удаҕаны хостуу диэн соруктанан кэлбиттэр. Ону олохтоохтор сөбүлээбэтэхтэр, ким да сирдииргэ, ыйан биэрэргэ сөбүлэммэтэхтэр. Арай Степанида Колесова диэн икки оҕолоох эдэр, балыыһаҕа санитаркалыыр дьахтар сирдииргэ сөбүлэммит. Улуу Удаҕан уҥуоҕар тиийбэккэ эрэ, аара, уот оттон уоту аһаппыттар. Степанида уокка, Аананы эдьиийим диэн ааттыы-ааттыы, ас биэрбит. Онтон тута өйүнэн ыалдьан, мэнэрийэн ыһыллан турбут. Археологтар төннөллөрүгэр тиийбиттэр. Киэһэтигэр биир эмээхсин мэнэрийбит уонна Улуу Удаҕан аатыттан Степанидаҕа туһаайан: «Өссө аймаҕырҕаабыт буола-буола, өссө эдьиийим диэбит буола-буола. Миигин хостото ол-бу дьону таспыт буола-буола. Дьэ, хотуой! Мин эйигин булбатаҕым. Эн миигин буллуҥ. Онон дьэ, хотуй, оҕобун кытта кэпсэтэрим буолуо. Ону, дьэ, өйдөөн кэбис!» – диэбит. С. Колесова иирэн улаханнык ыалдьан, үтүөрбэккэ өлбүт. Ону Кучаҥҥа көмпүттэр. Икки оҕото, дьон буолан иһэн, эмиэ өлбүттэр.

      Эмээхсин өтөҕүнэн газ турбатын аһарда сатаабыттара. Элбэх бульдозер алдьаммыта, биир киһи сааҕа дэҥнэммитэ. Газ турбалара боруоба кэмигэр өтөх таһынан бары дэлби тэппиттэрэ.

      Турбалары таһар Ми-6 бөртөлүөт лүөччүгэ биир сарсыарда салалтаҕа эппит: «Аны мин көппөппүн. Утары уотунан умайар харахтаах эмээхсин көтөн кэлэр. Баттаҕа тыалга ыһылла сылдьар уонна миэхэ сутуругун көрдөрөр». Ону иккис лүөччүк: «Бабу Ягу еще придумал», – дии-дии күлбүт. Тиһэҕэр күлбүт лүөччүк көппүт, оттон биирдэрин сынньата ыыппыттар. Ол киһи көтөн истэҕинэ, бөртөлүөтэ намтаабыт уонна, биинтэтэ туора ыстанан, сууллан түспүт.

      Сытар сирин таһыгар мас кэрдэн тигинээбит дьон «киэһэ аайы биир эмээхсин киирэн мөҕөр» диэн сотору атахтарынан куоппуттара. Улуу Удаҕан ыраас эйгэлээх, Аллараа дойдуга кыырбат, Үөһээ дойдуттан эрэ туттарыылаах буолан, дьиҥэр, улаханнык кэһэппэтэх, үксүн сэрэппит эрэ.

      Оттон бу кэпсээни П.С. Колтовскайга Билгэ-Николай Лукич Игнатьев кэпсээбит. Биирдэ Николай Лукичтаах тэриллэн, дьахтардыын-эр киһилиин сүүрбэччэ буолан, тыалары кэрийэ гастроллуу барбыттар. Көлөлөрө таһаҕас массыыната эбит. Мукучуга кэлэн икки күн тура тэбинэн, биир испэктээги дүҥүрдээх-таймалаах, ойууннаах оонньообуттар. Иккис күнүгэр кэнсиэр көрдөрбүттэр. Икки күн тухары дьон кулуупка «лыык» курдук үһү. Онтон санаалара көтөҕүллэн, Мастаахха барар суолу тутуспуттар. Суол Аана эмээхсин өтөҕүнэн эргийэ барыы үһү. Николай Лукичтаах икки дүҥүрдээхтэр эбит. Дүҥүрдэрин иккиэннэрин бэйэлэрэ оҥорбут дьааһыктарыгар уган испиттэр. Эмээхсин өтөҕүн уҥуор тахсыыларыгар дьааһыкка угуллан иһэр дүҥүр тыаһаан, доргуйан барбыт. Ол икки дүҥүрдэртэн биирдэстэрэ Аана эмээхсин дүҥүрэ эбитэ үһү.

      Төрдө-ууһа

      Аҕатын өттүнэн сурукка киирбит түгэх өбүгэтинэн Бекчонон Кулакыев (1689–1780 сс.) буолар. В.А. Кондаков бу киһи Туоҕа Боотурдааҕы кытта кэлбит, чугас уруулара дуу эбэтэр буойун киһи сиэнэ дуу буолуохтаах диэн сабаҕалыыр. Бекчонон кэргэнэ, Телиги Быкрина,