Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова

Читать онлайн.
Название Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Автор произведения Анна Андросова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3610-3



Скачать книгу

буккуллар, киһи көрүөхтэн сүөргү дьүһүннэммит сүөһүлэрэ күн уотугар сыламнаан кэбинэллэр. Икки атыыр оҕус баара, аамсыгырбытттыы аа-дьуо алтахтаһан, били бэйэлээхтэрин кэннилэрин сыллыы-сыллыы эргийэ хаамаллар. Кинилэргэ даҕаны урааннаах уһун кыһын бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт дьүһүннээх. Дьөрү онно эрэ кыһаммакка, айылҕа сокуонунан ууһатыы үлэтинэн күүскэ дьарыктаналлар.

      Катялаах, сүөһүлэрэ төрөөннөр, үлэлэрэ икки бүк элбээтэ. Кыһайбыт курдук ынах ыыр аппарааттарын мотуора умайан хаалан, илиилэринэн ыыллар. Хаһан оҥоһуллара биллибэт. Үүт ыама түстэ, ол аайы Сэмэнэп биригэдьиир айаҕа кытаран олорор.

      Катяҕа уон биир ынах төрөөтө, аны үс төрүөхтээх. Икки хойукку, биир синньээн эрэр. Түөрт ынаҕа кытарах, онон таҥараҕа махтал.

      Бастакы кварталга үүт графигыттан хааллылар. Арай сайылыкка таҕыстахтарына ситиһэллэр ини… Наар күүстээх үлэ оҕолору салытыннарда. Туох эрэ албаһы булан быйылгынан бүппүт киһи дэһэллэр да… Наставниктара Дуня хайдах сүүрбэ сыл үлэлээбитин сөҕөллөр.

      Оҕолор күһүн кэлээт да, төбөлөрүн оройунан үлэҕэ түспүттэрэ. Ынах ыыр кыргыттар илиилэрэ ыалдьан, тарбахтара такыччы тардан, ынахтар уолар аакка барбыттара. Саамай мөлтөхтөрө, хатыҥырдара Маша ытыы-ытыы ыы сатыыра. Катя, сынньалаҥ үлэлээх буолан, кэлэ-бара көмөлөһөн абырыыра. Хата уолаттар саах күрдьүһэн үлэлэрин чэпчэтэллэрэ.

      Катя Маайа эмээхсинниин үүт ыйаан туталлара уонна сэппэрээтэрдииллэрэ. Ол оннугар хойут бүтэллэрэ.

      Хаар түһэн бастакы тымныылар бачыгыратан барбыттара. Олорор дьиэлэригэр тыал күүлэйдиирэ. Сэмэнэп сүбэтинэн мууһунан сыбаан баран, тэллэҕэр хаар куппуттара. Дьэ, арыый сылыйан дьиэ дьиэнэн буолбута. Аны оһохторун угаардаахтык сабан, ол иэдээнэ буолбута. Хата, барыта этэҥҥэ ааспыта.

      Киэһэтин олохтоох уолаттар кэлэллэрэ. Аны арыгы иһэ-иһэ наһаа элбэх буолан кэлэннэр, дьиэлэрин өрө сүгэн кэбиһэллэрэ. Бэйэлэрин уолаттара сиппит-хоппут дьонтон куттаналлара. Сынньанар да бокуой суох. Ону Сэмэнэпкэ эттэхтэринэ, «чэ, бээ, кэпсэтиэм» диирэ да, син биир кэлбиттэрин курдук кэлэ тураллара.

      Бүөккэттэн хам-хаадьаа сурук кэлэрэ. Сопхуоска оробуочайдыыбын, үчүгэйдик сылдьабын диирэ да, арыгыны чаастатык иһэрин туһунан сурах иһиллэрэ. Сордоох уола, саатар, ийэтин да аһыммат. «Киэһэ ахсын сулустарбытын көрөбүн уонна эйигин саныыбын. Оччоҕуна хайдах эрэ көрсөн кэпсэппит курдук буолабын» диир да, ол арыгылыы сылдьан, дьэ, ким билэр…

      Биирдэ кыһын оройун эргин «биир киһиэхэ боруоктаһабыт диэммит, бэйэбит кырбанан хааллыбыт, эбиитин андаатар бэргэһэбин былдьаттым, онон кыра дьыалаҕа эриллэ сылдьабын» диэн хоҥуруутугар хоннорбот курдук суруйбуттаах. Ол иһин Катя, кырдьык, кыра дьыала буолуо диэн иҥэн-тоҥон ыйыталаспатаҕа.

      Бүөккэлиин сыһыаннарын киһи «таптал» диэ дуо? Кинилэр хаһан даҕаны уҥа-таала сылласпатахтара-уураспатахтара, дьөрү сиэттиспэтэхтэрэ даҕаны. Арай биирдэ өрүс биэрэгин тахсарыгар илиититтэн тарпытыгар уу туҥуй сүрэҕэ тиҥиргэччи тэппитэ. «Өссө да тутан турбат ээ»