Сүрэххэ сөҥмүт сулустар. Анна Андросова

Читать онлайн.
Название Сүрэххэ сөҥмүт сулустар
Автор произведения Анна Андросова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 0
isbn 978-5-7696-3610-3



Скачать книгу

субурутта. Онтон уоскуйа быһыытыйан чохчойон олордо. Өйдөнөн хаалбыт. Бүөккэ эмиэ блатнойдары үтүктэн киһитин утары чохчойон олорунан кэбистэ. Атыттарын ханна илдьибиттэрэ биллибэт. Клык Бүөккэни иччитэ суох мээнэнэн көрөн кэбистэ уонна:

      – Эн миигиттэн куттаныма, буруйуҥ суох. Онтон Байбаастааҕы кытта бэйэм аахсыам, – диэтэ.

      Бүөккэ маннык дьон тылларыгар туралларын билэр буолан уоскуйда.

      Карцер диэн хаайыы иһигэр хаайыы. Икки наара оронноох, онтукаларын күнүс истиэнэҕэ ыга хатаан кэбиһэллэр. Туох да утуйар таҥас көрүллүбэт. Күн өрөтө-өрөтө аһаталлар, киһини тыыннаахтыы моруу гынар сирдэрэ.

      Киэһэ кэлэн Клыгы ханна эрэ илдьэ бардылар. Ханна илтэхтэрэй? Уу чуумпу сатыылаата.

      Чаас аҥаарын курдугунан киһитин соһон тирилэтэн аҕаллылар. Улаханнык кырбаммыт, ол эрэн: «Эн тугу да билбэккин», – диэн кулгааҕар сибигинэйэ оҕуста. Аны Бүөккэ уочарата кэллэ. Уҥуоҕа халыр-босхо барда, онтукатын биллэрбэккэ буола сатаата. Табах буруотунан тунуйбут хоско киллэрэн иһэн, умса хатыйан түһэрдилэр да, илиилэрин кэдэрги атаҕар наручниктаан кэбистилэр. Тыына-быара хаайтарда, сиһэ тосторугар тиийдэ, наручник илиитигэр быһа киирдэ. Бүөккэ бу «ласточка» диэн хаайыы үлэһиттэрэ сөбүлээн туттар албастарын аан бастаан боруобалааһына. Ынчык-бөтүөх сүрдэннэ, үрүҥ күн салгына баҕалаах буолла. Арыгы испитин-испэтэҕин бэрэбиэркэлээн туруупкаҕа үрдэрдилэр. Испэтэх. Үчүгэй. Ол эрэн босхолооботулар, доппуруос саҕаланна. Урут били сэриилээх эрэ киинэлэргэ көрөр сордооһуннара манна баар эбит. Ыйыталлара биир:

      «Арыгыны хантан ыллылар, ким аҕалла?». Бүөккэ күнэ-ыйа хараарда, наар көбдөххө тэбэллэр эбит.

      «Билбэппин!» – диэн ыһыытаан көрдө. Туһалаабата. Онтон ыксаан, өлөрүүһүктэрин билэн, ханна эрэ истибитин өйдөөн, уҥан хаалбыта буолла. Дьоно тохтоон сирэйин өҥөйөн көрдүлэр уонна: «Готов!» – диэтилэр.

      «Дьэ, сүрдээх суол буолар эбит, киһи киһини аһыммата. Туох буруйбар ити айылаах сирэйэ-хараҕа суох атаҕастанным? Кырбанардааҕар ыт курдук үөҕүллэр өссө ыарыылаах эбит. Дьиҥинэн, арыгы таһар надзиратель эмиэ баара. Сирэйин араастаан ханньаччы тута-тутта дьоннорун кыраһыыннааччы кини этэ. Этэн биэрбэккэ!..»

      Бүөккэ хантан билиэй, стукач буоллуҥ да тэбиллэн хааларгын. Ол эрээри бу түгэн кини олоҕор улахан суолталаах буолбута.

      Карцерга төттөрү аҕаллылар, өкчөччү туттан нэһиилэ хаамар. Көбдөҕө тыыннарбат үлүгэр. Клык улаханнаппыт быһыылаах, сиэмэн муостаҕа токуллан сытар. Тэбэн көрбүттэригэр турбата, онтон биэдэрэлээх тымныы уунан саба ыстылар. Бүөккэ бу айылаах бэйэтэ буорайан турдар да, хайдах эрэ киһитин аһына санаата. Икки надзиратель күлсэ-күлсэ тахсан бардылар, кэннилэриттэн аан сабыллан лиһигир гынна. Кырдьык да, «бөхтөр» эбит!

      Көҥүлгэ киһи ууттан тахсыбат куйааһа, онтон манна сөрүүн, түүн тымныйыыһы. Клык нэһиилэ үнүөхтээн туран, ынчык-бөтүөх бөҕөнөн сыгынньахтана сатаата. Бүөккэ туран киһитигэр көмөлөстө. Инчэҕэй таҥаһын ыктылар. Онтон маайкатын кэтээри гыммытыгар «бу киһи