Название | Түҥкэтэх ырай |
---|---|
Автор произведения | Елена Слепцова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2013 |
isbn | 978-5-7696-4188-6 |
Ити, быһыыта, ньиэмэс сэриитин кэнниттэн этэ бадахтаах, эчи умнан да кэбистим, арай манна эдэркээн бэйэлээх, чап-чарааһынан арылыччы көрбүт, мап-маҥан сирэйдээх, киһи эрэ таптыах сөп баҕайы эттээх-сииннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах кыысчаан киирэн кэлбитэ. Кинини хайа эрэ оройуонтан аҕалбыттара. Аата Күөрэгэй диэн этэ.
Биирдэ, Бээгэйдиин Ньыыкан ыстаараста хоһугар чүмэчи ууллара олордохпутуна, оһох үөлэһинэн кыталык кыыл кыҥкыныырын курдук кылыгырас куолас иһилиннэ. Ол хоско сценаҕа туох буолара барыта оһох үөлэһинэн иһиллэ турара. Бу истиэнэлэр истэрэ барыта оһох үөлэстэрэ ээ. Уонна бачча улахан дьиэни хайдах ититиэҥий. Сорох сирдэринэн букатын хос да курдук чуулааннар бааллар. Ону барытын ити Бээгэй эрэ билэр. Оо, аҕам биһикки ол топпот оһохтору оттон да аҕай биэрэрбит. Дьэ туран, ырыаны истээт, биһиги иккиэн балкоҥҥа сүүрэн тахсан чохчойон олорон уоран өндөрөҥнөөн көрөбүт. Сцена мөлтөх уотугар маҥан чүөчэҥкэни кэппит, чараас былаачыйалаах, чачархай баттаҕын ыспыт аанньал курдук кыыс ис-иһиттэн иэйэн ыллыы турар. Оо, бу барахсан ыллаатаҕа уратытын, куолаһа биһиги дьиэбит хас биирдии муннугун сырдата өрө кылыгыраан абытай. Бэл, саала ортотугар ыйаммыт курустаал лүүстүрэ лыҥкыныы ыллаһар. Биһиги сөҕөн да, таптаан да тыыммакка истэн олоробут. Кыыс дуоһуйа ыллаан баран, тэлээрис гынан хаалла. Итинтэн ыла Бээгэй киэһэ буолла да эрдэттэн балкоҥҥа тахсан атаҕа көһүйүөр диэри чохчойон олорон Күөрэгэй бэлэмнэнэ тахсарын кэтэһэр буолла. Кыыс ыллаабатах киэһэтигэр санаата алдьанан, тэппини көрбөт алдьархайа.
Сыл аҥаарын курдук Күөрэгэйи дьон иннигэр таһаарбатылар, тоҕо эбитэ буолла, артыыстар таҥастарын бэрийээччи буола сырытта. Оччолорго театр саамай бастыҥ ырыаһыта, сүрдээх бардам майгылаах Любовь Сметанина диэн дьахтар баара. Арай биирдэ кэнсиэргэ бэлэмнэнэ сырыттахтарына, Любовь Титовна ыһыллаҥнаан аҕай киирдэ уонна: «Бүгүн саҥа кыыһы таһаарар буоллаххытына, мин ыллаабаппын», – диэн тимирдии этэн кэбистэ. Ол күн хас эмэ түүнү мэлдьи бэлэмнэммит Күөрэгэй эмиэ тахсыбата. Мин кини хоһун аттынан ааһан истэхпинэ, ытаан сыҥсыйара иһиллэр этэ. Бээгэй ити күн эмиэ хоһуттан быкпата. Сарсыныгар театрга улахан айдаан таҕыста. Любовь Титовна икки мааны былаачыйата бүтүннүү тырыта тыытыллан баран муннукка сыталларын булбуттар. Дьахтарбыт Күөрэгэйи күтүрээн улахан мунньах тэрийдэ. Онуоха мин Күөрэгэй ити күн хоһуттан быкпатаҕа диэн тылбай-өспөй