Ийэм кэпсиир… (4 чааһа). Семен Маисов

Читать онлайн.
Название Ийэм кэпсиир… (4 чааһа)
Автор произведения Семен Маисов
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-7696-4



Скачать книгу

кыынньан буспут собо хатырыга күөс түгэҕэр түһэн хаалар. Онон сииргэ туох да улахан куһаҕана, табыгаһа суох буолбат…

      Мунду, күөнэх төһө да кыра буоллаллар сиэмэх балыктар. Саас, биир сүрүн аһылыктара собо искэҕэ үһү. Өссө бэйэлэрин истэхтэрин кытта сииллэр дэһэллэр. Онон күөл мундута, күөнэҕэ бултаммакка аһара элбээтэҕинэ собо өнүйэн үөскээбэт үһү. Ону мин, ким көрүү көрүүлэнэн дуу, умса түһэ сытан чинчийэн көрбүтүн дуу билбэппин. Кырдьаҕастар кэпсииллэр. Үтүмэн үгүс сыл устата сыныйан билэн-көрөн, кэпсэл оҥостон эрдэхтэрэ. Онон өбүгэлэрбит барахсаттар мундуну, күөнэҕи сүрүн аһылык оҥостон, өлгөмнүк бултаан, күөллэрин быччыкыта мундуга кыһарыйтарбакка дэлэйдик үөскүүрүгэр кыах биэрэллэр эбит.

      Мундуну, күөнэҕи – куйуурунан, илиминэн, туунан бултууртан ураты, күһүн буһук саҕана бэрт дьээбэтик бултуур өссө биир ньыма баар. Ол киһи эрэ барыта сатаан, сатабыллаахтык, кыайа-хото тутар ньымата, албаһа буолбатах. Мунду ыкса күһүн кытыыга тиксэр. Ити кэми «балык тиксиитэ» диэн ааттыыллар. Күөл кытыытын отун төрдө, күһүҥҥү хаҕыс хаһыҥнартан кыдьымаҕыра тоҥон кыра да тыалга кылыгырыы тыаһыыр, буһук саҕанааҕы күннэр кэлэллэр. Муус туруон эрэ иннинэ, чакылыччы халлыбыт хаар хаһыҥнаах түүннэр сытыы сулустарынан дьирибинэһэллэр… Дьэ бу кэмҥэ мунду бөлүөхсэн, хойуутук үөрдээн, күөл кытыытынан, кута саҕатынан устар. Ону түбэһэ көрдөххө – уу үрдэ күөс оргуйарыныы өрө дьирибинии турар буолар. Бу кэми мунду бөлүөҕэ, эбэтэр өссө бөлүөх кэмэ диэн ааттыыллар. Тиксии, бөлүөх мундута халыҥ үөрүнэн халҕаһалыы анньан уста сылдьаннар, кэбэҕэстик уонна өлгөмнүк тууга киирэллэр. Бу кэмҥэ, буһук саҕана, дьон кыанар өттүлэрэ, түргэн туттуулаахтара, сымсалара уонна атахтарыгар тирэхтээхтэрэ, үчүгэй сүһүөхтээхтэрэ – бөлүөх балыгын ыраахтан көрөн ырыҥалаан, сыныйан баран, сэмээр тыаһа суох тыынан сыбдыйа устан киирэн куйуурунан баһаллар. Сорохтор өссө куйуурдааҕар обургу гына анал баһар тэрил оҥостоллор. Дьэ манна төһө бултуйаргын түргэн, сылбырҕа туттуу быһаарар. Халыҥ бөлүөххэ түбэспит дьон, биир үүккэ, хаста да сомсо охсон ылаллар. Ээр сэмээр бөлүөх балыгын батыһа сылдьан, үлэ оҥостон баһаллар. Балыгы маннык бултааһын балыксыттан улахан сатабылы уонна тыыга үөрүйэх буолууну эрэйэр. Булгуччу уйуктаах тыыннан эрэ сылдьыллыахтаах. Сорох төһө да дэмин таппытын иһин, ыксыы-тиэтэйэ, өлүмнэһэ сылдьан, тыытын түөрэ үктээн, сыыһа туттан ууга да түһэ сыһара, түһэрэ да баар суол. Ууһута суох киһи бу ньыманан бултаабатаҕа ордук. Буһук саҕанааҕы эбэ силиигэ тиийэ дьаралытар тымныы уутугар чомполонуу, чаалыттарыы үтүөҕэ тиэрдибэтэ биллэр.

      Бөлүөх балыгын баһа-баһа, сөп буола-буола, кытылга тахсан сүөккээтэххинэ сатанар. Олус элбэх мунньулуннаҕына дьалкыҥнаан, тыы түөрэҥниирэ ордук бэргиир. Суола суох сур соноҕос баҕайы түҥнэһиннэ, тимирдэ да, балыксыт бии бэйэлээх эрэйдэнэн, сыралаһан баспыт балыгыттан илии соттор, тыынын эрэ нэһиилэ куоттаран, өлүү айаҕыттан тэскилэтэн кытылы буллаҕына таҥараҕа махтал… Туһугар эмиэ кыһыылаах, абалаах балыктааһын…

      Мунду,