Түҥкэтэх ырай. Елена Слепцова

Читать онлайн.
Название Түҥкэтэх ырай
Автор произведения Елена Слепцова
Жанр
Серия
Издательство
Год выпуска 2013
isbn 978-5-7696-4188-6



Скачать книгу

иккис дьиэбит курдуга. Эһэм, ийэм, убайым бары бу дьиэттэн быкпаттара, онон харданы мантан буларбар бүк эрэнэрим. Ытаабытынан театр администраторыгар тетя Софаҕа саба түстүм.

      – Клим туох буолбутуй? Уонна ийэм онно тоҕо миигин күтүрүүрүй? – диэн ытыырым быыһыгар ыйытабын.

      Тетя Софа, эр киһилии улахан илиитинэн миигин имэрийэ-имэрийэ:

      – Клим олус талааннаах уолчаан этэ. Оттон эн аҕаҥ курдуккун… Убайгын таҥнарыахсыт диэн Сибииргэ хоту хаайыыга ыыппыттар. Ийэҥ ол иһин кыһыытын таһаарар. Дьиҥэр, ытарга уурбуттарын маннааҕы хамандыыр көрдөһүү түһэрэн ыппатахтар, – диир.

      – Онно мин туох буруйдаахпыный?

      – Талааннаах киһини судургу киһитээҕэр ордук аһыйаллар. Клим эһэтин туйаҕын хатарыа хааллаҕа дии… Чэ, итинник курдук… – тетя Софа бэйэтэ да мунаахсыйан саннын ыгдаҥнатар.

      Ити күнтэн ийэм миигин абааһы курдук көрөр буолла. Рояльга оонньоору гыннахпына, «бездарь!» диэн хос хайа баҕарар муннугуттан хаһыытыыр. Остуолга да олордохпуна, туора көрөн олорон аһыыр. Ханна да барыым-кэлиим, букатын кыһаммат. Онтон сылтаан музыкабын букатыннаахтык бырахпытым.

      Сэрии кэнниттэн ийэм улаханнык ыалдьан сыттаҕына сурук кэллэ. Ол Клим суруга этэ. Кинини босхолообуттар уонна Дьокуускайга музыкальнай оскуолаҕа учууталынан ылбыттар. Куораттан ханна да барбат гына боппуттар. Ону ааҕаат, ийэм миигин онно бар диэн олордубат да, туруорбат да буолла. Бэйэтэ арыычча сытар. Ол курдук түһээн да көрбөтөх дойдубар айаннаабытым. Өр да өр айаннаан, оччолорго куоракка да майгыннаабат Дьокуускайы булбутум. Клим миигин киһи билбэт киһитэ, буор иһээччи буолан көрсүбүтэ. Уопсайга кып-кыра хоско симиллэн олорбуппут. Мин почтаҕа телеграфистканан үлэлии киирбитим. Онон син ас-таҥас булунар кыахтаммыппыт.

      Арай биирдэ түүн хоспут аанын дибдийбиттэригэр туран көрбүтүм, биир байыаннай таҥастаах саха уола ис ырбаахынан турар убайбын кытта тугу эрэ ботур-ботур кэпсэтэллэр. Быһыыта, кинини бэрэбиэркэлии киирбит.

      Мин быыс кэнниттэн тахсан кэлбиппэр:

      – Бу дуо балтыҥ? – диэн ыйытта.

      Онтон тохтуу түһэн баран мин докумуоммун көрдөөн ылла Уол сэриигэ сылдьыбыт быһыылааҕа, тыла-өһө олохтооҕо, туттара-хаптара холкута хайдах эрэ миигин биһирэппитэ.

      Тахсыбытын кэннэ убайым:

      – Ити арыычча киһилии милииссийэ. Атын буоллар эйигин манна олордорбун бобуохтаах этэ. Хата, үүрбэтэ дии… Эн кинини кытта куттаммакка үчүгэйдик кэпсэтэр буол, кини миигин бэрэбиэркэлиир эбээһинэстээх, – диэтэ.

      Ити итинэн ааста. Биирдэ почтабар телеграмма тута олордохпуна ханна эрэ истибит куолаһым түн- нүк нөҥүө саҥарар. Төбөбүн көтөхпүтүм, били милииссийэ уол турар. Мин билэр киһибин көрөн тоҕо эрэ олус үөрдүм. Ити кэмнэргэ Клим алыс арыгылаан, ардыгар дьиэ кирилиэһигэр олорон хонорум. Онон кэпсэтэр киһи көстүбүтүттэн үөрдэҕим буолуо, «туох сонуннааххын?» диэн сахалар көрсөөт ыйытар ыйытыктарын биэрдим. Уолум эмиэ үөрбүт курдук тута кэпсэтэн