Название | Эргиллиэм мохсоҕол буолан |
---|---|
Автор произведения | А. К. Никифорова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 0 |
isbn | 978-5-7696-4353-8 |
Кэтириис олоҕун тухары биир чаҕылхай түгэни умнуо суоҕа. Айылҕа муҥутуур киэркэйиэҕинэн киэркэйэн, күөх суугуҥҥа сууланан турар мааны кэмэ этэ. Бэҕэһээҥҥи этиҥнээх ардах кэнниттэн айылҕа барахсан тыын ылбыттыы өссө сиппит-хоппут, кустук өҥүнэн оонньуу, күөрэгэй ырыатынан туолан ахан турар. Кырках да былыта суох ыраас халлааҥҥа күн күлэр, сардаҥаларын ыһыахтыы оонньуур. Бөтүрүөп ардаҕын кэннэ отчуттарга анаабыт курдук халлаан. Кэтириис ким-хайа иннинэ туран уотун оттон, биэдэрэтин ылан күөлгэ уу баһа киирдэ. Бу орто туруу-бараан дойду кэрэтин ньии! Дьахтар түөһүн минньигэс иэйии толордо. Биэдэрэтин сиргэ ууран баран, ырбаахытын устан, дьэп-дьэҥкир ууга киирдэ. Бүтүн бэйэтин сөрүүн уу кууһан ылла. Кэтириис ис-иһиттэн үөрэн, күлэн ыла-ыла, сөтүөлүү сырытта. Эмискэ биэрэк диэкиттэн ким эрэ сөтөллөрө иһилиннэ. Кыыс, бачча эрдэ киһи эрэ кэлиэ диэбэтэх буолан, улаханнык уолуйда.
– Ээй, манна кэлимэҥ! Антах барыҥ, мин таҕыстахпына биирдэ киирээриҥ! – диэн хаһыытаата.
Чочумча тура түстэ. Ким да баар сибикитэ биллибэт. Кыбыстан кумуччу туттан, биэрэккэ сүүрэн тахсан ырбаахытын кэтэ оҕуста. Инчэйэн ыараабыт хойуу баттаҕын эрийэ тутан ыкта, онтон сатабыллаах баҕайытык өрүнээт, үөһэ туттаран кэбистэ. Биэдэрэҕэ уу баһан баран, чэпчэкитик үктэнэн күөстүүр сир диэки хаамта. Эмискэ иннигэр Дьөгүөр күөрэс гыммытын өйдөөмүнэ да хаалла. Эр киһи, тургутардыы көрөн турбахтаан баран, уулаах биэдэрэтин ылла. Кэтириис чобуо бэйэтэ соһуйан, долгуйан, саҥата суох кэнниттэн батыста.
Ол күн эр дьон киэһэ хойукка диэри от оҕустулар, дьахталлар кинилэр кэннилэриттэн сыыс да оту хаалларбакка харбаан, бугул бөҕөтүн туруоран истилэр. Күргүөмнээх үлэ үтүө түмүгэ дьону ситимниир, харыс үрдэтэр. Күнү быһа оттообут дьон киэһээҥҥи аһылыкка күлэн-оонньоон, хаадьылаһан, били сылайбыттара ханан да суох буолла.
– Кэтириис бүгүн ыйтан-халлаантан түспүт киһилии сылдьар. Сэһэннээх-сэппэннээх бэйэтэ бу эмиэ ууну омурдан олорор. Ыл, хотуй, туох буоллуҥ? Кими эрэ таптаан таабырын буоллуҥ дуу? Аппанаас, кураанахха муҥнана сылдьарыҥ буолаарай? –