Эргиллиэм мохсоҕол буолан. А. К. Никифорова

Читать онлайн.
Название Эргиллиэм мохсоҕол буолан
Автор произведения А. К. Никифорова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-4353-8



Скачать книгу

да санаалаах, ыт сирэй эбиккин!

      – Баайдар хамначчыттара, манна сэбиэскэй судаарыстыба туһугар үлэлии сылдьар киһиэхэ кэлэн үөхсүбүккүн тыллаан биэриэм ээ!

      – Тыллаа, бэрт киһи, хата, миигин эмиэ хаайтар! Аньыыгар-хараҕар таҥара суутугар эппиэттиэҕиҥ! – диэт, Кэтириис ааны күүскэ сабан тахсан барда.

      Кыһыйбытын иһин тугу гыныай?! Ытаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү дьиэтигэр тиийдэ. Тута тымныы, курас салгын билиннэ. Быыс кэннин аһа баттаата. Бороскуо барахсан хайыы-үйэ тыына суох сытар.

      – Бороскуо! Бырастыы гын! Барыбытын бырастыы гын даа! Иччитэхсийбит дьиэҕэр сытан, оҕолоргун аһынан төһө эрэ ыар санааҕа баттатан бараахтаатыҥ?! – Кэтириис хотунун түөһүгэр нөрүйэ сытан өр да өр ытаата.

* * *

      – Тыый, тоойуом, хараххын бу улахан баҕайытык хайалара баста?

      – Ээ, суох, бэйэм…

      – Сыллыый, кистээмэ. Эт миэхэ, кинилэри тута түһэн биэриэм. Эдьиийиҥ бу да буоллар күүстээх. Оҕобун кимиэхэ да атаҕастатыам суоҕа! – дии-дии, Кэтириис сутуругун салгыҥҥа күөрэтэн ылла.

      Кэтириис уолугар чугас буолаары интэринээккэ остуораһынан киирбитэ. Кыаҕа баарынан уолун көрө-истэ сатыыр да, бу эмиэ ханна эрэ охсуһан кэлбит.

      – Мин аҕабын абааһы көрөбүн! Норуоту халаан байбыт! Киниттэн сылтаан миигин бары туораталлар, атын оҕолортон итэҕэстээх курдукпун! – уол хараҕын уутун туора-маары сотунна.

      – Тэрэппиин, өйдөөн иһит. Эн аҕаҥ хара көлөһүнүн тоҕон, үлэлээн, элбэх сүөһүнү иитэн олорбута. Кини көмөтө суоҕа буоллар, били нээптэрин саҕана турбут аччыктааһыҥҥа биһиги бары да хоргуйбут буолуо этибит. Элбэх киһиэхэ тугунан да суураллыбат өҥөлөөх кини баар! Дьөгүөр Барахсаанап туттарбыт оскуолатыгар үөрэнэ сылдьаллар, уопсай дьиэҕэ учууталлар олороллор. Хайдах даҕаны кини норуот өстөөҕө аатырыан табыллыбат. Ити кыларыйар кырдьык! Эн, улахан киһи, итини долоҕойгор кытаанахтык хатаан кэбис!

      – Оччоҕуна учууталлар эҥин бары тоҕо мин аҕабын норуот өстөөҕө дииллэрий? Ордук Афанасий Иванович мөҕөн, үөҕэн тахсар. Директор абааһы көрөрүн иһин атын учууталлар эмиэ үөрэтиэхтэрин да баҕарбаттар быһыылаах.

      – Тоойуом, куһаҕан дьон ханна баҕарар бааллар. Ити Аппанаастан бэйэм сөрү диэн сөҕө сылдьабын. Эн аҕаҥ кинилэри хоргуйууттан быыһаабыта. Махтанарын оннугар ити кэбилэнэр. Билиҥҥи былааска бэрт буола сатыыра буолуо, сэрэйдэххэ. Кини өссө аҕаҥ биһиэхэ анаан туппут кыра дьиэтигэр олорор эбээт. Дьиэбин да былдьаһан туруо диирэ буолуо, баҕар. Киһи иһин ким билиэ баарай, тукаам.

      Эдэр сааһыттан буулаабыт сүһүөҕүн ыарыыта бэргээн, атаҕын нэһиилэ соһон хаамар Кэтириис туран оһоххо сылыта уурбут чаанньыгыттан уолугар итии чэй кутан биэрдэ.

      – Өйдүүгүн дуо, бу ийэҥ Бороскуо сөбүлээн туттар үрүҥ чаанньыга дии. Миэхэ атын да иһиттэргит бааллар. Улаатан баран ыал буоллаххына биэриэҕим. Ити Маайыс барахсан наһаа элэккэй, үчүгэй майгылаах кыысчаан дии. Табаарыстаһаҕыт быһыылаах, – дии-дии, Кэтириис үөннээхтик уолун диэки көрдө.

      – Ээ, суох. Көннөрү уолаттар