Название | Кыргыс толоонугар көрсүһүү |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6639-1 |
«Иэдээн, хаалбыппын. Дэсэртиир аатырдаҕым» диэн санаа күлүм гынан ааста. Өлүү түбэлтэлээх, хаҥас илиилэригэр кыһыл бэбээскилээх, саалаах саллааттары батыһыннарбыт эписиэр чуо киниэхэ иһэрин көрөн, кутталыттан дөйөн хаалбыт курдук буолла. Дьоно киниэхэ эрэ кыһаммакка аттынан кэлэн ааһа турдулар. Сэриигэ ыҥырыллан баран эрэр киһи быһыытынан бастаан кинилэри кэннилэриттэн батыспахтаан иһэн, дьонуттан быстан хаалбытын нууччалыы хайдах да сатаан быһаарыа суоҕуттан саараан, хардыыта кыараатар-кыараан хаалан хаалла. Ити курдук төттөрү-таары мэскэйдэнэ, санаатыгар дьонун көрдүү сатыы сырыттаҕына, киэһэрэн барда. Боруҥуй буолуута эмиэ сэриигэ баран иһэр дьону тиэйбит поезд кэлэн, тимир ыллыктар ииччэх-бааччах курдук туора-маары тардыллыбыт сирдэрин нөҥүө өттүгэр балачча уһуннук тохтоон турда. Мэхээчэ, баҕар, сахалар бааллара буолаарай диэн онно баран истэҕинэ, саалаах саллаат үлтү үөгүлээн, саанан дугдуруйан үүрэн ыытта. Хаһан да хайыай, төттөрү вокзалыгар киирэн муннукка урукку миэстэтэ иллэҥин көрөн муостаҕа кумуччу туттан олорунан кэбистэ…
… Сэриигэ барааччылары оройуон киинигэр хоннороот, үргүлдьү куораттаппыттара. Куоракка тиийэллэрин кытары Охонооһойу дьонуттан арааран атын сиргэ ыытан кэбиспиттэрэ. Инньэ гынан били, ходуһаттан бииргэ бэбиэскэ тутан тахсыбыт дьонун кытары борохуот баарсатыгар эрэ көрсүбүтэ. Өрүс баһыгар тиийэн эмиэ үс аҥыы арахсарга тиийбиттэрэ. Дьэ, итинтэн ыла Охонооһой кинилэри биирдэ да көрбөтөҕө.
Икки ый курдук үөрэтэ түһээт, Охонооһойу маршевай рота састаабыгар киллэрэн сэриилэһэр аармыйаҕа ыыппыттара. Инники кирбиигэ тиийэллэригэр сахалартан төрүт да соҕотох буолан хаалбыта. Нууччалыы билбэт буолан наар дьону батыһа сылдьарыгар тиийбитэ. Син үһүс ыйын сэриилэһэ сылдьар. Ити кэм устата хаста-хаста өлө-өлө тиллибитэ буолла. Биирдэ буомба тоҕо тэппит буора саба түһэн тыыннаахтыы көмүллэн хаала сыспыта. Хата, саатын уоһа хоройо сытарынан сирдэтэн хаһан таһаарбыттара. Онтон ыла хас да хонукка тугу да истибэт буола сылдьыбыта, санчааска сытыаран эмтээннэр бэттэх кэлбитэ.
Бу сарсыарда атаакаҕа киирээри бэлэмнэнии буолла. Бэлэмнэнэн да диэн – кимиэхэ хас ботуруоннааҕын ааҕынан тэҥ гына үллэстэн, хоонньуларыгар биирдии уматыктаах бытыылканы уктан баран, хамаанданы кэтэһэн сыталлар. Охонооһой бу аан бастаан атаакаҕа киириитэ. Сибилигин окуопаттан ойон туран өлөр өлүүнэн илгистэр толооҥҥо