Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова

Читать онлайн.
Название Түҥкэтэх ырай
Автор произведения Елена Слепцова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4188-6



Скачать книгу

ылан олоппоско олорто уонна: «Нэдиэлэ анараа өттүгэр Федяҕын күлүгээттэр уулуссаҕа өлөрбүттэрэ…» – диэтэ. Мин истибиппин итэҕэйбэккэ ойон турдум да, Федя дьонугар тэбинним. Тиийбитим дьиэ барыта хара таҥаһынан сабыллан турар. Ийэбит арыычча хаама сылдьар. Быраата Петя тахсан: «Эйигиттэн телеграмма күүтэрэ, эмиэ ол сиэринэн киэһэ хойут почтаҕа баран иһэн түбэспит…» – диэн курутуйа-курутуйа кэпсээтэ. Мин таһырдьа ыстанным. Ханна хаамарбын бэйэм да билбэппин, арай биирдэ өйдөммүтүм, таҥара дьиэтин иннигэр сытар эбиппин. Ханнык эрэ эмээхситтэр көтөҕөн киллэрэн, хас эмэ күнү быһа биэбэйдэһэн арыый бэттэх аҕалбыттара. Онтон оччолорго собус-соҕотох баачыка бэйэтигэр сыһыаран баччаҕа кэлиэххэ тыыннаах сырыттаҕым. Дойдубар төннүөхпүн, Федям эрэйдээх уҥуоҕун ким харайыай?» – эмээхсин хараҕа ууланан ылар.

      Арай хаар кыһалҕата суох кыыдамныыр. Ханна эрэ үөһэ тыалтан хамсыыр боруобат «Марисель, Марисель…» диэн ыллыырга дылы.

      – Ычча! Тетя Маня, тоҥноҕуҥ буолуо, дьиэҕэр киирэ оҕус…

      Эмээхсин түөрэҥнээн туран эргэ калиткатын арыйан киирдэ уонна идэтинэн иһиттэн хатаан халыгыратта.

      Мин дьиэбэр дьылыс гынным.

      III

      Уларыта тутуу куоракка соһуччу кэлбитэ. Сойуус сууллуутун биһиги маҕаһыыннарбыт бары суйдаммыттарыттан билбиппит. Ас-таҥас кырыымчык буолан, устудьуоннар аччыктыырбыт элбээтэ. Дьиҥэр, дьоммут аһы хото ыыталлара эрээри, ким дьиэтэ суох, ким харчыта бүппүт, араас кыһалҕалаах биһиги ааммытын саппаттар. Ол дьоммут сүгүн да сылдьыбаттар, ардыгар айдаараллар, онон уулуссабыт кы- раһаабыссата, утары ыалбыт бэрэдэбиэс Валя сотору-сотору үҥсэргии киирэр буолла. Олус иэдэйээри гыннахпытына, иним Бүөккэ дойдутуттан тахсан куобах тиэйэн киллэрэн, «Строитель» маҕаһыын иннигэр туран атыылаан харчыланабыт. Ону бастакы сонун тылынан «бизнесмен» диэн сүрэхтээтибит уонна киирбит киһиэхэ барытыгар киэн тутта кэпсиибит. Киһибит онтон санаата кэллэҕэ буолуо, аны тоҥ отонунан эргиннэ, онон хоргуйууттан ыалларбытын кытта быыһыыр кыахха киириэх курдук гынныбыт. Лаппа кыаҕырыаҕын, биирдэ аҕам түбэһэ киирэн: «Бу сааты, били олоҥхоҕо абааһы бухатыыра Тоҥ Дуурай Долонуҥса тииһинэн эргиммитигэр дылы. Хаһан эргиэмсик буолаары, бэйэҕин да, дьону да албынныыгын», – диэн бобон кэбистэ.

      Киһи барыта да уларыйан барда. Оччолорго бэркэ олорбут «Юность» маҕаһыын бэрэдэбиэһэ, көмүс тииһин көрдөрөөрү бииргэм күлэн ыппайа сылдьар хохулууса Валябыт үлэтэ суох хаалла. Инитэ Сэргэй, аармыйа иннинэ үчүгэй үөрэнээччи, ол дойдуттан кэлээт, кимнээҕи эрэ кутуруктаһан, «фарцоман» ааттааҕа буолан, сымыйа-кырдьык джинсынан онно баҕалаах дьону барыбытын тотордо. Ол сылдьан, аны «валютчик» аатыран, хаайыыга түбэстэ. Көмүс тиистээх Валябыт, дьоно өлөн, инитэ хаайыллан, көҥүл-босхо баран, аны арыгыны амсайар буолла. Сотору-сотору хампаанньа хомуйан, биһигиттэн «Романтик» магнитофоммутун уларсан сыгааннары баһыйар аймалҕаннаах бэчэрииҥкэлэри тэрийэр идэлэннэ. Кыыстаах уола арыт куотан киирэн биһиэхэ