Үс Бүлүү айдарыылаахтара. Сборник

Читать онлайн.
Название Үс Бүлүү айдарыылаахтара
Автор произведения Сборник
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-5529-6



Скачать книгу

миэстэҕин илиигинэн тутаайаҕын», – диир. Микииппэр утуйан хаалар, сарсыарда уһуктан били ыалдьар сирин имэринэн көрбүтэ – били бөлтөйө сылдьара суох буолбут, симэлийэн сүтэн хаалбыт.

      Сарсыарда эмээхсин (Аана ити саҕана сааһырбыт этэ): «Тоойуом, дьэ баҕар, биир эмит сыл сылдьыаҥ, дьиэлээ», – диэбитэ үһү. Микииппэр баһыыбалаан, махтанан, манньатын сэтиилэнэн кэлбит атын хаалларан баран, дойдулуур. Дойдутугар Тыайаҕа кэлэн, били ыарыытыттан олох үтүөрэн, кырдьан баран өлбүтэ үһү.

       Алтыс түбэлтэ (Лүүчүннэр биир бэркэ билэр киһилэрэ, Тыымпы олохтооҕо Дооско уола Уйбаан Еремеев 1954 с. Егор Никифоров диэн Бүлүү краеведыгар кэпсээбитин билиһиннэрэбит). Сурукка этиллэр: «Орто Бүлүү Кулуһуннааҕар олорор Еремеева диэн эдэр дьахтар (Дооско кыыһа) сөтөл өлүүгэ ыалдьыбыта. Оччолорго, сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар, эмтээһин суоҕа. Онон аҕабыыт оҕонньор Аана эмээхсини, Алыһардаах удаҕаны, ыҥырбыта. Кыыс бүтүн сылы быһа ыалдьыбыт буолан ырбыт, дьүдьэйбит көрүҥнээҕэ, сэниэтэ суоҕа, тугу да кыайан аһаабат этэ.

      Алыһардаах ыҥырыыны ылынан кэлбитэ, ол эрээри кыырбатаҕа. Сэбиэскэй былаас ойууннааһыны кытаанахтык боппут кэмэ этэ. «Маннык ыарыыга абааһы суох буолааччы», – диэбитэ. Туох эрэ уһун туруупкалаах этэ. Ол туруупкатын кыыс көхсүгэр тирээн туран, хааннаах ириҥэни оборон ылан кыра чабычахха куппута. Мин санаабар кини итинник 4–5 төгүл оборо-оборо иһиккэ куппута уонна көрдөрөн баран ол туос иһитин уокка бырахпыта.

      Хата кыыс итинтэн ыла үтүөрэргэ барбыта. Аана оборбут сиригэр кыра баас тахсыахтааҕар кытарбатах да этэ. Бу дьахтар 60 сааһын туолан, ыал ийэтэ, эбэтэ буолан баран өлбүт, кэнники хаһан да ыалдьыбатах.

       Сэттис түбэлтэ (И. Мальцев). Уруккута батараак Тимофей Григорьев сэбиэскэй былаас сылларыгар урукку хаһаайыттарын үҥсэн, баайдарын былдьаан улаханнык байбыта. Былаастар «бассабыыктыы» санаалаах диэн кыра салайар үлэҕэ таһаараннар, удаҕаны, ойууну, бэйэтин да дьонун аанньа ахтыбат буолбута. Анна Дмитриевна саһылга сылдьар үөрэхтээх ыттааҕын ымсыыран былдьаан ылбыта, эмээхсини дэлби үөхпүтэ, суутунан куттаабыта. Кырдьаҕас киһи атаҕастатан улаханнык өһүргэммитэ.

      Ол киэһэ Түмэппий хараҕынан ыалдьан олорор да, сытар да кыаҕа суох буолбута. Ыксаан Алыһардаахтан көрдөһүннэрэ инитин Сантайы ыыппыта. Кырдьаҕас удаҕан атаҕастаммыт киһитин эмтиирин аккаастаабыта. Түмэппий кэргэнэ Евдокия көрдөһө барбыта уонна эмээхсини тылын ылыннаран аҕалбыта. Ол түүн Иосиф Мальцев Түмэппийдээххэ хоно сытар этэ, онон кини барытын көрбүт. Аана киирээт: «Тоҕо ыҥырдыҥ?» – диэбит. Тимофей буруйун билинэн, бырастыы гынарыгар уонна эмтииригэр көрдөспүт. Ыты төннөрөрүн эппит. «Тоҕо саһыл булдугар барбатыҥ? Тоҕо хараххын баанныҥ?» – «Аана, булка барарга баҕалаах этим. Онтукам табыллыбата». Эмээхсин күүстээх куолаһынан: «Миигин кырыйда, хайдах баҕарар атаҕастыахха сөп дии санааҥҥын оҥордуҥ. Мин эдэрим буоллар итинник быһыыланыаҥ суох этэ. Акаары киһи байбыккын уйбаккаҕын, урут быстар дьадаҥыгын умнубуккун.