Название | Кыргыс толоонугар көрсүһүү |
---|---|
Автор произведения | Данил Макеев |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-6639-1 |
…Сэрии иэдээнэ хайдахтаах да киһи кутун уларытар, дьэбир сүрэхтиир. Оттон ити үөрүү хараҕын уута күннэтэ өлөр өлүүнү кытта күөн көрсүбүт саллааттар куттара тостубатаҕын, майгылара уларыйбатаҕын туоһута этэ.
…Бу дойдуга саас быдан эрдэ кэлэр. Мэхээчэ, халлаан сылыйан, түүнүн оччо тоҥмот буолан, бүччүм сиргэ эмиэ отуу оҥостон хонор буолбута хас да күн буолла. Биир сарсыарда күн аайы умналыыр сиригэр кэлбитэ: туох эрэ улахан бырааһынньык буолбутунуу дьон үөрбүтэ-көппүтэ сүрдээх, араадьыйанан ырыа-тойук кутуллан олорор буолбут. Мэхээчэ, төһө да нууччалыы бэрт аҕыйах тылы биллэр, киһи барыта өрө көтөҕүллэн: «Победа! Ураа! Ураа!» – дэһэллэриттэн, сэрии бүппүтүн, кыайыы буолбутун сэрэйэн, эмиэ сүрдээҕин үөрэн, долгуйан кэллэ. Ол быыһыгар аны хаһан да дойдубар, дьоммор тиийэр кыаҕым суох диэн хараастан хараҕын уута иэдэһинэн халыйа олордоҕуна, биир саллаат хотуомкатыттын бухааҥха аҥаара хара килиэби ылан туттаран кэбистэ. Мэхээчэ, өтөрүнэн илиитигэр маннык улахан килиэби туппатах киһи, үөрүүтүттэн өссө күүскэ ытаан ньиккирээн барда. Ити күн үөрбүт-көппүт дьон хаста да ботуччу соҕустук ас бэристилэр. Онон киэһэлик отуутугар икки-үс хонукка сиир килиэптээх, бэл, эт кэнсиэрбэлээх кэлэн үс сыл тухары биирдэ тото-хана аһаата. Урут саамай баҕарар баҕата – саатар биирдэ тото аһаа- быт киһи диэн этэ. Оттон бүгүн тото аһаатар даҕаны, сүрэҕин-быарын хам тутар, мэктиэтигэр тыынын хаайар, кыатана сатаабытын да иһин хараҕын уутун ыган таһаара турар ыар санаа хам кууһан, кыратык даҕаны хараҕын тымныппата. Наар дойдутун, дьонун санаан, халтаһалара дьолточчу иһиэр диэри ытаан таҕыста…
…Кыайыы кэнниттэн сотору соҕус буолаат, тимир суол станциятыгар аны илин диэки ааһар эшелоннар элбээтилэр. Дьоппуоннары кытары кыргыһыыга баран эрэр, араас сэрии сэбин, саллааттары тиэммит поезтар сотору-сотору кэлэн ааһыталыыллар. Ол быыһыгар дойдуларыгар төннөн иһэр, түөстэригэр килэччи уордьан, мэтээл иилиммит саллааттар вокзалы ылан кэбистилэр.
Биир күн Мэхээчэ вокзал диэки баран иһэн, отуутуттан чугас соҕус уот оттон хочулуокка күөс өрүнээри олорор дьону көрдө. Өйдөөн көрбүтэ: сахалар эбит. Өссө биирдэрин хайдах эрэ хараҕа таптыы көрөр, билэр киһитин курдук. Талах быыһынан оргууй чугаһаан, саһан туран сирийэн көрбүтэ: ходуһаттан бэбиэскэ тутан бииргэ тахсыбыт киһитэ Ылдьыын Мэхээлэ тастыҥ быраатынаан Миитэрэйдиин олороллор эбит. Үөрэ-көтө