Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев

Читать онлайн.
Название Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Автор произведения Данил Макеев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6639-1



Скачать книгу

сирэй сирэйдэрин көрсөн баран, оргууй остуолга тиийэн оҕолор диэки көхсүлэринэн буолан олорбуттара. Ньукуус олорор сиригэр хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Ол олордоҕуна, ийэтэ кэлэн окумалыттан ылан остуолга дэллэритэн илпитэ. Ньукуус куҥ курдук буолан хаалбыт илиилэрин ньилбэгэр ууран мундулаах кытыйаны супту одуулаабытынан таас төрөөн олордоҕуна, Охонооһой уҥа илиитин ылан остуол үрдүгэр уурбута уонна хамыйах туттаран кэбиспитэ. Онтон умса туттан, туора көрөн олорон бүтэҥитик:

      – Аһаа, тоойуом. Сэниэ киирдэҕинэ табыллар, – диэбитэ.

      Ньукуус илиитэ-атаҕа бааллан хаалбыт курдуга. Ийэтэ кэлэн санныттан илигирэтэ-илигирэтэ:

      – Ньукуус, аһаа. Биһиги… Ааныска уонна мин туспутугар, – диэбитигэр биирдэ хамыйаҕар мундуну баһан ылан айаҕар укпута. Онтон балыгын миинигэр хараҕын уута чоккуруу-чоккуруу амтанын да билбэккэ барытын сиэн кэбиспитэ уонна итирик киһи курдук балааскайдаан, хараҕын уутугар муна-муна оронугар тиийэн умса түспүтэ.

      Сарсыарда халлаан сырдаатын кытта аччык оҕолортон, дьахталлартан куотар курдук күөллэригэр харбыаласпыттара. Туох да саҥата-иҥэтэ суох бэҕэһээ Ньукуус түспүт ойбонуттан өссө үөс диэки ойбон алларан аччарыспыттара. Бары, кырдьык, биллэ сэниэлэммит курдуктара. Өр-өтөр буолбатаҕа, ойбон түгэҕэр уу бычыгыраабыта. Охонооһой, ытыһыгар силлээмэхтээн баран суптурута түһүөлээбитигэр, уу өрө булдьугуруу түспүтэ. Ону кытары үс-түөрт ыыс араҕас собо өрөҕөтө кылбаҥнаабыта. Лэпсэй сүүрүн тутан туран:

      – Оо, эбэбит барахсан! – диэн баран, накыйдар-накыйан мууска тобуктуу түспүтэ. Оттон Ньукуус, ойбоҥҥо собо арҕаһа хараарарын, өрөҕөтө кылбаҥныырын көрөн туран, айаҕар хабархай амтан биллибитигэр биирдэ саҥата суох ытыы турарын өйдөөбүтэ.

* * *

      Сарсыҥҥытыгар Ньукуус балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт муус чопчу сып-сырдык таммахтарыгар ытыһын тоһуйан туран:

      – Аҕаа, биһиги этэҥҥэбит. Эн кырыыстаах өстөөҕү харса суох кыдый!!! – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураабыта.

      Үөлээннээхтэр

      Кээтии, хойуутук сабыта түһэр бырдахтартан икки илиитинэн хардары-таары сапсына-сапсына, талах быыһынан орҕочуйар ыллыгы батыһан охсуллубут ходуһаҕа тахсан кэллэ. Киэҥ сиргэ тахсаатын кытта, бырдахтар сиккиэр тыалга оҕустаран аҕырыс гына түстүлэр. Кыыс, дьэ тыын ылбыттыы, отчуттар ханна отууламмыттарын билээри тула көрүөлээтэ. Ходуһа арҕаа саҕатыгар ойуччу үүммүт талахтарга маҥан былаат ыйанан турарын көрөн, кууран эрэр оту курдурҕаччы кэһэн ол диэки баран иһэн, охсооччулар суолларынан кимиэнэ буоларын сылыктыы сатыы истэ. Бу киэҥник тэлэн нэлэһитэн, ол оннугар бөрсүөк эрэ саҕаны бастаран охсооччу Ылдьыын Мэхээлэ буолуон сөп. Кини тэлиитэ сүрдээх киэҥ, хадьымала намыһах, хотуурун суола биир тэҥ кэрдьигинэс буолааччы. Оттон бу кыараҕас соҕус эрээри ыллар харыстан ордук олуктаах, тэлиитин ортото сирин кырсыттан хоруйан охсуллубут, ол оннугар кытыытынан тутум үрдүктээх хадьымаллаах Охонооһой буолуохтаах. Охонооһой эрэ итинник