Название | Эргиллиэм мохсоҕол буолан |
---|---|
Автор произведения | А. К. Никифорова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4353-8 |
– Диэмэ даҕаны. Ийэлэрин Маайыһы аһынар да этим. Наар балыыһаҕа остуорастаабыта, оҕолорун улаатыннаран киһи-хара гыммыта. Кыргыттар бары үрдүк үөрэхтэннилэр. Кими батан, үөрэхтэригэр итиччэ кыахтаахтара буолла. Бу биһиэнин курдук төлөбүрдээххэ үөрэниэхтэрэ дуо, хайа харчыларынан, бэйэлэрэ дьиҥ кыахтарынан ааһан иһэн үөрэҕи баһылыыллар. Ити Тэрэппиини көр, улахан киһи буола үүммүт.
– «Улахан киһи» ийэтин да харайсыбатаҕа. Эн буоллаҕына, тойон буолбут дии-дии, бүтүн бырааһынньык тэрийиэх курдуккун!
– Бүт эрэ! Киһи атаҕар турбута туох куһаҕаннааҕый! Наар аһынар этим, хата, син киһи буолбут диэн үөрдүм. Бээ эрэ, кыргыттарга эрийэ охсуохха.
– Маша, бүгүн киэһэ Тэрэппиинтэн сылтаан биһиги аһаабат ыал буоллубут дуо?
– Наар эн аһыҥ айдаана! Чэ, аһаан да баран кэпсэтиэҕим.
– Хата, ити ыал ийэтин тыла. Мин даҕаны уолаттарга кэпсээн күллэртиэҕим.
– Эһиги наһаа күлүү гынымаҥ эрэ. Киһи тахсыбытыгар үөрүөх эрэ тустаахпыт. Биһиги кылаастан баһылык буолбут ким баарый? Суох! Байбал, хата, Тэрэппиин кэлбитинэн кылааһынан көрсүһүү тэрийиэх баара.
– Бу дьахтар даҕаны тылын! Улахан сах Тэрэппиин кэлбит эбит. Бааскалаах Һааска, арай, элэктээри, бэлэстэринэн күлээри көрсүөх дииллэрэ буолуо.
– Наһаалаамаҥ эрэ! Киһини күлүү-элэк гынар сэттээх буолуо. Тэрэппиининэн оонньоомоҥ, онтуккут билигин атын киһи.
– Ханна көрсөөрү гынаҕын?
– Ханна буолуой, биһиэхэ ини. Атын көрсөн олорор сирбит суох буоллаҕа.
– Тэрэппини көрөн наһаа да үөрбүккүн, дьиэҕин да туран биэриэх курдуккун дуу?
– Байбал, наар биһиэхэ көрсөбүт буолбат дуо? Кыргыттар бары тугу эмэ астаан аҕалыахтара дии.
– Чуумпу олохпутун аймаан эрдэҕин көр…
Маайыс кэргэнэ маатыра-куутура буолан кэлэрин истэ сытта. Тэрэппиинэ култаҕар бытыылката суох сатаммат буолбута ыраатта даҕаны, кини идэтинэн киһитэ хаһан кэлиэр диэри кыайан утуйбат. Бу да сырыыга эрдэ сыппыта да, ханна баарый, утуйбата. Туох аньыытын-харатын иһин, бу маннык сордоох олоххо тиксибитэ буолла?! Дьахтар абатыйан, бэйэтин аһынан эмиэ ытаан хараҕын уута тохтоло суох сүүрдэ. Күнүс дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолоругар ыар санаатын биллэрбэт буола сатыыр бэйэтэ түүн баҕас киниэнэ. Хараҥа балай түүн уонна ый кини ытыырын-соҥуурун, ыарахан санаатын, дууһатын хара батталын, дьылҕатыгар абатыйыытын билэн эрдэхтэрэ. Кини хара соро – кэргэнэ. Оттон хаһан эрэ кинилэр даҕаны эдэр буола сылдьан, сөбүлэһэн холбоспуттара, ийэ-аҕа буолар дьолу элбэхтик тэҥҥэ үллэстибиттэрэ. Алта оҕоҕо биһик ыйаатахтара. Тэрэппиин эдэр сылдьан букатын атын киһи этэ. Ити амырыын сыттаах, арыгыттан, салгынтан боруоран көстөр хара киһи буолуо баара дуо. Суох. Сэрии тулаайахтара интернакка олорон үөрэмиттэрэ, улааппыттара. Тэрэппиин Маайыстан икки сыл аҕа. Кыыс кыра сааһыттан саһархай харахтаах, сырдык хойуу баттахтаах, маҥан эттээх-сииннээх уолу көрө