Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова

Читать онлайн.
Название Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Автор произведения Анна Андросова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3610-3



Скачать книгу

төрүт даҕаны Бүөккэттэн араара сатааччы. Киһи кыһыйыах: «Мин эйиэхэ хаста эппиппиний, олох суруйсума, абааһы уолун бырах диэн. Аны хаайыыга түбэстэ, онтон киһи буолан тахсыбат. Хаайыыттан көнөн тахсыбыт диэн суох. Көрөҕүн дии ити, тахса-тахса син биир түбэһэ тураллар. Эбэтэр арыгыһыт буоланнар ЛТП-га бараллар», – диэтэҕэ үһү.

      Дьиэтигэр тахсан, оронугар сытан санаан көрдөҕүнэ, Шура этэрэ оруннаах. «Ол аата Бүөккэ олоҕо алдьаннаҕа. Аны киһи буолан тахсыбат. Тугу гыныахха, тугу быһаарынабын? Олох хараара мунан хааллым дии. Бээрэ, кырдьык даҕаны, туох буолан бачча үлүгэр айманным. Бу үйэҕэ Бүөккэ туһунан холку баҕайытык саныыр этим ээ. Кырдьык таптыырым буолуо дуо? Ити Сэмэнэп туох да буолбатаҕын курдук сылдьар даҕаны, бу кыһын миигин таҥас уларыттар хоско чуут күүһүлүү сыспыта дии. Арай онно үҥсүбүт буолуум, хаайыыга барыа этэ». Кыбыстан дьүөгэтигэр Шураҕа даҕаны кэпсээбэтэҕэ. Онтон «бу киһи сүгүн сырытыннарыа суох» диэн Машалыын үлэлэрин атастаспыттара.

      Катя хара күһүн кэлиэхтэриттэн Сэмэнэп киниэхэ чугаһыы сатыырын кыыс оҕо сүрэҕинэн эндэппэккэ билбитэ. Сороҕор дьыала толорбута буолан кыһыл муннукка олорон хаалара уонна Катялаах Маайа үлэлээн бүтэллэрин кыраҕытык кэтэһэрэ, аргыстаһан тахсара, дьиэтигэр атаарара. Онтон быраһайдаһаат, дьиэтин диэки кыычыр-хаачыр үктэнэн бара турара. Арай кини атаҕын тыаһыттан ыттар үрэллэрэ.

      Катя, соҕотох хаалаат, сулустары ааҕа көрөрө уонна ааспыт кэрэ кэмнэрин санаан өрө тыынара.

      Сэмэнэп иҥээҥниирин тохтоппотоҕо. Маайа эмээхсин, кини майгытын билэр буолан, Катяны сэрэтэрэ. Катя төһө да толуннар, аҕа саастаах киһини уонна тойоно да буоларынан киэр үтэйэр кыаҕа суоҕа.

      Кыһыҥҥы бытархан тымныылар сири-дойдуну аан туманынан бүрүйбүттэрэ. Оҕо-дьахтар кыра наадаҕа таһырдьа тахсыбат үлүгэрэ буолбута. Ол эрээри эрчимнээх эдэр саас тугу кыайбатаҕай? Туохтан толлон турбатаҕай?

      Оҕолор, төһө да ыарахан үлэҕэ сырытталлар, общественнай олоххо көхтөөхтүк кыттан барбыттара. Хайа да бырааһынньык, үҥкүү-биэчэр кинилэрэ суох барбат буолбута. Ырыа-тойук, көр-күлүү, төһө да быстах кэмҥэ кэлэн аастар, оҕолору сүрдээҕин чэбдигирдэрэ.

      Биир оннук үөрүүлээх киэһэҕэ сөп түбэһиннэрэн, Сэмэнэп Катяны дьиэтигэр атаарбыта. Кэлииккэҕэ кэлээт, холуон баҕайытык эргитэ тарпыта уонна тыбыс-тымныы инчэҕэй уоһунан салаҥ баҕайытык уураан ылбыта. Олбуор иһигэр үтэйэ анньаат, кэннин да хайыспакка, дьиэтин диэки бара турбута.

      Катя эмискэччитэ бэрдиттэн тугу да өйдөөбөккө хаалан тура түспүтэ, уоһун туттан көрбүтэ. Кыыс айылгыта тардан манньыйыах курдук буолан иһэн, аньыыга киирбитин бүтэйдии сэрэйэн, сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. Сулустарын көрбүтэ, туманынан бүрүллэн аат эрэ харата кыламныыллара. Чэпчээбиттии өрө тыыммыта уонна дьиэтигэр сүүрэн хаалбыта.

      Ол түбэлтэ кэнниттэн Сэмэнэп Катяҕа олох да кыһаммат буолан хаалта. Хата Катя суохтуох курдук буолта. Эр киһи истиҥ сыһыана, куруук батыһа көрөр харахтар умнулла быһыытыйан эрдэхтэринэ…

      Ама,