Название | Үс Бүлүү айдарыылаахтара |
---|---|
Автор произведения | Сборник |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-5529-6 |
Буоккалаах уола Прокопий Прокопьев эмиэ Аананы көрбүт, кэлин, Аана өлөрө үс хонук иннинэ, ийэтин илиитэ көрөр буолбутун эмтэппит киһи, Аана дьүһүнүн: «Кырдьыбытын кэннэ көрбүтүм. Үрдүк, көнө уҥуохтаах, толору эттээх-сииннээх дьахтар кырдьыбыта этэ. Дьэ, арылы дьэргэлгэн киэҥ уоттаах харахтааҕа. Хараҕа, кырдьыбытын да кэннэ, сытыы этэ. Сырдык, ыраас хааннаах, бэрт үчүгэй дьүһүннээх дьахтар кырдьыбыта көстө-биллэ сылдьара», – диэн ойуулаабыта.
Аана оҕо сааһа кыһалҕата суох ааһан, сүрдээх мааны, дьон барыта хараҕа иҥнэр кыыһа буола улааппыта. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Миитэрэйдээх Огдооччуйа ыал улахан оҕолоро буолан атын сирдэринэн тарҕанан олохсуйбуттара. Аана улаатан эрдэҕинэ, быраата Холохоно Ньукулай кыратыгар аҕалара Миитэрэй өлөн, бу дьон тулаайах хаалбыттара. Сотору Аана биллибэт ыарыыга ыалдьан хаалбыт. Огдооччуйа аймаҕыттан Микииппэр кинээстэн, Никифор Николаевтан, көрдөспүт. Никифор Лүүчүҥҥэ 1865–1866, 1875–1876, 1879–1880 сс. кинээстээбитэ, 1851–1854, 1859–1861 сс. Орто Бүлүү улууһугар кулубалаабыта, оттон 1840–1844 сс. быыбарынай кулуба этэ. Дьэ, улахан үлэһит киһи диэтэҕиҥ! Микииппэр эдьиийигэр Огдооччуйаҕа, сиэн балтыгар Аанаҕа элбэхтик көмөлөспүтэ, бэйэтигэр олордубута. Аана удаҕан буолаары ыалдьарын билэн, Огдооччуйалыын сүбэлэһэн баран, Хаарпа ойууну уонна кутуруксутун Уллук Уйбааны кыырдарбыттара. Бастакы түүннэригэр Аллараа дойдуга түһэн кыыра сылдьыбыттар. Онтон бэрт түргэнник төттөрү ойон тахсан, бастакы уонна иккис түүннэригэр Үөһээ дойдуга тоҕус олох тухары кыырбыттар. Үс түүн кыыран баран, Хаарпа ойуун: «Үөһээттэн туттарыылаах удаҕан буолуоҕа. Орто дойдуга эмиэ хабааннаах. Оттон дьэ аллараа дойдуга суох эбит. Онно кыырар анала суох. Биир кыыс оҕо сырыытын сылдьыыһы. Билигин да суолу билэрэ буоллар, иннибитигэр түһэ сылдьыах эбит. Билигин Дохсурума удаҕан диэн ааттанар. Үөһээ дойдуга