Название | Үһүйээннэр, номохтор |
---|---|
Автор произведения | Багдарыын Сүлбэ |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-3890-9 |
«Дьэ, хара тыам тэҥситтэттэ 1. Үс сыллаахха биир улахан эһэни үс кыылы кытта өлөртүм. Ону хара тыа иччитэ үөҥҥэ-көйүүргэ сиэттиҥ, үс хонон баран маннык ааттаах алыыга көрсүһүөхпүт диэтэ», – диэн кэпсээбит.
Онон үс хонугу быһа дьонун кытта быраһаайдаһан, астарын үтүөтүн аһаабыт. Үс хонон баран, дьонун илдьэ, барбыттар. Онно аатырбыт киэҥ алыы кытыытыгар тиийбиттэр. Ол тиийэн уҥуор көрбүтэ: эмиэ туос ала, үс сыллааҕытааҕар улахан эһэ, элбэх баҕайы эһэни батыһыннаран иһэрэ үһү. Ону көрөн баран, хоһуун эппит: «Дьэ, сэгэрдэрим. Мин айыыбын айыыланымаҥ. Эһиги манна хаалыҥ», – диэн баран, утары ыстаммыт. «Мин дьоммун хааллардым, эн эмиэ хааллар!» – диэн хоһуун кыламмыт. Онуоха анараа хаарахан, икки өттүнэн көрөн, хаһыыртаабыт. Ону эһэлэр, алыы кытыытыгар тахсан, сытыталаан кэбиспиттэр.
Алыы ортотугар хоһуун эһэлиин көрсүбүт. Хоһуун биирдэ ыппыт уонна тайыыга түһэрбит. Турар күнү быһа охсуһан, күн киириитэ эһэ хоһууну баттаабыт. Онуоха үс эр бэрдэ киирээри гыммыттарын, кырдьаҕастар киллэрбэтэхтэр. Онтон атахха биллэрбиттэр. Үс хонон баран кэлбиттэрэ, баһын уҥуоҕа эрэ баара үһү.
МАСТААХ ЭБЭ
Биһиги чугаһынааҕы күөллэрбититтэн саамай улаханнара – Мастаах Эбэ. Бу күөл 9 арыылаах, уонтан тахса от арыылаах. Ким да билбэт бу күөл төһө сыллааҕыта үөскээбитин. Саха сэһэнинэн, былыргы үһүйээн быһыытынан, саха, тоҥус икки бэйэ-бэйэлэрин билсибэттэрин саҕана Дьалкылдьа диэн ааттааҕа үһү. Ол бириэмэҕэ бу Эбэҕэ Түөрэчээн диэн саха хоһууна олорбута үһү. Кини омуктары кытта сэриилэспит, хаста да кырпыт. Омуктар киниттэн күрээри бу күөлү эргийэ сатаабыттар. Ол саҕана бу күөл наһаа хойуу мастааҕа үһү. Эргийэ сатаан баран, кыайан эргийбэккэ, Мастаах диэн ааттаабыттар. Бу Эбэ туһунан наһаа элбэх үһүйээннэри кэпсииллэр. Ити күөл иккитэ уолба буола сылдьыбыт. Ол бэлиэтэ диэн үөһүгэр сэргэлэр уонна дьиэ