Название | Түҥкэтэх ырай |
---|---|
Автор произведения | Елена Слепцова |
Жанр | |
Серия | |
Издательство | |
Год выпуска | 2013 |
isbn | 978-5-7696-4188-6 |
Чүөчэ Маня букатын иэдэйдэ, ас да ылларбат буолла. Биирдэ ыксаан дьиэтигэр киирбитим, дьиэтин муостата көппөх көтөр курдук күөрэҥнээн олорор уу. Сиик икки, куоска, ыт сыта икки диэн ыар никсиктэрэ манна баар эбит. Намыһах хараҥа дьиэ биир муннугар иконалары кылбачыта чүмэчи умайан барыгылдьыйар. Олор быыстарыгар саһаран борооно арыычча көстөр буолбут байыаннай таҥастаах номоҕон саха уолун хаартыската саамай мааны араамаҕа угуллан мичээрдии турар. «Ити Федята буоллаҕа» диэн, билэр киһилии тоҥхох гынан ыллым. Мин киирбиппин истэн, эмээхсин эрэйдээх түгэхтэн ыҥыран ынчыктаата. Тиийбитим, холто буолбут таҥастаах ороҥҥо ыран букатын бачыр оҕотугар түспүт чүөчэ Маня сытаахтыыр. Тугу эрэ буллугуруур да, саҥата иһиттэн тахсыбат. Таҥаралара абыраабат буолбуттарын сэрэйэн, ыйыта барбакка быраас ыҥыра ыстанным. Сотору кэлэн илдьэ бардылар. Онтон эргиллибэтэҕэ. Ый курдугунан биир эрэстиин кэлэн, олбуорун ыбылы тоһоҕолоон кэбиспитэ. Ол дьиэ биһиги көһүөхпүтүгэр диэри турбута, ким да биллибэтэҕэ.
«Уларыта тутуу» диэн ааттаммыт абытайдаах сут-сутаакы сыллар итинник саҕаламмыттара. Өссө да инники төһөлөөх ыар кэмнэр мөҥүрүү туралларын хайа да ааттаах тымтыктанан көрбөтө. Кыра-хара дьон аас-туор олохпут кыһалҕаларын моойторуктанан хараҕа суох ыт оҕотунуу иннибит диэки олус бытааннык сыыллан испиппит. Улуу итэҕэлбит – Коммунистическай партиябыт – тугу эрэ тобулар ини диэн куруук бэлэм толкуйу олоххо киллэрэ эрэ үөрэммиппитинэн, туох эрэ маны муоһалыыр быһаарыныыны «үрдүктэр» ылыналларын бүтэйдии кэтэһэрбит, эрэнэрбит.
IV
Ити кэмнэргэ, куорат дьокутааттарын талар буоллугут диэн, хаста да агытаатардар кэлэ сырыттылар. Биһиги кыһалҕабытын кэпсиибит да, ону олох да аахайбаттар, «бу киһиэхэ куоластааҥ» диэн сурук туттаран кэбиһэллэр да бүтэр. Ким, туох киһитин ыйытыы эҥин суох. Билигин санаатахха, бэлиитикэҕэ олох бэлэмэ суох эбиппит, ол эрээри аны кырдьык-хордьук