Кыргыс толоонугар көрсүһүү. Данил Макеев

Читать онлайн.
Название Кыргыс толоонугар көрсүһүү
Автор произведения Данил Макеев
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-6639-1



Скачать книгу

буолуо диэн сүрдээҕин хараастан ылара. Ол эрээри сэрии будулҕана ити санаатын начаас киэр кыйдыыра. Ити кэмҥэ биһиги сэриилэрбит, өстөөхтөрү ыктар ыган, Белоруссия кыраныыссатыгар чугаһаабыттара.

      1944 сыл бэс ыйа үүммүтэ. Биир күн Баһылайдаах чаастарын тыылга сынньалаҥҥа таһаарбыттара. Суунан-тараанан, дуоһуйа утуйан абыраммыттара. Үһүс күннэригэр орудиетын командира старшай сержант Тереховы уонна үһүс, төрдүс расчет ездовойдарын кытары тэлиэгэлээх атынан саҥа аттары ыла барбыттара. Кыракый үрэҕи оломунан туораан тэйиччи көстөр дэриэбинэҕэ тиийбиттэрэ. Сотору улахан кимэн киирии буолуохтааҕа сэрэйиллэрэ. Онон сүтүктэрин толоруналлара, күн ахсын эбии сэп-сэбиргэл, техника, көлө кэлэрэ. Дэриэбинэ кытыытыгар отучча ат бааллан турар сиригэр тиийбиттэрэ. Сержаннара тор курдук бытыктаах, кубарыйан хаалбыт гимнастеркатын түөһүгэр Кыһыл сулус уордьаннаах, фуражкалаах, сааһыран эрэр старшинаҕа дакылааттаабыта. Онтон аттар бааллан турар сирдэрин диэки барбыттара. Балачча өр аттары көрө-истэ түһэн баран, сержаннара Баһылайдааҕы ыҥырбыта.

      Баһылай, аттарга чугаһаан иһэн, төбөтүн сиргэ умса анньан утуктуу турар маҥан аты хараҕа бэркэ таптыы көрбүтэ. Онтон буутугар «КӨ» диэн бэчээттээҕин көрөөт, түөһүн иһигэр туох эрэ көтүрү барарга дылы гыммыта. Көрбүтүн итэҕэйбэккэ таалан тура түспүтэ, онтон оргууй ат диэки хаампыта. Ат, киһи чугаһаан кэлбитигэр төбөтүн өрө көтөхпүтэ, таныытын тартаҥнаппыта, онтон эмискэ өрө холоруктуу түспүтэ, олус уйаҕастык кистээн дьырылаппыта. Субу утары иһэр, саллаат таҥастаах, түөһүгэр соҕотох мэтээллээх киһи кини иччитэ буоларын билбитэ… Баһылай хараҕын уута халыс гына түспүтэ, тула өттө хайдах эрэ күөгэлдьийэн ылбыта. Туох да саҥата суох, икки илиитин быластаабытынан бүтэһик биэс-алта хаамыыны умса бүдүрүйтэлээн тиийэн, аты төбөтүттэн кууһа түспүтэ. Улаанай иччитин түөһүгэр төбөтүн аалыммахтаан, уҥа-хаҥас санныгар хардары-таары сыҥааҕын уурбахтаан, эмиэ да сып-сымнаҕас уоһунан ибис-инчэҕэй буолбут сирэйин сууралаамахтаан, хоҥоруутун хонноҕун анныгар уга-уга өрүтэ кэҕийбэхтээн ылбыта. Үөрбүтүн омунугар биир сиргэ өрө бэдьэҥэлии турар буолбута.

      Дьоно олус соһуйбуттара. Бары атын кууһан турар Баһылай таһыгар үмүөрүспүттэрэ. Баһылай тохтоло суох кэлэ турар хараҕын уутун икки ытыһынан хардары-таары туора-маара хаһыйталыы-хаһыйталыы:

      – Ээтэ муой куонь. Саам иэсдил, эпсэгдээ, там на родине, – дии-дии атын моонньугар умса түспүтэ.

      – Эхма! А конь-то узнал хозяина, – диэн старшина сүрдээҕин сөхпүтэ. – А он сам-то откуда? – диэн Баһылай дьонуттан ыйыппыта.

      – Из Якутии… Из Якутии он, – диэн сержана атын кууһан турар Баһылайтан хараҕын араарбакка эрэ хардарбыта. Кини улаханнык долгуйбута куолаһыгар биллэрэ. Кырдьык, киһи эрэ долгуйуох түгэнэ этэ. Онуоха эбии орудиетын командира Баһылайы туохха барытыгар дьоҕурдааҕын, толоругаһын иһин сыаналыыра, сылгыны ис-иһиттэн таптыырын билэрэ.

      – Из Якутии… Это из Сибири