Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Читать онлайн.
Название Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Автор произведения А. К. Никифорова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4353-8



Скачать книгу

көрүөхтэн түктэри этэ.

      Онтон ыла Тэрэппиин билиитин-көрүүтүн таһыгар таһаарбат, «хомунньуус партияҕа дьиҥ-чахчы бэриниилээх» дьадаҥылар оҕолоруттан ордубат буола сатыыра. Сыыйа үөрэххэ интэриэһэ да сүппүтэ. Хайдах да суруйдун, суоттаатын, үстэн атын сыананы учууталлар туруорбаттарын билэр буолан, уруокка таах хаҕа эрэ олороро. Кини иннигэр аан барыта сабыылаах. Кыра сылдьан аҕатын киһи барыта норуот өстөөҕө диирин иһин абааһы көрө саныыра. «Кулаак ыамата» аатыран уолаттартан кырбанан биэрээхтиирэ.

      Кини тоҕус оҕоттон чороҥ соҕотох ордон сылдьар. Ханна эрэ балта баар буолуохтаах. Аҕаларын хаайбыттарын, дьиэлэрин-уоттарын, күрүөлэрин-хаһааларын бүтүннүү куорҕаллаабыттарын кэннэ бэйэтэ да сэбиргэхтэппит ийэлэрэ уһаабатаҕа. Ыалдьан охто сытар киһиэхэ луохтуур «кулаак ойоҕор» кэлбэт аатыран абыраабатаҕа. Ийэтэ Бороскуо чүмэчи курдук ууллубута. Обургу киһини кинини интэринээккэ туттарбыттара, балтын киин сиргэ оҕо дьиэтигэр илдьэ барбыттара. Балта Ааныс диэн ааттааҕын эрэ билэр, бу диэн дьүһүнүн да өйдөөбөт. Сотору-сотору балтын түһээн көрөр. Түүлүгэр араастан көстөр, уларыйа сылдьар курдук. Ардыгар: «Убаай!» – дии-дии, киһи куйахата күүрүөх хаһыытыыр, ытыыр-соҥуур. Оччоҕуна Трофим түүн ортото ытаан бөтүөхтүү сытан уһуктан кэлэр. Хараҕын уутун кыатаммакка, сыттыгын бобута тута сытан, уйа-хайа суох ытаан, көхсө кэҥээбит курдук буолар. Балта ардыгар чээлэй күөх оттоох төгүрүк алаастарыгар сибэкки хомуйан көтөр-дайар, чуораанчык курдук күлэр-үөрэр. Үчүгэй түүлү түһээтэҕинэ, уол күнү быһа санаата көнөн сылдьар.

      Бу дойдуга Тэрэппиини аһынар арай биир киһи баар. Интэринээккэ остуорастыыр Кэтириис, уолу көрө-көрө, сүрэҕэ хаанынан ытыыр. «Барахсаанап дуо?» дэтэн бэйэтин кэмигэр суон сураҕыра сылдьыбыт киһи суос-соҕотох хаалбыт оҕотун учууталлар, оҕолор сирэйэ-хараҕа суох атаҕастыылларыттан абатыйар да, тугу да гынар кыаҕа суох. Ордук ити дириэктэр Аппанаас Уйбаанабыс наһаалыыр. Барахсаанабы билбэт киһиэхэ дылы. Билэн бөҕөтө. Билиэ эрэ баара дуо, кинилэри барыларын даҕаны хоргуйууттан хайдах быыһаата этэй? Отутус сыллар саҕаланыыларыгар кэлэктиибинэн олоруу айдаана туран, сүөһүнү барытын холкуостарга холбооһун кэмигэр аччыктааһын турбутугар ити Аппанаас дьонун кытта хоргуйан тыыннара быстаары сыттаҕына, Дьөгүөр Барахсаанап аһынан дьиэтигэр тиэйэн илдьэн аһатан-сиэтэн быыһаан турар. Кинини эрэ буолуо дуо, дэриэбинэ ыалын бүтүннүү көрөн-истэн олорбута. Дьөгүөр дьонтон ордук баайа-дуола диэн сүөһүтэ элбэҕэ этэ. Онтун кыстатар туһугар хара көлөһүнүн тоҕон, биир да күн сынньаммакка кыһыл ытыһынан үлэлээн тахсара. Кини курдук туруу үлэһит бу эргин суоҕа. «Хамначчыттарын көлөһүнүн тоҕон байбыт» диэн кэлин үөҕэллэрин истэн, Кэтириис улаханнык сонньуйар, дьонтон кэлэйэр. Кини ийэтиниин ити Барахсаанаптарга дьукаах олорботохторо буоллар, хоргуйуохтар этэ. Туга да суох олорон ынаҕы ыамына, хотону күрдьүмүнэ. Бэйэлэрин хамначчыттаан иэдэйбит курдук санамматтар этэ.

      Кэтириис